ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үүт

аат тыл

Нууччалыы молоко.

English milk

I

1 аат тыл #

Үүтүнэн иитиллээччилэр тыһылара уонна дьахтар оҕолоннохторуна, эмиийдэригэр үөскүүр маҥан өҥнөөх убаҕас. Ити убаҕаһы саҥа төрөөбүт оҕолоро эмэн аһыыр

Нууччалыы Молоко. Чаҥкычаҕы дьаабылаабыт, Туйахха тууһурбут, Көлбөҕүнэн көппөйбүт, Үүтүнэн үлсэммит. Өксөкүлээх Өлөксөй. Тыый, доҕоор, аччыктыахпыт диэтэҕиҥ дуу? Ол аҥардас ынах үүтүнэн эрэ олоруохпут дуо? Күндэ. Сытынан дыргыйар Сылаас үүт барахсан, сыыйылла тыгыалыы, Күүгэнэ күрүлээн, Күүгүнүүр тыаһыттан Күндүнү булбаппын. Күннүк Уурастыырап. Үүтүн тохпут оҕо курдук – туох эрэ оччо улахан суолтата суохтан санаарҕаабыт, хомойбут, арбы-сарбы буолбут көрүҥнээх киһини этэллэр. Подобно тому ребенку, которое разлило свое молоко, т. е. сильно огорчаться, унывать из-за не очень существенного. [Алааппыйа:] Тукаам, тоҕо үүтүн тохпут оҕо курдук буоллуҥ? А. Софронов. Ити күнтэн ылата – Хочуон үүтүн тохпут оҕо курдук сырытта. И. Оконешников. Харахпар (хараххар) ким да үүт ыгыа суоҕа – онно (туора дойдуга) ким да мин (эн) тускар кыһаллыа суоҕа. Там (в чужбине, чужом роде) никто не позаботился бы обо мне (тебе). Кинээс Дьаакып даҕаны биһиги харахпытыгар үүт ыкпат этэ. А. Софронов. Үүт анна – үрдэ (сүөгэйэ) холбуллубут эбэтэр сэппэрээтэрдэммит үүт. Обрат. Оҕустар туруктара үчүгэй. Нуормалаах аһылыктарын таһынан гидропоннай үүнээйини сиэтэллэр. Үүт аннын иһэрдэллэр. "Кыым". Үүт көлүйэ (көлүччэ күөл) фольк. – олонхоҕо айыы аймахтара, үрдүк айыылар сөтүөлүүр үүт күөллэрэ. Молочное озеро, в котором купаются в олонхо высшие племена. Эмээхсин: "Биһиги сөтүөлүүр үүт көлүйэбитигэр сөтүөлээн, суунан, салгылаан кэл", – диир. Саха фольк. Хотун -- Хонуу биитин курдук хонолдьуйан-хотолдьуйан, Үрүмэтийэн көрбөт Үүт көлүйэтигэр киирэн, Умсаах кус курдук Умсан таһыгыраата. П. Ойуунускай. Үүтүнэн иитиллээччи – оҕолорун эмиийдэрин үүтүнэн аһатан, улаатыннарар харамайдар (ол иһигэр киһи эмиэ). Млекопитающие. Үүтүнэн иитээччилэр тоноҕостор кылаастарын ордук уустук оҥоһуулаахтара. ШВФЗ. Федялаах Юра Ираҕа саамай түргэнник көтөр кынаттаах уонна ордук дириҥник умсар, үүтүнэн иитиллээччи кыыл тустарынан истибиттэрин киллэртэрбиттэрэ. "ББ". Үүт кэрэ – үүт курдук өҥнөөх, биллэ-биллибэттик саһарымтыйан көстөр маҥан (сылгы дьүһүнүн этэргэ). Белый с желтоватым оттенком (о масти лошади). Быгык Хантаха ыһыахха үүт кэрэ аты миинэн кэлбит. Саха сэһ. I. Үүт омуһаҕа – ыаммытынан үүтү сойута (үрүт туруора) уурар оҥкучах. Погреб для хранения молочных продуктов. Үүт омуһаҕа хастар, хатыҥынан хаһыы мааччах оҥостор, биирдии буут истээх үс улахан туос ыаҕаһы тиктэрэр. Н. Неустроев. Остуоруйаҕа ойуулуулларын курдук, бур-бур буруолаах буор балаҕан ытыс саҕа тиэргэнигэр Тыаһыт ийэтэ, Маайа, үүт омуһаҕын таһыгар чабычахтаах үүтүн холбуйа турара. Л. Попов. Үүт сыата – үүккэ баар арыы бырыһыана. Жирность молока. Бэйикэй, күннээн эриҥ, үүккүт сыатын бырыһыана намыһах буоллаҕына, тугу хоргутуоххутуй, биллэртиэм, – диирэ Гера. П. Аввакумов. Үүт сыата – бородууксуйа табаарынай сыаннаһын сүрүн көрдөбүлэ. "Кыым". Үүт үрдэ – ыаммытынан үүтү үүт омуһаҕар уган туруордахха үрдүгэр сүөгэйэ мустара. Сливки на цельном молоке, поставленном на прохладном месте, напр., в погребе. Үүт үрдүнүү тунаарыҥнаан, Үрүҥ түүммүт күрэммитэ Имэ кэйэн илин халлаан Отуу уотунуу сирэлийдэ. С. Тимофеев. Көрүүй, ийээ, билигин даҕаны Кыынньар кымыһын уохтааҕын сөхтүм, Үрүҥ илгэни түстээри аны Үүтүҥ үрүтэ элбэҕин көрдүм. И. Егоров. Үүт-хаар – үрүҥ ас, үүт аһылык (үүт аннын, бөлөнөҕүн о. д. а. киллэрэн туран). Молочные продукты (включая обрат, кислое молоко и т. п.). Үүккэ-хаарга баҕалаах Үгүс кыра тыынньалаах, Кырыымчыктык олорор Кыһалҕалаах дьахталлар Хайа эмэ ынахпыт Хамсатаарай, баҕар, диэннэр, -- Кэтиир-маныыр буоллулар. Күннүк Уурастыырап. Били тута биэрэр үбүн кыра чай, табах сыыһынан, буотарагынан, үүтүнэн-хаарынан, торучча ылбыт бурдугунан, олору барытын иккилии сыананан биэрэн толорон истэ. Бэс Дьарааһын

