ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үскэм

даҕааһын

Нууччалыы обильнее, рослее других

1 даҕааһын #

даҕ

2 даҕааһын #

Атыттартан уһулуччу өлгөм, бөдөҥ төрөлкөй (үүнээйи туһунан этэргэ)

Нууччалыы Обильнее, рослее других (о растениях)

  • көр үскэл. [Ньургун Боотур] Чаллах арыы тыаны Чанчыгын аннынан хаалларар, Үрдүк үөлэн тииттэри Төргүү мутуктарынан Төбөтүнэн охсуллар, Үөлэн быһыылаах, Үскэм уҥуохтаах.
    П. Ойуунускай
  • Сотору буолан аанын арыйа тардан, сүрдээх үскэм, улахан эмээхсин тахсан кэллэ.
    Болот Боотур
  • Барҕа үйэ быччыҥа, Буксуур тимир мотуорун Өрүөбэккэ үлэлэппит, Үрдүктэри ситиспит, Үүнэр үскэм уолаттар, Үгүс элбэх сирдэртэн үмүөрүспүт эбиккит. С. Зверев
Өссө холобурдар (3)
  • Үскэм үүнээйилээх, өлгөм сөлөгөйдөөх, Илгэ быйаҥ эркиннээх, Кэтит быйаҥ кэһиилээх, Уйгу быһаҥ олохтоох, Үгүс элбэх уулаах Үс үллэр үөстээх -- Өлүөнэ эбэм барахсан. Саха нар. ыр. I. Маҥан атым күннүгэ, Массыына охсор күдэҕэ Уолба-ньүөлү олоҕун Уһун үскэм отторун, Килэччи охсон кэбиспит, Кирээдэ курдук тэлгэппит.
    С. Васильев
  • Бу үскэм отунан күөгэйэ турар уйаара-кэйээрэ биллибэт сиргэ хаһан да суха суола түспэтэҕэ.
    ХС
  • Өлгөм үлэни үлэлиибит Үгүс сүөһүнү үөскэтэбит, Үскэм быйаҥ тахсыылаах Үүнүүнү үүннэрэбит
    УуУЛ

«Ү» буукуба