Перевод с якутского
үөрэх
аат тыл
Нууччалыы образование
English education, teachings
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
Нууччалыы образование
English education, teachings
Аристотель үөрэҕэ учение Аристотеляthe teachings of Aristotle
2 аат тыл #
Нууччалыы наука; изучение
English science, study, (in the possessive form, after certain nouns) -logy
айылҕа үөрэхтэрэ естественные наукиnatural sciences тыл үөрэҕэ языкознаниеlinguistics
3 аат тыл #
Ким эмэ салалтатынан, уһуйуутунан билиини, сатабылы ылыы, иҥэринии
Нууччалыы Учение, учеба
Өлөксөй сайын үөрэх кэнниттэн сынньалаҥар төрөөбүт дойдутугар таҕыста. В. Протодьяконов Аркадий, үөрэҕэр мөлтөөн, экзаменнарын кыайымына, стипендията суох буолан, өссө икки ый таайыгар олоорто Н. Габышев
4 аат тыл #
Үөрэх дьыла, оскуолаҕа биир кыһын устата үөрэнии
Нууччалыы Учебный год
Оскуолаҕа үөрэх бүтүүтэ, Оҕолорго саас үөрүүтэ. Т. Сметанин Ээ, кэллэхтэрэ дии, сарсын үөрэх саҕаланар күнэ. Миигин күүтэн эрдэхтэрэ... Оо, түргэнник, түргэнник
Н. Лугинов
5 аат тыл #
Билии-көрүү тарҕаныыта, үөрэҕирии, билиини-көрүүнү иҥэринии
Нууччалыы Образование, просвещение
Аныгы оҕолор оттон үөрэххитинэн эрэ буоллаххыт дии. Амма Аччыгыйа Эчи ол үөрэхтээх дьахтар биһигинньик үөрэҕэ суох колхозтаахтары киһи диэ дуо? С. Ефремов
6 аат тыл #
Айылҕа, общество, өй-санаа сайдыыларын сүрүн сокуоннарын билии бүтүннүүтэ уонна кини салаалара
Нууччалыы Наука. Үөрэх бөҕөнү үөдүппүт, Собуот обургуну субуруппут, Баабырыка баҕадьыны бачыгыраппыт. Өксөкүлээх Өлөксөй. Биһиги сүөһүлэрбит, ньирэйбит барыта үөрэх этиитинэн, ветеринар-зоотехник көрүүтүнэн иитиллэллэр. Амма Аччыгыйа. Үөрэх бөҕө үрдээн, Үйэ бөҕөтө үүнэн, Өйдөөх-санаалаах үксээн, Арыгыһыт баранан Аргыһым татыарыйда. С. Зверев
7 аат тыл #
Сиэр-майгы, тутта сылдьыы үгэһэ, үөрүйэҕэ
Нууччалыы Привычка
Былыргы үгэһинэн тоҥхох гынна А. Софронов
8 этии #
Нууччалыы Естествознание; 2) начальнай оскуолаҕа айылҕа туһунан бастакы билиилэри биэрии. Природоведение
Этиилэр
Айылҕа үөрэҕэ
1) айылҕа сокуоннарын уонна көстүүлэрин туһунан үөрэх (наука) Айылҕа бары көстүүлэрэ бэйэлэрэ туспа биричиинэлээхтэр.
Айылҕа туһунан үөрэх сайдыбытын түмүгэр биһиги ол биричиинэлэри билэбит. Олортон үгүстэрин туһунан "Айылҕа үөрэҕэ" диэн курска кэпсэниллэр. КВФ БАаДИ.
Армия үөрэҕэ
байыаннай дьыалаҕа үөрэтии.
Обучение военному делу.