II

2 аат тыл #

Туохха эмэ баар (иһирдьэ киирэр, курдаттыы тахсар) эбэтэр анаан хаһан оҥоһуллубут хайаҕас, дьөлөҕөс, оҥхой

Нууччалыы Отверстие, дыра; ушко

  • Иннэ үүтэ. Куонньай үүтэ.
  • Даарыйа эмээхсин Микиитэлиин кыттыгас ортотунан сэттэ төгүрүк үүт кэккэлэспит: ол нэдиэлэ хонуктара.
    Амма Аччыгыйа
  • [Кынчаайап] ону сиэрдийэни суллуу суора-суора, Остуолба үүтүгэр симэр.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (19)
  • Кэлэр сирэ кэлии үүтэ, барар сирэ баҕана үүтэ – барар-кэлэр быыһанар, куотар суол суох. Θ Безвыходное положение. Барар суолгут баҕана үүтэ буолан бараннын, кэлэр суолгут кэлии үүтэ буолан бүөлэннин.
    Н. Якутскай
  • Кэлэр сирин Кэлии үүтэ гынан кэлгийдилэр, Барар сирин Баҕана үүтэ гынан бааччайдылар.
    С. Зверев
  • Үүт харахха – оруобуна, уот харахха. Θ Точно; ровно в точку. Дьэргэ: "Оо, кырдьык, соҕотохто холорук туран, хаары өрө ытыйан эрдэҕинэ, ууга эрэ баар буолан хаалбыппыт", – диэбитин -- итэҕэйэннэр, ойуун үүт харахха көрбүтүн сөхтүлэр.
    ББ
  • [Антипин:] Байбал кырдьаҕас, бэйэлээх куоттарыаҥ дуо? Үүт харахха түбэстиҥ.
    ХС
  • Хараҕын үүтэ көстүбэт буолла – олус улаханнык кыыһырда, атаҕа сири билбэт буола кыыһырда. Θ Он очень рассердился, разгневался, он вышел из себя. [Сүөкүлэ:] Ити остуол анныгар сыыһы көрбөккө хааллардыҥ дии. Быһыыта, ол Баанньыскаҕа иирэн, икки хараҕыҥ үүтэ көстүбэт буолбут.
    А. Софронов
  • Ааныс соһуйда, туох да сүрдээхтик киҥэ холунна. Икки хараҕын үүтэ көстүбэт буолла.
    Күндэ
  • Чэ, ээх, аргыый бэлэстэт! – Ира кыһыытыттан хараҕын үүтэ көстүбэт буолла.
    А. Федоров
  • Үүт (сүдьүгэс, остуолба) күрүө (бүтэй) – күрүө буолар маһы сиргэ хаһан олордуллубут баҕана үүттэригэр уган оҥорбут бүтэй (күрүө). Θ Столбовая изгородь, изгородь на столбах. Ити кэннэ бу турар оҕо киһи аата-суола кимий? – диэтэххинэ, үс үүт бүтэй үрдүнэн көстөр Үрүмэччи маҥан аттаах Үрүҥ Уолан диэн ааттаах киһи буолар. Ньургун Боотур. Үүт бүтэй ааныгар бороҥ ырбаахылаах, эмиэ оннук өҥнөөх хортууһу иҥнэри тардыммыт, сүкпүт киһи кэлэн тохтоото.
    А. Сыромятникова
  • Үүт им – сылгы кулгааҕын дьөлө быһан (үүттээн) бэлиэтээһин (имнээһин). Θ Вид метки на ухе лошади – круглая дырочка. Алта хаардаах маҥан ат, уҥа кулгааҕар үүт имнээх. Үүтэ-аана бүөлэннэ (кыраата) – барар-кэлэр сирэ суох буолла муҥур уһукка тиийдэ. Θ Попал в безвыходное положение. Ыстапаан үүтэ-аана эбии кыараан истэ.
