Перевод с якутского
үллэй
туохтуур
Нууччалыы возвышать бугром, холмообразно на ровной поверхности
1 туохтуур #
дьүһ. туохт. Көнө сиргэ томтойон, логлойон көһүн
Нууччалыы Возвышать бугром, холмообразно на ровной поверхности
Туох ааттаах улахан маҕана иҥнэн үллэйэ сытарый дии санаабыым, кырса буолан соһутта. "Кыым". [Күөл] тула өттө бүтүннүү манчаары отунан үллэйэн олорор. Эрилик Эристиин Витя улахан киэҥ, ыраахтан үллэйэн көстөр от отууга кэлэн, сүгэһэрин түһэрдэ Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Төгүрүйэн, үллэн тахсыбыт курдук буол
Нууччалыы Быть, казаться вздутым, раздутым
"Бу үллэйэ сытыйбыты көр эрэ!" - эмээхсин хаһыы былаастаах саҥарда. Болот Боотур Саҕынньахтаах, үллэйбит табаһыта арай: "Уой, туох абааһы киһитэй! Киэр бар... " - диэбитэ, оҕолуу намчы саҥа иһиллибитэ. Н. Габышев Хараҕын саппыт халтаһалаах, Халыйан түспүт хаһалаах Үллэйэ уойбут оҕонньор Өрө көбүөхтүү олорор Ф. Софронов