Перевод с якутского
һуу-һаа
Нууччалыы выражает растерянность, расстройство
1 #
саҥа алл. Олус сиэкэнийиини, ыгылыйыыны көрдөрөр
Нууччалыы Выражает растерянность, расстройство
Итирик саҥа, айдаан иһиллэр: "Уот турда, дьиэ умайан эрэр, һуу-һаа".
КүндэЭһээ Дьөгүөр от кэбиһэн, оҕону-дьахтары кытта булааһан, һуу-һаа бөҕөнү түһэрэн барда. М. Доҕордуурап Мэхээс оҕонньор, атын муоһатыттан тардан чохчоруһа-чохчоруһа, һуу-һаа бөҕөнү түһэрдэ, -- дьон ол диэки сырыста Дьүөгэ Ааныстыырап
2 этии #
Нууччалыы Суетиться по какому-л. поводу, хлопотать, галдеть
Этиилэр
Һуу-һаа буол
туохха эмэ сүпсүгүр, туохтан эрэ ньамалас, аймалас Хаҥас хоско эһээ Дьөгүөр -- уһуутаан уһугунна, һуу-һаа буолаат, эмиэ утуйан баччыгынаан барда.
Омурҕан кэнниттэн, эмиэ һуу-һаа буолан, Мэхээс оҕонньор дьону көмөлөһүннэрэн аты көлүйээри сорунан көрдүлэр да, туһа тахсыбата. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кыргыттар биригэдьиирдэрин тула көтө сылдьан: "Мотя, көр, бу үчүгэйин!" – диэн һуу-һаа буолаллар. ХС Кинилэр бастаан утаа һуу-һаа буолан бараннар, туох эмэ мэһэйгэ-хааччахха туорайданнахтарына, улам уостан, интэриэстэрин сүтэрэн кэбиһэллэр. ВУА БС