Перевод с якутского
үөмэхтэс
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы сгрудиться, столпиться толкаясь вокруг кого-чего-л
1 туохтуур #
Ким-туох эмэ тула үтүрүһэ-үтүрүһэ элбэх буола мунньуһун, бөлүөҕүс, чөмөхтөс
Нууччалыы Сгрудиться, столпиться толкаясь вокруг кого-чего-л
үөмэхтээ диэнтэн холб. туһ. Сырдык төлөннөр өргөстөрө өрүтэ үөмэхтэспитинэн бардылар. Амма Аччыгыйа Күн киирэрин кытта, илинтэн түспүт дохсун тыал күөл уутун күүрдэн, долгун өрө үөмэхтэһэ түстэ. М. Доҕордуурап Халлаан соҕуруу кырыытыттан хобуу баҕайы былыттар уһулута ойон тахсаннар, өрүтэ үөмэхтэһэн кэлэн испиттэрэ. И. Никифоров
Өссө холобурдар (4)
Бары остуолу тула үөмэхтэстилэр. П. Филиппов Оҕолор бастакы ырыаларын ыллаары үөмэхтэстилэр. Э. Соколов Көрбүтүм арай уу кытыытыгар кып-кыра үөн курдук балык оҕолоро үөмэхтэһэллэр. Н. Тарабукин (тылб.)
2 даҕааһын #
Биир кэм эймэҥнии, үллэҥнии олорор курдук көстөр (хол., биир сиргэ элбэх туох эмэ мустубута)
Нууччалыы Беспорядочно двигающийся, находящийся в хаотичном движении (о ком-чем-л. множественном)
Үөмэхтэс төлөннөр Өрүтэ көтөллөр, Өһөхтөөх най буруо оргуйар! П. Тобуруокап Ол күн дэриэбинэ анныгар атыыһыттар ааллара кэлэн тохтообут, онон биэрэккэ киһи үөмэхтэс. С. Никифоров Үөр бараан курдук үтүрүһэн, Үөмэхтэс долгуннар сырсаллар С. Тимофеев