Перевод с якутского
баай
туохтуур, аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы привязывать, прикреплять кого-что-л. к чему-л.
English to tie
Ис хоһооно · 14
1 туохтуур #
Тугу эмэ туохха эмэ эрийэ тардан иҥиннэр, сөллүбэт гына кэлгий (үксүгэр быанан)
Нууччалыы Привязывать, прикреплять кого-что-л. к чему-л. (обычно с помощью ремня, веревки)
Отторун тобоҕун бүтүннүү тиэйэн аҕалан, санаалара көнөн, оҕустарын булгутан окко баайдылар. Амма Аччыгыйа Атын ындыытын түһэрэн, баайан, сыгынньахтаан баран, Уйбаан Дууһа арыы хахыйах күлүгэр мустан олорор дьоҥҥо кэллэ. Эрилик Эристиин Эр бэртэрин Чаллах тииккэ бандьыыттар Хатыһынан баайбыттара, Сыгынньах эттэригэр Кыраһыыны куппуттара И. Гоголев
2 туохтуур #
Тугунан эмэ (хол., сабынан, кылынан) тугу эмэ өрөн оҥор
Нууччалыы Изготовить что-л. плетением, вязанием
Эллэй Боотур Ураһатын оһуордуур, ойуулуур, _ _ куйуур баайан хомоҕо балыктыыр, айа оҥостон арҕаа мыраанынан куобахтыыр. Саха фольк Өлөксөй оһох иннигэр олорон сиппиир баайан будьуктаһар. В. Протодьяконов Мин эрэнэр этим Аал уотум аһыныгас иччитин. Талкынан тирии имитэ туран, Туу өрө, илим баайа олорон, Эрэллээхтик кини диэки көрөрүм И. Гоголев
3 туохтуур #
Кутуллубут тохтубатын курдук бобо тардан быалаан кэбис (хол., куул айаҕын)
Нууччалыы Туго завязывать что-л. (напр., мешок)
Бараан ханнын иһигэр этин, иһин дэлби кырбаан баран угаллар уонна мөһөөччүк курдук бобо баайан бүтэйдии буһараллар. Умнуллубат к
4 туохтуур #
Уһуннук босхо аһыы сылдьыбыт сүүрүк сылгыны тутан, мээнэ аһаппакка хатаран, сүүрүүгэ эбэтэр көлүүргэ бэлэмнээ
Нууччалыы Подготовить, выдерживать коня перед скачками или работой, обратив особое внимание на правильный рацион корма
Туллай аты хайдах баайалларын сыныйан көрө сылдьыбыта. Сүүрүк ат аһыыра, уулуура, сүһүөҕүн тэнитэн хаамыыта — барыта кытаанах быраабылаҕа олоҕурара. И. Федосеев Мин тойонум Сиидэр кинээс сүүрүк атын Уһун Кутуругу баайан, оҥорон бэлэмнээбит. И. Никифоров Дьиҥэр, хаһаайыстыбалар уруккуттан биллэр сүүрүк сылгылары баайбыттара, эрчийбиттэрэ биһиэхэ биллэр. “Кыым”. Ср. тюрк. ба ‘связывать’
5 этии #
Нууччалыы Лишать свободы действий, стеснять кого-л. в чем-л., связывать по рукам и ногам кого-л
Этиилэр
Хараҕы баай көр харах
Пестряковтар хараҕы баайары, үлэни-хамнаһы тупсаран көрдөрөрү олус сатыыллар. Софр. Данилов. Ордьонумаан ойуун дьон хараҕын баайарын туһунан араас кэпсээн эмиэ үллэҥнэс. И. Гоголев Ол эһиги араас албыҥҥытынан ити биһиги холкуоспут салайааччыларын харахтарын баайан олоруоххут суоҕа. С. Ефремов
6 этии #
Нууччалыы Спутывать поводом за ногу коня или быка (чтобы он далеко не уходил)
