ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үтэлэн

туохтуур

Нууччалыы взять с собой провизию

1 туохтуур #

Суолга, үлэҕэ сиир аста ылын, үтэлээх буол

Нууччалыы Взять с собой провизию (в дорогу, на работу)

  • Алдан, Амма түбэтиттэн, Аҥаат-муҥаат үрэхтэртэн Талыылардыын тардыалаһа, Чулуулардыын чугуулаһа Отон-сугун өйүөлэнэн, Үүттээх сүөгэй үтэлэнэн кэллибит
    Н. Босиков

2 туохтуур #

Күүһүрбүт эрчимирбит курдук буол, өрө көтөҕүлүн (хол., үөрүүттэн)

Нууччалыы Быть в приподнятом настроении, чувствовать себя бодрее (от радости)

  • Оол онон, үрэх үрдүнэн, үөл үөттэриҥ үмүөрэ үүммүттэр, – дииргэ дылылар кини үөрүү кыыма үтэлэнэн үрдүгү, ырааҕы көрөр кыраҕы харахтара.
    С. Федотов
  • Чараас сүрэҕим иэйиитинэн Санаа сырдыгын үтэлэнэн, Эн үрдүк ааккын ааттаан Кэллим тылбын бырааптаан
    Чэчир-80

«Ү» буукуба