ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оноҕос

аат тыл

Нууччалыы стрела, применяемая, в основном, на охоте

English arrow

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Сүнньүнэн булка туттуллар ох (үксүгэр куобаҕы бултуурга)

Нууччалыы Стрела, применяемая, в основном, на охоте (часто на зайцев)

  • Тииҥ оноҕоһун көрдүүрүгэр дылы (өс хоһ.). Бабаарынатыгар арааһынай үүттээх таастар, этиҥ сүгэлэрэ, ох саалар, муос оноҕостор мунньуллубуттар.
    Болот Боотур
  • Ох саа оноҕоһунан ытан, булчут кыылы уонунан, бэл диэтэр, сүүһүнэн хаамыылаах сиртэн өлөрөрө
    КФП БАаДИ

2 аат тыл #

түөлбэ. Сэриилэһэргэ, кыргыһарга туттуллар тимир төбөлөөх ох, сэриилэһэр ох

Нууччалыы Боевая стрела

  • Ол гынан баран, кыргыс сэбин тыҥас тыаһын истэ, оноҕоһу оонньоторун көрө иликпин. "Чолбон". Истиэнэ үрдүттэн, оноҕосторго таптаран, кириэппэһи көмүскээччиллэр сууллуталыыллара. КФП БАаДИ. Эмиэ өстөөх биһигини эргийэрдии сананна, Эмискэ хас да оноҕос мин көхсүбэр хатанна. Ш. Руставели (тылб.)

3 этии #

Оноҕоскутун ылыаххыт (уоптарыахпыт) - кытаанахтык кэһэйиэххит (кэһэтиэхпит) Кыһыл этэрээтэ күһүн: "Үрүҥнэр, хара тыаны сирэйдэнимэҥ, кэлиҥ бэттэх, арҕаа диэки киэҥ хонууларга, оччоҕо оноҕоскутун ылыаххыт", - диэбиттии арҕаа диэки баран биэртэ. Бэс Дьарааһын. Күүһүлээн көрүҥ - Көрдөрүөхпүт, Оноҕоскутун уоптарыахпыт. Күн Дьирибинэ. Оноҕос төбөтө буолбут - кус оҕото ууга киирэн сылбырҕатык устар, ууга устара көстөр буолбут. Бойко плавать на воде (о недавно вылупившихся утятах). [Кунньалгы:] Оҕолорбутун хойутаан ууга киллэрбиппит. Сотору оҕолорбут оноҕос төбөтө буолан үөртүлэр. Р. Кулаковскай

Нууччалыы Проучить, сурово наказать за преступление

4 этии #

Нууччалыы Стрела с массивным деревянным наконечником (для охоты на мелких зверей, чтобы не портить шкурку), томар

  • Балтаанай оноҕос - уһуга суох мас суон төбөлөөх ох (булка тут-лар) Балтаанай оноҕос барахсан Бар дьаҕыл курдук барылаан кэлэн Бастыҥ өһүө баһыгар Баһынан батары түһэн хааллаҕа.
    П. Ойуунускай
  • Оноҕос-бэргэн миф. – булт-алт иччитин Баай Байанайы хоһуйан ааттааһынтан биирдэстэрэ. Θ Один из эпитетов духа леса и охоты Бай-Байаная. Оноҕос от бот. - оноҕос төбөтүн курдук сэбирдэхтээх от. Θ Стрелолист. Манна оноҕос от ордук үчүгэйдик үүммүт. Ср. тув. согун, хак. соҕан ‘стрела (для лука)’, эвенк. онгохос ‘стрела с тупым концом’

«О» буукуба