ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үр

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы скрести; чистить

English to scrape, to peel

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Нууччалыы скрести; чистить

English to scrape, to peel

  • инчэҕэй тириини үр
    скоблить мокрую шкуруto scrape wet skin
I

2 туохтуур #

Салгынынан илгий, сайа оҕус, тыалыр

Нууччалыы Веять, нести струи воздуха, дуть (о ветре)

  • Эти-хааны дьэгдьитэр эмтээх салгын үрбүтэ, – Көмүс өҥнөөх долгунум Күндээрийэ түспүтэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Муус кырыа дьиэбит оһоҕун Уотун тыал саба үрэр. Эллэй. Хотуттан кимиэллээхтик үрэр тымныы тыал кини сүрэҕин-быарын ортотунан сайан киирэрэ
    И. Федосеев

3 туохтуур #

Айаххыттан салгын күүстээх сүүрээнин таһаар

Нууччалыы Выпускать ртом сильную струю воздуха, дуть

  • Бэҕэһээ киэһэ холумтаныгар күлүнэн көмпүт уоттаах чохторун хардаҕас төбөтүнэн арыйа-арыйа, мас оттон, тымтыгынан күөдьүтэн, үрэн сирилэттэ.
    А. Софронов
  • Мөлтөөн иһэр уот төлөнүн наһаа күүскэ үрэн, умуруоран кэбиһиэххин эмиэ сөп.
    Амма Аччыгыйа
  • Горну Чүөчээски бастыҥ доҕоро Марат үрэрэ, оттон барабааны Петя уол тыаһатара
    Суорун Омоллоон

4 этии #

Нууччалыы Бесхарактерный, слабовольный (букв. выдохнешь – он туда, вдохнешь – он сюда) (о Тура-олоро дьороһуйбут, Киирэ-тахса биэрэстэммит, Үрдэр антах, Өҕүрүйдэр бэттэх

Этиилэр

Үрдэр антах, өҕүрүйдэр (эҕирийдэр) бэттэх

киһи эппитинэн эрэ сылдьар, бэйэтэ миниэнньэтэ суох, мөлтөх (киһи) Өксөкүлээх Өлөксөй. Үрүллүбүт хабах курдук "хоос" гынна – өрүкүйэн, омуннуран баран уостан хаалла.

Легко и быстро остывать (после запальчивости, горячности, бурного возбуждения).

  • Киһибит эмискэ үрүллүбүт хабах курдук "хоос" гынна

5 этии #

Нууччалыы Огнестрельное ружье, заряженное порохом

Этиилэр

Үрэр саа түөлбэ

буораҕынан иитиллэн, эстэр саа Үрэр да саанан ытарга ааттаах баарым.

  • УАЯ А. Тимир суол тилигирээтэ, Тэлигирээп тэһииргээтэ, Тэлэпиэн тэбиэһирдэ, Тэргэн саа тигинээтэ, Үрэр саа үлүһүйдэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
II

6 туохтуур #

Быстах-быстах, төлүтэ барар курдук бүтэй саҥаны таһаар (ыт туһунан этэргэ)

Нууччалыы Издавать лай, лаять (о собаке)

  • Мууһунан утаҕын ханнаран баран, туран истэҕинэ, Түргэнэ үрэн тоҕо барда.
    Суорун Омоллоон
  • Таһырдьа Дьүкэ биир тыынынан лоҥкуначчы үрээт, уурайан хаалла.
    Болот Боотур
  • Алааска киирдилэр, ыал ыта Ыраахтан үрэ тоһуйда, Утуйбут дьиэлээх соһуйда
    Дьуон Дьаҥылы

7 туохтуур #

үөхс. Кими эмэ үөх, саҥар, мөх

Нууччалыы Выражать свое недовольство, в грубых, резких словах, браниться

  • Үксү үрбэккэ олор, эмээхсиэн! – Сыллай Луха, кыһыл сирэйэ үллэ түһээт, бардьыгынаан тоҕу барда.
    Амма Аччыгыйа
  • [Баабыла:] Мин үөрэҕэ суохпун да, суобаһым эйигиннээҕэр ыраас. [Сүөкүлэ:] Суобаһа суоҕу миигин булаҥҥын үрэ тураҕын дуо?
    И. Гоголев
  • Соххор, эн баҕас үрбэккэ тур! Эн соҥҥун биһиги сарбыйан сиэбиппит дуо?! – Андыҥ Дайыыла ырхайан дэлби ыстанна
    М. Доҕордуурап

8 этии #

Нууччалыы Дойти до крайней бедности, ослабления

Этиилэр

Ыт үрбэт, киһи көрбөт буол

быста дьадай, дьүдэй, мөлтөө-ахсаа Уол оҕо барахсан, Ыал хоннорбот, Ыт үрбэт, киһи көрбөт буолан баран, Түөрт үрэх баһыттан биирдэригэр Дьоло тосхойор, Быйаҥа быгыалыыр, Кэскилэ кэтэһэр кэмэ кэлиэҕэ.

  • Саха нар. ыр. II
III

9 туохтуур #

Тириини таҥастыырга бэлэмнээн субатын эбэтэр түүтүн үрбэнэн кыһыйан ыраастаа

Нууччалыы Скоблить, счищать (мездру с кожи) специальным орудием үрбэ I

  • Инчэҕэй тириини үрэр.
  • Ыстапаанньыйа суол ааныгар олорон тирии үрэр.
    Күндэ
  • Андаатар тириитин үрэр (ыраастыыр) мас эмиэ туспалаах
    ХС

«Ү» буукуба