Атах баай - ат эбэтэр оҕус көлөнү ыраатан сүтэн хаалбатын диэн көнтөһүн (быатын) илин эбэтэр кэлин атаҕар баай Бухатыыр атын, көнтөһүнэн атах баайан, босхо ыытан кэбистэ. ПЭК ОНЛЯ I. Иһи баай - иһи хатар, сыптарыйбат оҥор (хас да хонукка аһаппакка эбэтэр эмтээн). Θ Вылечивать от жидкого стула, поноса (с помощью голодания или приема лекарств). Кинини [моонньоҕону] иһи баайарга, тымныйан ыалдьыыга, сынчааҕа эмиэ туттуохха сөп. Далан Кэлин чыычаах ото медицинаҕа иһи баайарга уонна иик хаайтарыытын эмтииргэ туттуллар буолан эрэр. МАА ССКОЭ. Иэс баай - эккирэтиһэн оонньууга: атын оонньооччуну кыратык охсон баран куот (онуоха охсуллубут оҕо эккирэтэн ситэн илиитинэн даҕайыахтаах, оччотугар бааллыбыт иэс төлөнөр). Θ При игре в пятнашки: слегка ударить в плечо другого игрока и убежать Онтон арыый кырата тэһийбэтэ, өссө да киирээри аан диэки көрөн турар доҕорун киэпкэтинэн “сап” гына санныга охсон баран: “Иэс баайдым”, - диэт сүүрэ турда. Н. Заболоцкай Киэһэ үҥкүү бүтүүтэ, Лида киниэхэ иэс баайан баран, киэҥ сыһыы устун сүүрэн холоруктуу турда. А. Федоров; 2) тугу эмэ иэс биэр. Θ Давать в долг что-л. Петров миэхэ биэс мөһөөх солкуобайы иэс баайда. Өртүү баай - уһун быаҕа баайан мэччит, аһат (хол., сылгыны). Θ Давать пастись на приколе, привязывая длинной веревкой (напр., лошадь). Кини кэнниттэн бары аттарыттан түһэн, аттарын хатыҥҥа уһуннук өртүү баайан, кирдиэлэтэн аһата ыыттылар. А. Бэрияк
Өссө холобурдар (5)
Сиэл (дэлбиргэ) баай - аартык, сир-дойду иччитигэр анаан сүүмэх кылы маска бэлэх ыйаа. Θ Развешивать на дереве в знак жертвоприношения пучки конской гривы, чтобы задобрить духа местности. Урааҥхай саха тахсар дабааҥҥа, киирэр аартыкка дэлбиргэ ыйыыр, сиэл баайар буолуҥ! ПЭК ОНЛЯ II. Сорох дьон аартык иччитэ атыҥырыы көрөн быһа кымньыылаабыта буолуо, ытык тииккэ алгыс алҕаан, сахалыы быһыытыйан сиэл баайбатах эбиккин дэспиттэр.
П. ОйуунускайСиэл ыйаан дэлбиргэ баайан Дьоллоох олох тускута буоллун диэн Симэхтээх-аардаах Симиир иһити туруордубут. Саха нар. ыр. III. Сиэл ыйыыр, дэлбиргэ баайар Сэттэ Урдаах кырдьаҕас тиит Суолу тула быластаан турда. С. Васильев Солбуйа (туомтуу) баай - биирдэ тартахха сөллөн кэлэр гына эрийэ охсон баай. Θ Связывать распускной петлей, легко развязываемой. Уот кугас хагдаҥ эһэ тыстаах, баттахтаах тириитин аҕалан, оһох иннигэр ойууҥҥа олбох ууран биэрдилэр. Элэйэн-элэйэн киил буолбут муос сүгэни ойуун кыаһааныгар солбуйа баайан кэбистилэр.
П. ОйуунускайТүүтэҕи баай - быһыллыбыт бурдугу чөмөхтөөн бобо тардан баайыы оҥор. Θ Вязать снопы. Бүтүгэс уолун лейтенант Спиридон Малгин өлбүтүн туһунан сураҕы истэр киэһэҕэр бурдук сүүһүнэн түүтэҕин баайан, Хобороос отуугар сылайан тахсыбыт кэмиҥ этэ. И. Егоров Эн ыллаа миэхэ ырыаҕын: Кини санатар күөх сайын Холкуоска мин доҕор кыыһым Көмүс түүтэҕи баайарын. П. Тулааһынап
7 аат тыл #
Үп-харчы, мал-сал, ас-таҥас дэлэйэ, үгүһэ (дьоҥҥо)
Нууччалыы Обилие материальных ценностей; богатство (людей)
Баайбын диэн бардамсыйыма, дьадаҥыбын диэн сэнэнимэ (өс хоһ.). “Саһыл түүтүнэн, киһи баайынан”,- диир Дьөгүөрдээн. Амма Аччыгыйа Байбыт баайым - баара-суоҕа биир ынахтаах этим, ону даҕаны өлөр күммэр хабалаҕа хаптардым.
