Перевод с якутского
үҥсээччи
аат тыл
Нууччалыы истец, жалобщик, податель иска
аат тыл
Тугу эмэ ирдэһэн суукка үҥсүү түһэрэр киһи
Нууччалыы Истец, жалобщик, податель иска
Кыра дьон өттүттэн Степан диэн үҥсээччи көстөн кэлбит. Эрилик Эристиин Билигин үҥсээччи быраап буолар үйэтэ үүннэ, үҥсүллээччи түөн саҕа айыыта суоҕа дакаастаннаҕына да, үҥсээччи син биир ханнык да буруйга-сэмэҕэ тардыллыбакка хаалар. Е. Неймохов Суут аһыллыбыта: судьуйа үҥсээччилэр уонна туоһулар ааттарын-суолларын, саастарын, олохторун илгэтин, тугу-ханныгы үэлииллэрин ыйыталаата А. Бэрияк