ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ох

аат тыл

Нууччалыы боевая стрела для стрельбы из лука

English arrow

1 аат тыл #

Сүнньүнэн сэриигэ, кыргыһыыга туттуллар тимир эбэтэр муос төбөлөөх чаачар саанан ытарга аналлаах кутуругун диэки куорсуннаах тэрил

Нууччалыы Боевая стрела для стрельбы из лука (бывает с железными и костяными наконечниками различных форм, обязательно имеет оперение, чаще всего из гусиных маховых перьев)

  • Оҕонньор кэһэҕиттэн үс оҕу сулбу тардан таһаарар.
    Саха фольк
  • Хоһуун ол турдаҕына эмискэ тулатааҕы иһийэн турар сарсыардааҥҥы чуумпуга дапсылар тыастара лабырҕаспыттара, тула өттүттэн ох сыыгынас буола түспүтэ.
    Далан
  • Суптурута түһэр чупчурҕан охтортон аһартаан сиирэ-халты түһэртэрэ-түһэртэрэ чурбука үрдүттэн аллара ыстаммыта
    ХС

2 этии #

Нууччалыы Основательно подготовиться к чему-л

  • Ох курдук оҥоһун, кустук курдук куоһан - туохха эмэ бэрт үчүгэйдик оҥоһун, бэлэмнэн Ох курдук оҥоһун, кустук курдук куоһан, Бэйэ бодоҕун тардын, Тоҕус тоҕойдоох Толомон маҥан суолу Тобулан көр.
    П. Ойуунускай
  • Охтооҕор түргэнник - аһара түргэнник; сымсатык; чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр. Θ Очень быстро; проворно; в одно мгновение (букв. быстрее стрелы [выпущенной из лука]). Тоойуом, эр бэрдэ киһи, охтооҕор түргэнник, түүтээҕэр чэпчэкитик сылдьаҥҥын, Маайыһы чып кистэлэҥинэн ыҥыран киллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Охтоохтон охтума, саалаахтан самныма алгыс. - хаһан да хотторума; өстөөҕү кыай. Θ Не имей поражения; побеждай врага. Охтоохтон охтубатын, саалаахтан самныбатын үтүө бырааппыт Миитэрэй!
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Уолгун охтоохтон охтума, саалаахтан самныма диэн сахалыы алҕаа.
    ХС
  • Ох тыллаах - сытыы тыллаах киһи; сэттээх, кырыыстаах тыллаах киһи. Θ Тот, у кого острый язык, острослов; тот, у кого злой язык. Ох тыллаах тоҕо туойбут соро дуу? Өксөкүлээх Өлөксөй

3 этии #

Бүргэс ох эргэр. - тимир куйаҕы дьөлө ытарга аналлаах түөрт кырыылаах бүргэс курдук тимир төбөлөөх ох (былыргы сэрии охторун ааттара билигин эргэр. тыллар) Хотугу сахалар уонна тоҥустар бүргэс оҕу сүлүкэчээн диэн ааттыыллара. Быыра ох эргэр. - ачаахтаах төбөлөөх ох. Θ Стрела с развилкой на наконечнике. Быыра ох курдук Быһый быһыылаах, Көнө уҥуохтаах, Көрсүө быһыылаах. П. Ойуунускай.

Нууччалыы Бронебойная стрела с четырёхгранным шиловидным железным наконечником (названия старинных боевых стрел ныне относятся к устар. словам)

Этиилэр

Бэттиэмэ ох көр бэттиэмэ

Билигин оннооҕор былыргыны билээччи кырдьаҕас кэпсээнньиттэр бэттиэмэ ох кустук охтон туох уратылааҕын аанньа билбэттэр. Дьиэрбэҥ ох эргэр. - оноҕос көрүҥэ.

Разновидность стрелы.

  • Тоҥ харыйа саҕа киһи Дьиэрбэҥ ох курдук Дьирэс гына түстэ.
    П. Ойуунускай
  • Иһиирэр (ырыалаах) ох эргэр. - көттөҕүнэ иһиирэр ох. Стрела-свистунка. Саха сиригэр былыргы үһүйээннэргэ кэпсэнэр иһиирэр ох биирдэ эрэ булуллубута, билигин Тойбохой кыраайы үөрэтэр музейыгар баар. Кустук ох эргэр. - сэбирдэхтиҥи (сороҕор оруомбатыҥы) быһыылаах устатынан үөстээх тимир төбөлөөх ох. Стрела с листовидным (иногда ромбическим) железным наконечником, по центральной линии которого имеется продольный желобок. Сибиир түүрдэригэр, холобур хакастарга, хоста диэн былыргы сахалар кустук охторугар маарынныыр ох баар буола сылдьыбыт эбит. Маалтаар (моолчоор) ох эргэр. - мастан эбэтэр муостан кыһыллан оҥоһуллубут уһуга, сытыыта суох балтархай төбөлөөх ох. Стрела с тупым массивным деревянным или костяным наконечником, томар. Маалтаар ох күндү түүлээҕи түүтүн, тириитин буортулаабат гына бултуурга аналлаах, оттон былыр, кыргыс үйэтин саҕана, өстөөҕү маалтаар оҕунан төбөҕө ытан дөйүтэн билиэн ылаллара. Муостаах ох - уостаах ох диэн курдук. Пекарскай бэйэтин тылдьытыгар муостаах оҕу уостаах оххо тэҥнээбит. Ох маһа - оноҕос мас уга (төбөтө уонна куорсуна суох). Древко стрелы (без наконечника). Билиҥҥи да усулуобуйаҕа ох маһын оҥорор сүрдээх уустук. Ох саа - чаачар саа, кураахтаах саа (оҕунан ытарга аналлаах киристээх, чаачара тиит киилинэн, хатыҥынан хатыыс хабаҕынан силимнэнэн оҥоһуллубут имигэс оҥоһук). Лук (ручное метательное оружие). Ох саа кириһин иитэргэ күүс буолбакка, анал ньымалар туттуллаллар. Ох төбөтө - ох уһуга (араас быһыылаах тимир, алтан, мас, муос оҥоһук буолар). Наконечник стрелы (бывает разнообразных форм и материала изготовления: железный, медный, деревянный, костяной или роговой). Бааһынаттан боруонсаттан кутуллубут ох төбөтүн булбуттар. Ох тыл - биллэр ааптардаах буолан баран, норуокка киэҥник тарҕанан өс хоһоонун курдук туттуллар буолбут бэргэн этии. Крылатое выражение, афоризм. Охсуһуу хонуута - мин сүрэҕим, Онно хаһан да уостубат отойун Хомуһуннаах ох тыл абытайа.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Сардаана (сардаан) ох - төбөтө сүгэ курдук лаппаҕар биилээх хаптаҕай төбөлөөх ох. Стрела с наконечником в виде плоского срезня. Сардаана ох, үөрүйэҕэ суох харахха, уостаах оххо олус маарынныыр. Сулумах ох - оруомбатыҥы быһыылаах хаптаҕай тимир төбөлөөх ох. Стрела с железным наконечником обыкновенной ромбовидной формы. Сулумах ох икки сүрүн көрүҥнээх. Уостаах ох - сардаана оххо лаппа маарынныыр, ол гынан баран биитэ саҥа үүммүт эбэтэр үүнэн ортолообут ый курдук быһыылаах төбөлөөх ох. Стрела с железным наконечником в форме месяца, рога которого повернуты в сторону полета стрелы, плоский двурогий срезень. Др. -тюрк. ох, тюрк. ок

«О» буукуба