Армия үөрэҕэ да уларыйдаҕа. Софр. Данилов. Кыргыс үөрэҕэ (эргэр.) – боотур тахсар оҕотун сэриилэһэргэ, илиинэн хапсыһарга анаан уһуйуу. Обучение военному делу (специально отобранных мальчиков). [Аан Далбар:] Тукаам, бу тоҕо кубарыйан хааллыҥ? [Киис Бэргэн:] Кыргыс үөрэҕэ илистиилээх, ийээ. И. Гоголев
Орто үөрэх
уопсай эбэтэр анал үөрэх үрдүкүнү аннынан сүһүөҕэ.
Средняя общеобразовательная школа и средние специальные учебные заведения.
Уолларын үөрэттэрэн Тамерлан куораттааҕы агроном орто үөрэҕин бүтэттэрэллэр. Эрилик Эристиин Н. Е. Мординов "Аччыгыйы ааспыт" диэн кэпсээнигэр куорат анал орто үөрэҕин заведениетыгар үөрэнээччилэр эмиэ туох да сиэлэ-кутуруга суох Коля, Ваня диэн ыҥырсаллар. ФЕВ УТУ. Таҥара үөрэҕэ эргэр. – революция иннинээҕи оскуолаҕа христианскай итэҕэл төрүттэрин үөрэтии. Закон божий (в качестве учебного предмета в школьном образовании). Кыһыл маайга учуутала уонна таҥара үөрэҕин үөрэтэр аҕабыт даҕаны сыһыаннара тосту уларыйан хаалбыта. Л. Попов
Үөрэҕи батыс
оскуола үөрэҕинэн муҥурдаммакка, салгыы үөрэн.
Продолжить учебу (после окончания средней школы).
Бииктэрэ баҕатын хоту уонна аҕатын алгыһынан үөрэҕи батыспыта. Л. Попов Кини Саха уобалаһыгар титулярнай советнигынан үлэлээбит, үөрэҕи батыспыт элбэх уоллаах, кыыстаах оҕонньор буолара биллэр. П. Филиппов
Үөрэх доктора
наука (үөрэх) ханнык эмэ салаатыгар доктор степенин көмүскээбит (ылбыт) киһи.
Доктор наук.
Арай туран кини олох да доктор буолбатах, ученай, үөрэх доктора эбит! И. Данилов
Үөрэх кыһата
оскуола, училищелар, институт, университет уопсай ааттара.
Учебное заведение, кузница кадров.
Үөрэх кыһатыгар уһаарыллыбытым, Үлэ төлөнүгэр хатарыллыбытым. С. Васильев
Үөрэх министерствота
уопсай үөрэхтээһини дьаһайар министерство.
Министерство образования.
Пушкин аатынан библиотека утары турар икки этээстээх мас дьиэҕэ көтөн түстэ. Бу үөрэх министерствота.
Н. Лугинов
Үөрэх оҕото
оскуола үөрэнээччитэ.
Учащийся, ученик (общеобраовательной школы).
Отчуттар ортолоругар биир эмэ үөрэх оҕото баар буоллаҕына – муҥа. Тыа түөрт курууппалаах оскуолатын оҕотунааҕар буолуох, орто даҕаны үөрэхтээх киһи кыайан хоруйдаабат ыйытыылара итинтэн-мантан кэлиэхтэрэ. Амма Аччыгыйа Үчүгэйдик, ыраастык, маанытык олорор үөрэх оҕотун хоһо. С. Ефремов
Үөрэх сыла (дьыла)
оскуолаҕа, училищеларга, университекка биир кылааһы (курсу) бүтэрэр кэм устата.
Учебный год.
Өрүс мууһа халыҥаата, үөрэх сыла быданнаата. С. Васильев
Үрдүк үөрэх
уопсай орто үөрэх кэнниттэн норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар анал идэлээх дьону бэлэмниир үрдүкү оскуолалар.
ВУЗ (высшее учебное заведение).
Аҕыйах сааһын устатыгар үрдүкү командир дуоһунаһын ылбыт, үрдүк үөрэҕи бүтэрбит, герой буолбут. Амма Аччыгыйа