Перевод с якутского
үөрбэ
аат тыл
Нууччалыы заостренный кол, шест, рожон
1 аат тыл #
Уһуктаах синньигэс мас эбэтэр тимир (үөрбэнэн, холобур, тыал ыспатын диэн бугулу батары анньаллар)
Нууччалыы Заостренный кол, шест, рожон (тонким заостренным колом, напр., протыкают копну, чтобы ветер не рассеял ее)
Онтон эйиэхэ тугуттан сулуйан ылан уокка сырайан баран, үс кырбас эти үөрбэ уһугар иилэн биэриэхтэрэ. Саха фольк Ыалым бугул үөрбэтин уоран ылан баран балыйан кээспитэ – ону баттал диирим. Н. Павлов Эмиэ мас үөрбэнэн балыктары атаралаата И. Данилов
2 аат тыл #
Үҥүү көрүҥэ (хас да кырыылаах буолар)
Нууччалыы Род копья, наконечник, который имеет несколько граней и бывает удлиненно-узким
Көхсүн хараҕын үүтүнэн, көбүөхтүүр сүрэҕинэн Үөрбэ тайан эрдэҕинэ Аһара охсон биэрдэ.
П. ОйуунускайБары үөгүлэспитинэн үөрбэнэн сыыһа-халты анньан хаалаллар. Саха фольк Өстөөхтөртөн мүччү туттаран ылыллыбыт үөрбэлэр көй салгыны көҥүтэ кэйбитинэн көһөн истилэр Эрилик Эристиин
3 этии #
Нууччалыы Острое, обличительное слово
Этиилэр
Үөрбэ тыл
өтөрү-батары этэн кэбиһэр сытыы, хотоойу тыл-өс Бу бааллар дии -- [Күн Дьирибинэ] уоруйахтары, түөкүттэри үөрбэ тылынан хараҕалыыр, сытыы чыпчаххайынан куһурҕатар үгэлэрэ, фельетоннара.
Софр. Данилов.
Өбүгэлэр
бөлүһүөктэр Үөрэҕэ суохпут дэммэттэр – Үгүһү өтө көрбүттэр, Үөрбэ тылынан эппиттэр. Ф. Софронов. Хара бастакыттан кырыылаах хараҕынан, үөрбэ тылынан көрсүбүтэ. "ХС". Үөрбэ үрдүгэр (үөрбэҕэ) түһэр кэпс. – кими эмэ өстүйэ, кэһэтэн биэрэр курдук көрүс.
соотв. встречать в штыки.
Буулаҕа бурсуйу Буруйдаан сэмэлээн Үлэһит, бааһынай Үөрбэҕэ түһэрдэ.
П. ОйуунускайОну [фашист саллааттарын, эписиэрдэрин] биһиги дьоммут үөрбэҕэ түһэрэн ылбыттар. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Дьиэтигэр кэлбитэ, эмээхсинэ үөрбэ үрдүгэр түһэрдэ. В. Ойуурускай