ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эҥийэ

аат тыл

Нууччалыы покатость, скат, склон возвышенной местности

1 аат тыл #

Үрдүк сир эниэтэ, иҥнэри ньуура

Нууччалыы Покатость, скат, склон возвышенной местности

  • Эмпэрэлээх күөл эҥийэтиттэн Эмискэ кустар көтөллөр. Эрчимэн. Күн сардаҥата бастаан сис хайалар эҥийэлэрин саба тибиирбитэ. Ойуку. Аарыма буурдар маарга түспэккэ хайа эҥийэтинэн дыабаһан эрдэхтэринэ, -- биир чыпчылҕан түгэнигэр биэстэ ытан субурутта
    ХС

2 аат тыл #

Дьыл-хонук эргэтэ, бүтүүтэ

Нууччалыы Вторая половина, окончание, конец какого-то периода времени

  • Былыргы дьыл мындаарыгар, Урукку дьыл улаҕаатыгар, Эргэ дьыл эҥийэтигэр -- Кыладыкы эбэ хотун диэн Сириэдийбит-сиппит эбит.
    П. Ойуунускай
  • Олоҕун үтүөтүн олорон бараан эрэр, инники күүтэринээҕэр кэннигэр хаалларбыта баһыйар буолбут, кыһарҕаннаах кырдьар саас бэтэрээ эҥийэтигэр үктэммитин бэйэтэ да билинэр
    Кыым

3 этии #

Нууччалыы Небосклон, край неба

Этиилэр

Халлаан эҥийэтэ

халлаан саҕаҕа, халлаан намтаан сири кытта силбэһэр уһуга Эҕэрдэлээх илин халлаан эҥийэтин диэкиттэн сиэр сылгы сиэлин кутуругун силэйэ туппут курдук, сиэл-дьаҕыл аартык силэллэ түстэ.

  • [Күн] намтаан киирэн эрэр сиринэн халлаан эҥийэтэ көмүстүү ыыс-араҕас өҥнөммүтэ.
    В. Протодьяконов
  • Илин халлаан эҥийэтиттэн быган тахсан иһэр чараас, быһыттаҕас былыты күн кыһыл көмүс саһарҕатынан дуйдаата.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тув. эге ʽначалоʼ

«Э» буукуба