Перевод с якутского
эттээ
туохтуур
Нууччалыы рубить, разрубать мясо, дичь
English second-person singular imperative of эттээ-
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Эти кырбастаа, быһыта оҕус (быһаҕынан эбэтэр сүгэнэн)
Нууччалыы Рубить, разрубать мясо, дичь
Учуутал хоһугар атах эти сүгэнэн эттээн биллиргэтэллэр. Амма Аччыгыйа Киһилэрэ үрэх көҥүһүттэн икки моонньоҕону тиэрэ тэптэрэн, үргээн, эттээн күөстээбит этэ. ЛНН АДь. Улахан кыылы бултаатахтарына өбүгэлэрбит кыыл уҥуоҕун алдьаппат туһугар быһаҕынан сүһүөхтэринэн аҕыс мүһэҕэ арааран эттииллэрэ БББ
2 туохтуур #
ан өлбүтүн билээри өлүгү бысталаан көр
Нууччалыы Анатомировать (труп)
Улуу худуоһунньук, инквизиция уордайар кутталыттан кэрэйбэккэ, кистээн өлүктэри эттээн көрөрө. АЕВ ОҮИ. Аҕыйах хоноот, өлбүт киһини эттииргэ Дьокуускайтан луохтуур уонна сэтээтэл тахсыбыттара. В. Короленко (тылб.)
3 туохтуур #
Кими эмэ күүскэ охсуталаа, кырбаа
Нууччалыы Наносить побои кому-л., бить, избивать кого-л
"Төттөрү этэрдээх буоллаҕына, сирэйин эттээн баран, үүрэн кэбис!" – диир Арамаан. Амма Аччыгыйа [Сиидэркэ] оҕуһу күрүө тоһоҕотунан харса суох эттээбит. И. Гоголев [Чысхаан] били киһитин бокуойа суох аҥаар илиитинэн хабарҕатыттан ылан баран, эттээбитинэн барда В. Чиряев
4 этии #
Этиилэр
Сирэйин эттээ көр сирэй
Сымыйаччы киһини сирэйин эттээн биэрэр эмиэ майгы быһыыта. И. Гоголев
5 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ төлөбүргэ, харчыга уларсык биэр (көлөнү)
Нууччалыы Давать кому-л. напрокат что-л. (напр., рабочий скот)
Бүлүүлээн иһэр дьоҥҥо икки көлүүр атын эттээтим. Мэхээлэлээххэ дэлби чэйдээн, [табаларбын] эттээн кэллим
Суорун Омоллоон