ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үлүй

туохтуур

Нууччалыы обмораживаться

English to be frostbitten

1 туохтуур #

Нууччалыы обмораживаться

English to be frostbitten

  • илиим үлүйдэ
    у меня обморожена рукаmy hand is frostbitten
  • атаҕа үлүйбүт
    нога у него обморозиласьhis leg has gotten frostbite

2 туохтуур #

Тымныыттан улаханнык тоҥ

Нууччалыы Мерзнуть, коченеть на сильном морозе

  • Кыһын буоллаҕына дэлби үлүйэр үһү, онон тахсыһан, ол оҕонньорго эмээхсинин сирдээн кыстаабыт.
    Эрилик Эристиин
  • Атаас, ааҥҥын аһа тарт, Буурҕа баттаан үлүйдүм.
    А. Абаҕыыныскай
  • [Өкүүчэ] Таас Дьааҥы ырҕа баайдарыгар Таҥас сууйан аһаабыта, Дьыбардаах, тымныы уорааннарыгар Дьагдайан, үлүйэн улааппыта
    С. Васильев
Өссө холобурдар (3)
  • Этиҥ ханнык эмэ өттө улаханнык эмсэҕэлиир гына тоҥ. Θ Повредить (часть тела) при охлаждении, морозе, обморозиться. Үлүйбүт тарбахтара аһыйарын бобо тута сатыы-сатыы, Бүөтүр кэнниттэн хааман истэ.
    Эрилик Эристиин
  • Дуунньа аҥаар атаҕын үс тарбаҕа үлүйэн, сытыйбыт хортуоска курдук харааран-харааран баран, ууллан түһэн хаалбыттар диэни урут истибитим.
    С. Маисов
  • Кини тарбахтарын төбөлөрө, кулгаахтара үлүйбүттэр
    И. Бочкарев

3 туохтуур #

Тымныыга, хаһыҥҥа оҕустаран, кэҕин, ас биэримэ (хол., оҕуруот аһа, бурдук)

Нууччалыы Прихватывать морозом, замерзнуть (напр., огородные растения, хлеб). [Таня:] Бурдук манна үүнүөн сатаммат

  • Үлүйүөн эрэ сөп. Л Попов. Саатар сис тыаҕа, кырдалга сир аһа Сибэккилээн иһэн үлүйэн бүттэ.
    И. Егоров
  • Хомуур саҕана хортуоппуй ардыгар үлүйэр
    ПВА ССССБ

«Ү» буукуба