Перевод с якутского
үрдэт
этии
үрдээ диэнтэн дьаһ. туһ. Саллар саас тухары олоххо Саханы үрдэтиэ олоҥхо: Кэс тылбыт кэскилин көрдөрүө, Кэхтибэт кэрэтин сөхтөрүө. Күннүк Уурастыырап Сыананы үрдэппиттэр дьону албыннаабыттар дииллэр. Болот Боотур Кыһыҥҥы өттүгэр турнепсынан, сиилэһинэн, туустаах тиэстэнэн, араас аһылыктарынан үүт ыамын үрдэппиттэрин туһунан Биригэдьиир Таня сиһилии ырытта. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Ол кыра үлэттэн, завхозтан куһаҕан киһини начаалынньык оҥорботохторо буолуо ээ. Бука билэн үрдэппитттэрэ буолуо. Д. Таас
Этиилэр
Куоласкын үрдэт
куоласкын сонот диэн курдук (көр куолас I) Врач төһө даҕаны барыларыгар мэлдьи үрдүк көрдөбүлү туруордар, биирдэ эмэтэ куолаһын үрдэппэтин үрдүнэн, кини иннигэр сиэстэрэлэр сүүрэ-көтө сылдьааччылар.
Н. Лугинов.
Кинээс, тохтоо эрэ!
диэн Сергей Иванович куолаһын үрдэппитэ.
И. Федосеев