ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үллэҥнэт

Нууччалыы взъерошивать большую массу чего-л. рыхлого, взлохмаченного

1 #

Туох эмэ олус элбэҕи, хойууну (хол., оту) өрө сахсаҥнат, бураллаҥнат

Нууччалыы Взъерошивать большую массу чего-л. рыхлого, взлохмаченного

  • үллэҥнээ диэнтэн дьаһ. туһ. Дьэ, хотуой, Эппит тылбын умуннаргын эрэ Эккиттэн-хааҥҥыттан иэстиэм буолуо. Үрүҥ үөһү Үллэҥнэтэ оонньуом, Баҕа бөҕөнү Бахчаҥната көтүтүөм.
    П. Ойуунускай
  • Балаҕан ыйын саҥатыгар кыстык хаар түһэн үллэҥнэтэн барда.
    П. Филиппов
  • Тырамбаай долгуну үллэҥнэтэн кытылга хоруйа анньан таҕыста. Т. Нутчина
Өссө холобурдар (3)
  • Бэһиэлэйэп дьиэтин анныгар дьон от кэбиһэн үллэҥнэтэн эрэллэр эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Дудников атыыһыт бирикээсчигинээн иккиэ буолан, харчыларын ааҕан үллэҥнэппиттэрэ.
    Н. Якутскай
  • Ийэлээх аҕата оҕолорун үөрэ-көтө көрүстүлэр, түүлэҕин хостоон үллэҥнэттилэр
    Чолбон

2 #

Олус омуннуран, ыһа-тоҕо кэпсээ

Нууччалыы Рассказывать о чем-л. преувеличивая, с жаром, живо

  • Холкуостаах уолаттар Иэттээнэп ити быһылааннарын икки-үс төгүл эбэ-эбэ кэпсээн үллэҥнэтэллэрэ.
    В. Титов
  • [Эр дьон] түмүстэхпитинэ, үллэҥнэтэн түһэн сэһэннээх-ыаһахтаах дьоммут ээ.
    Э. Соколов
  • Биһиги туспутунан бука, кэпсээн бөҕөнү үллэҥнэтэр киһи буолуо
    М. Доҕордуурап

3 #

Элбэх харчыны, элбэх харчыга, үпкэ тигис (омуннаан этии дэгэттээх)

Нууччалыы Заиметь много денег, получить большой доход (с оттенком преувеличения)

  • Дьэ, биһиги хайаатар даҕаны куһаҕан тыын буолан, Бырдаахап баайын үллэҥнэтэрбит буолуо.
    Н. Неустроев
  • Ньиэп, гаас курдук үрдүө суох үбү үллэҥнэтэр сиртэн хостонор баайдары кинилэр бас билэллэр.
    Е. Неймохов
  • Дохуот бөҕөнү үллэстэн үллэҥнэтэн бардылар
    М. Доҕордуурап

«Ү» буукуба