П. ОйуунускайКинилэр былаастарын, баайдарын хаһан да көҥүл өттүлэринэн туран биэриэхтэрэ суоҕа. Софр Данилов
Өссө холобурдар (4)
Баһылай сыллата аайы баай Баһылайга хамнаска киирэн, сааскы Ньукуолунтан күһүҥҥү Бокуруопка диэри үлэлиир идэлээх.
КүндэБу Микииһэ - баай киһи, баайы көрдүү сырыттаҕа. Н. Павлов Баай ыал Байтаһыннарын охторор Сайбарыына буолла, Кулуба ыал Курдарын охторор Күннэрэ кэллэ. Саха фольк Биир киэҥ-куоҥ ампаар дьиэлээх Баһылай Охонооһойоп диэн баай ыал дьиэтигэр хас да хонугу быһа хаартылаан таҕыстылар
Күндэ
8 аат тыл #
Туох эмэ дэлэйэ, элбэҕэ (хол., сир баайа)
Нууччалыы Большое количество, обилие чего-л. (напр., недр)
Оҕолоор, ойууру, биһиги күндү баайбытын, харах харатын курдук харыстааҥ. СТС. Биһиги Ийэ дойдубут уутун саппааһынан, баайынан аан дойдуга бастакы миэстэни ылар. Айылҕаны х. Константин кыра эрдэҕиттэн Саха сирин эгэлгэ баайынан киэн туттар, хоту дойду айылҕатын үөрэтэн билэргэ ымсыырар баҕа санаалара онно үөскээбитэ. П. Филиппов Саха норуотун тылын эриэккэс эгэлгэ баайын иҥэринэн сылдьар киһи. Ол баайыттан ким баҕалаах барыта дэлэгэйдик туһанар Амма Аччыгыйа Сонно тута атын адьырҕа омуктар, баай судаарыстыбалар хааннаах сабарайдарыгар, халыҥ хабалаларыгар киириэ этибит. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
Биһиги сакаасчыттарбыт бары сүүнэ баай тэрилтэлэр эрээри, буоссата да суоҕу кэмчилиири кэрэйбэттэр.
Н. ЛугиновҮчүгэйиэн, Ырыа аргыстардаах кыргыттардаах Баай холкуос сайылыгар С. Данилов
9 аат тыл #
полит. Көлөһүннээһиннээх уопсастыба үптээх-астаах киһитэ
Нууччалыы Богач, богатый в эксплуататорском обществе
Ханнык да баттыгас-атаҕастабыл баайтан үөскүүр, баайдар баар буоланнар, баттыгас баар. М. Доҕордуурап Баайдар ортолоруттан тахсыбыт үтүө революционердары, сырдык тыыннарын норуот туһугар уурбут килбиэннээх дьоннору эн ханна, хайа кэккэҕэ туруораҕын? Амма Аччыгыйа Бары баар Барҕа маҥалайыгар Үгүс өлгөм быйаҥа Үрдүк сололоох баайдарга Үүрүллэн киирэр буолара. Нор. ырыаһ
Өссө холобурдар (3)
Үөһэ халлааҥҥа өрө күдээрийэн тахсыбыт баай харыйалар биир да лабааларын хамсаппакка, лаглаһан тураллар.
КүндэУолаттар маны истээт, биир баай тиит баарыгар, ол төбөтүгэр ытталлар да, тиит мутукчатын иһигэр саһан хаалаллар.
Суорун ОмоллоонДойдум баай симэҕин хомуйан Араас да өҥнөрү холбоотум Уһанан, киэргэтэ кыбытан П. Тулааһынап
10 даҕааһын #
Үптээх-астаах, кыахтаах (киһи)
Нууччалыы Богатый, денежный, состоятельный
11 даҕааһын #
Кыахтаах, күүстээх (хол., судаарыстыба)
Нууччалыы Мощный, сильный (напр., государство)
12 аат тыл #
Эгэлгэ үчүгэй, сиэдэрэй
Нууччалыы Пышный, щедрый, нарядный
13 аат тыл #
Муҥура биллибэт, муҥура суох
Нууччалыы Безграничный, бесконечный
Олоҥхо курдук поэзия чыпчаалыгар турар баай фольклордаах омук остуоруйата суох буолуон сатаммат. Саха фольк Мин сахабын, Мин ырыам Сахалыы сатарыыр. Баай тыл - мин тылым. С. Данилов Тюрк. бай
14 этии #
Нууччалыы Богач-хищник
Этиилэр
Баай байанай көр байанай
Бардам тутуу, Барылы кэскил, Баай Байанай, Тойон эһэм обургуо! С. Зверев. Ох саа кириһин тардар буолуохпуттан Баай Байанайы алгыырга үөрэммитим. И. Гоголев. Баай Байанай тойон эһэм! Барар күнүм баһыйда Эттээх хааммыттан Эҕэрдэлээн эрэбин! А. Софронов. Баай баттала истор. - баай көлөһүннээһинэ.
