Перевод с якутского
үллэһик
аат тыл
Нууччалыы дележ, дележка, раздел, распределение
English partition
1 аат тыл #
Тугу эмэ чаас, өлүү араартаан түҥэтии
Нууччалыы Дележ, дележка, раздел, распределение
Оттон мин көлүөнэбэр Тура илик памятник, Албан аат үллэһигэр Үтүрүһэр сэмэйдик. И. Гоголев "Дохуоттарын үллэһигэр, бириэмийэлэрэ эҥин хайыырый?" – Григорий Данилович чуолкайдаһарын тохтоппото. Р. Баҕатаайыскай Тардыы түһүүтүгэр, кинээс талыытыгар, сир үллэһигэр бэйэ-бэйэлэрин утары этиспэт этилэр Н. Павлов
2 этии #
Нууччалыы Административно-территориальное деление
Этиилэр
Административнай үллэһик
ханнык эмэ дойду, государство нэһилиэнньэни олорор сирдэринэн салайар уорганнара хабар территориялара (хол.
, Саха сиригэр нэһилиэк, улуус дьаһалтата) Иккис аан дойду сэриитэ саҕалана илигиттэн Гитлер уонна кини хос моонньохторо Сэбиэскэй Сойуус сирин-уотун административнай үллэһигин оҥорбуттара. К. Турсункулов (тылб.)
3 этии #
Буор үллэһик буор түҥэтик диэн курдук (көр буор). Мантан инньэ, эһиил эҥин, буор үллэһик буолуо. Н. Павлов. Маннык буор үллэһик түмүгэр били I Өспөх нэһилиэгин оттонор сирин үс гыммыттан иккитин ылан олорбут биэс баай Афанасьевтар бас билэр сирдэрэ олус улаханнык сарбыллыбыт. БИГ ӨҮөС.
Нууччалыы Разделительные числительные
Этиилэр
Кылаан түҥэтик (үллэһик) көр кылаана
Ол хамыыһыйа нэһилиэк үрдүнэн кылаан (түү) үллэһиги ыыппыта, онно баайдартан элбэх от быһыллыбыта уонна дьадаҥыларга бэриллибитэ. БИГ ӨҮөС. Үллэһик ахсаан аат. – түҥэтиигэ (үллэриигэ) предмет хастыы тиксэрин көрдөрөр, хастыы? төһөлүү? диэн ыйытыыларга хоруйдуур ахсаан аат