ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үһүө

сыһыат, аат тыл

Нууччалыы трое, втроем

I

1 аат тыл #

хомуур ахс. аат. Үс буолан

Нууччалыы Трое, втроем

  • Биирдэ хоту Дьааҥыттан тоҥустар үһүө буолан төрдүһүн Кыбый-Табый диэн удаҕаннаах бу дойдуга Бэрт Хараҕа көрүлүү, оонньуу киирэллэр.
    Саха фольк
  • Балтыбыныын, бырааппыныын үһүө буолан ханнык эрэ наадаҕа эргэ балаҕаҥҥа бардыбыт
    Т. Сметанин
II

2 #

эб. Этиллэр санаа төттөрү өйдөбүлүн бигэргэтиигэ эрэмньини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает уверенность в невероятности высказываемой мысли в плане утверждения ее противоположного смысла (вряд ли, едва ли, разве)

  • "Ыраахтааҕы куһаҕан, баайдар батталлаахтар", - диэн кытарыҥныырын Бобров хааллара охсубут үһүө.
    Амма Аччыгыйа
  • Учуутал киһи сымыйалаабыт үһүө. Софр. Данилов. Дьиэтиттэн-уотуттан үүрүллүбүт киһи үҥэр таҥараҕа үтүөнү саныыр үһүө
    А. Федоров
  • Күүһүрдэр, түмүктүүр, мэлдьэһэр суолталаах сыһыан тыллардаах, эбиискэлэрдээх, модальнай холбоһуктардаах, ыйытар тыллардаах контекска бигэргэтэр дэгэттэнэр. Θ В контексте с модальными словами, частицами, сочетаниями, вопросительными словами, имеющими усилительное, заключающее, отрицательное значение. Ээ, оттон аҕалбакка, кини бэйэлээх туох улахан наадаҕа кэлбит үһүө.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (10)
  • Оо, кэбис, киһи барыта кини курдук үһүө. Софр. Данилов. Хайа, тоҕо муналлар үһүө
    Күндэ
  • Этиллэр предмет бу баар уонна бастакы, иккис сирэйгэ турар туохтуурдары кытта туттуллар буоллаҕына, ордук эрэллээх, риторическай ыйытыыга чугас дэгэттэнэр. Θ Когда предмет речи налицо и частица примыкает к глаголам первого и второго лица, приобретает оттенок приближающийся к значению риторического вопроса. Хаһан да умнар үһүбүөт.
    А. Софронов
  • Буруйдаах үһүбүөн билигин Эдэркээн уон аҕыс саастаахпар.
    П. Тобуруокап
  • Эһигиттэн хаалар үһүбүөн.
    Күндэ
  • Аласов сордоох, силлибэт сиргиттэн ама ылларбатах үһүгүөн! Софр
    Данилов
  • Ордук үһүс сирэйгэ турар уонна кэлэр бириэмэ буолар хайааһыны көрдөрөр туохтуурдары кытта саарбахтааһын дэгэттэнэр. Θ С глаголами третьего лица, действия которых представляется в будущем, имеет оттенок сомнения. Ама, буруйа суох ыраас киһини буруйдууллар үһүө.
    А. Софронов
  • Ол биһигинньиктэри кытта бу ыыспаҕа олорор үһүө.
    С. Ефремов
  • Баҕар, мааны киһи бэйэтин тылын толоруо. Ама, албынныр үһүө, - диир Сэргэй мунаарар курдук
    А. Федоров
  • Арыт үгэргиир-сэмэлиир дэгэттэнэр (намыһах интонациянан этиллэр). Θ Иногда имеет оттенок иронии и упрека (произносится с пониженной интонацией). Микиитэни субу көрбүт үһүбүөт.
    Амма Аччыгыйа
  • Аска кыһанаргар бу курдук сылдьар үһүгүөн
    Суорун Омоллоон

«Ү» буукуба