ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эҥээрит

  • эҥээрий диэнтэн дьаһ. туһ. "Дьиикэй табаны хоту дойдуга биһиги кыыл диэн ааттыыбыт, – халымалардыы эҥээритэн сыыйа кэпсиир Лааһар.
    Далан
  • Былыта суох тымныы, дьыбардаах түүн туруйалар хаһыытаһалларын ой дуораана үс төгүл улаатыннарар, кый баһынан эҥээритэн илдьэр.
    Н. Якутскай
  • Кинини батыһан дьоннор тоҥолох-тоҥолохторуттан тутуһан, дубук-дубук, олдьу-солдьу үктээн күөгэлдьитэ-күөгэлдьитэ, эҥээритэ туойдулар. А. Бэрияк

«Э» буукуба