ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эҥсэлий

туохтуур

Нууччалыы протекать, впадать с большой силой и шумом

1 туохтуур #

Дибилийэ, тыастаахтык уһун, сүүрүгүр

Нууччалыы Протекать, впадать с большой силой и шумом

  • Хайа тэллэҕин батыһа сүүнэ дириҥ көҥүс эҥсэлийэн түһэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Халыма] Айанын тосхолунан эҥсэлийэн, Акыйааҥҥа тиийэн суккуллар.
    И. Федосеев
  • Хайаттан хайаҕа сааллан, эҥсэлийэ уста турда [хайа үрэҕэ]
    Кыым

2 туохтуур #

Киһи уйулҕатын таарыйар уһун, эҥсиилээх саҥаны, дорҕоону, тыаһы таһаар, эҥсиилээхтик дуораһыйа тарҕан

Нууччалыы Издавать тревожно-протяжные звуки, звучать грустно, жалобно (о музыке); выть, завывать (о волке, ветре)

  • Таһырдьа хабыс-хараҥа этэ, тымныы тыал эҥсэлийдэ, от-мас ытаан-соҥоон суугунуура.
    Н. Якутскай
  • [Бөрө] аттыгар олорон эҥсэлийэ улуйда.
    И. Гоголев
  • Муусука эҥсэлийэр. Сүрэх улуу кутурҕанынан туолар.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (4)
  • Борохуот тохтуур. Миша хаһан да истибэтэх хаһыыта хаста да төхтүрүйэн эҥсэлийдэ
    ПНИ ОСОТ
  • Улаханнык саҥа таһааран сулана-сулана, ынчыктыы-ынчыктыы ытаа-соҥоо. Θ Горько плакать, стонать, причитать. Остуолга бүк түһэн, кыатана сатыы-сатыы, ытаан барда, кыатаммакка, ис-иһиттэн эҥсэлийэн, саҥа таһааран бөтүөхтээтэ.
    П. Аввакумов
  • Оо, төрөппүт ийэ барахсан ис-иһиттэн эҥсэлийэр ыар ынчыгын истэртэн ордук ыарахан аан дойдуга ама туох баар буолуой! КИ АДББ. "Кимнээх буолан кимим быыһыай, күн-дьыл буолуой? Аанай-туонай абаккабын даа!" – дьахтар эҥсэлийэн ытыыр саҥатын силлиэ саба охсор. СҮ
    К. Ср
  • калм. еҥсэ ʽплакать, кричать, стонатьʼ

«Э» буукуба