ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үөдэн

аат тыл

Нууччалыы нижний мир, преисподняя, ад

1 аат тыл #

миф. Аллараа дойду, абааһы дойдута

Нууччалыы Нижний мир, преисподняя, ад

  • Үөдэн айаҕа аһыллан туран оборон ыллын. ХИА КОВО. Кырынаас дьаарын курдук ыы-дьаар сыттаах өлүү үөдэн дойдутун кирбиитин үрдүгэр турар эбит. Ньургун Боотур. Аҕыс уон сааспын Аҥаарыйа туоламмын, Үрүт уҥуоҕум өҥкөйөн, Күрэҥсийэ дьүдьэйэн, Үөдэним үүтүн өҥөйөн, Өлөр күнүм бүрүүкээн Олордоҕум үһү, оҕолоор!
    С. Зверев

2 аат тыл #

үөхс. Абааһы, дьаабал, дирээн (үксүгэр сэнээн этэргэ)

Нууччалыы Дьявол, черт, бестия

  • Кырдьык даҕаны, кыыһырбычча да бу үөдэни кытта охсуһаары гынным. Оннооҕор буолуох бухатыырдарга илбистээх илиилэммэт этим. Ньургун Боотур. [Ойуун эдэр ойууҥҥа:] Үөдэн олус билээтимсийэн, киһиттэн төһө эмэ ордук ойуун буолан. "Чолбон". Чыс кутуйах үөдэн Чобоотук чыҥыргыыр, Чычып-чааптар үөрдээн Сылдьаллар лабахайдыы
    Баал Хабырыыс

3 этии #

Нууччалыы Выражение недовольства, сильной досады; соотв. пропади [оно] пропадом

Этиилэр

Ньүкэн түгэҕэ (төрдүгэр) көр ньүкэн

  • Үс Ньүкэн үөдэн түгэҕин дойдутун тоҕута тэпсэллэригэр тиийдилэр.
    Саха фольк
  • Чэй эрэ, түргэнник Үс Ньүкэн Үөдэн түгэҕэ дьиэҕиттэн тахса тарт! Ньургун Боотур. Илин эҥээргэ Дуолан хара диэн Ньүкэн Үөдэн түгэҕиттэн да күөрэйбитэ, Халлаантан да түспүтэ биллибэт Туйгун боотураат баар буолла.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. п.-монг. егүдэн "дверь"

«Ү» буукуба