    И. Никифоров
  • Ити үлэни тэрийиини улахан кэпсэтиинэн, айдаан бөҕөнөн ситистиҥ дии. Утарсыбыт дьонноруҥ төһө үүттэрэ-ааннара бүөлэнэн сөбүлэспиттэрин иннигэр, кинилэр кэтэх санаалаах буолуохтара.
    В. Протодьяконов
  • Үүтү-ааны барытын билэр – киһи киириилээх-тахсыылаах, сытыы-хотуу, билэр-көрөр киһи. Θ Человек, знающий все ходы и выходы, проныра. Иванов үүтү-ааны барытын билэр киһи, кыһаллыма, хаайтарыа суоҕа. Үүт-маас (биир) – оруобуна, туох да атына суох (биир), үүт-үкчү. Θ Совершенно одинаковый, идентичный точь в точь. Ытык сэргэтин да оҥоһуута барытын киэнэ үүт-маас биир буолбат эбит. БС Маа. Борокуоппай ол чабырҕаҕы үүт-маас сүһэн ылан, дьонтон эмиэ биир туспа сэҥээриини ылара. ДьДьДь. Үүт тураан аат. – туох да аймааһына, барыыта-кэлиитэ, тыаһа-ууһа суох, холку, чуумпу. Θ Спокойный, тихий, бесшумный (без шума, суеты). Үчүгэйиэн хоту дойдум Үүт-тураан киэһэтэ, Үрүмэ салгын хойдон, Үрүлүйэн кэрэтэ!
    Л. Попов
  • Биир дэхси үчүгэй, олус үүт тураан чуумпу олоҕу олорбут киһи, бука, ахсааннаах буолуо.
    С. Никифоров
  • Күн былыкка суунан киирдэ – Үтүөкэн күн сарсын үүнүө. Түптэ буруотунан өрүкүйдэ Үүт-тураан үрүҥ түүнүм.
    М. Ефимов
  • Үүт-үкчү (биир) – оруобуна ким эрэ курдук, туох да уратыта суох. Θ Точь в точь, вылитый. Өрүүсэ, эн бүгүн үүт-үкчү аҕаҥ, курдук буолбуккун. Анньыыска сыта да эйиэхэ хаалбатах.
    А. Сыромятникова
  • Ити мин алҕас оҕустум. Атахтарыҥ үкчү көҕөн курдуктар. Уонна эн үүт-үкчү көҕөн курдук саҥараҕын ээ, – диэн киһибин көнньүөрдэ сатаатым.
    Т. Сметанин
  • Үүт-хайаҕас бул – күчүмэҕэй ыарахан балаһыанньаттан тахсар, быыһанар суолу бул. Θ Найти выход из затруднительного положения. Дьыаланы хайдах тэрийэр үүт-хайаҕас була, суол-иис тобула, оҕонньор куораттаабыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Урут өр сыл колхозка председателлии сылдьыбыт буолан, сорох эдэр дьоннордооҕор үүтү-хайаҕаһы булан сылдьарбын колхоз дьаһабыллара билэллэр.
    С. Ефремов
  • Үүт харахха түһэр (түбэс) – үүт үкчү буол, туох да уратыта суох буол. Θ Совпадать точь в точь. Бу чааһынай норуот кэпсээнэ, төһө да 286 сыл аастар, докумуону кытта адьас үүт харахха түһэр.
    Саха фольк
  • Горькай кэриэс-хомуруос тылларыгар үүт-харахха түбэһэр айымньы, хайдах эрэ түбэһиэхчэ, бэйэтинэн тахсан кээлтэ буолуо дииргэ кэрэгэйгэ дылы
    ФЕВ УТУ

«Ү» буукуба