Эксплуатация богачей.
Дьиҥнээх саҥа олох кэлбитэ - сэбиэскэй былаас кыайбыта, кыра-хара дьоннор баай батталыттан босхоломмуттара. А. Бэрияк Оҕонньор наар былыргыны кэпсиир. Кэпсиир - баай батталын.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (16)
Кини баай батталын дьэҥкэтик өйдүүр, ол иһин биһиэхэ көмөлөһөр. И. Федосеев Баай кылааһа истор. - бары былааһы барытын ылан, баттаан-атаҕастаан олорор кылаас. Класс эксплуататоров. Норуот былыр, баай кылааһа баһылыктаан олорорун саҕана, санаатын сирэй этэрэ сатаммат этэ. Саха фольк Баай кылаас тирэҕин - фашизм сүрэҕин Мин илиим харбыаҕа.
П. ОйуунускайБаай хара тыа - муҥура биллибэт киэҥ сиринэн тайаан сытар, элбэх бултаах халыҥ тыаны ытыктаан хоһуйар халбаҥнаабат эпитет. Постоянный эпитет, возвеличивающий благодатный могучий лес, богатый пушным зверем. Баай хара тыа быһый атахтаах, сытыы кынаттаах, чуор саҥалаах араас кыра бытархай харамайдарын кини [Сүбэлиирэп] улам оччо аахайбат буолан истэ. Амма Аччыгыйа Сахалар бэйэлэрин төрөөбүт тыаларын ытыктаан “баай хара тыа”, “аар тайҕа” диэн ааттыыллар. И. Данилов Баай хара тыа барахсан сэлиэһинэй кыһыл көмүс кылаатын көмө сытар. Ону хостуохха. М. Доҕордуурап Бараммат баай - бүтэн, эстэн хаалбат баай (хол., сир баайа). Неисчерпаемое богатство (напр., богатства недр). Бастахха бараммат баай, уулаатахха уолбат уйгу-быйаҥ Лоҥкууда буолла. М. Доҕордуурап Дьэ бу буолар айылҕа бараммат баайа, быстыбат быйаҥа диэн! И. Данилов Оччоҕо ордук өйдүүгүн эн төрөөбүт дойдуҥ бараммат баайын, улуу бэйэтин. Т. Сметанин Барҕа баай - олус элбэх, дэлэй баай. Огромное, несметное богатство. Төрөөбүт сирдэригэр төһө да ити курдук барҕа баайдаах буоллаллар, дьүкээгирдэр сор-муҥ бөҕөнү көрөллөрө. С. Курилов Киһи баар үрүлүйэ тохтор үрүҥ илгэни айааччы, бараммакка аллар барҕа баайы хаҥатааччы. П. Аввакумов Мин дойдум киэҥ кэскилин Ыйар улуу былааҥҥа Саха сирин Барҕа баайын Хайҕаан, Сөҕөн ааттыыллар. П. Тулааһынап Батталлаах баай поэт. - баайы хоһуйар эпитет: көлөһүннүүр баай. Постоянный эпитет: богач-эксплуататор. Эргэ олох хара бэкир күлүктэрэ - Батталлаах баай үрүҥ баандалара Эдэр саха буойуну күнтэн сүтэрэ Балай хаан батастанан тураллара. Эллэй. Кур баай - урут мунньуллубут баай. Ранее накопленное богатство. Күдэн үппүн, кур баайбын Көмүспүттэн-сэгэрбиттэн Харыһыйар буоллахпына Хайдах ама табыллыаҕай. Күннүк Уурастыырап Ардыгар хахайдыы хааннанар, Ардыгар ньылбыйар Уонна дьэ бараннар-баранар Парфенон кур баайа. С. Данилов Сир баайа - хостонор баай, сир анныгар сөҥө сытар туһалаах баай. Полезные ископаемые; богатства недр. Сир баайын чинчийээччи геолог булчут, сылайбат-элэйбэт уол оҕо бэрдэ буолуохтаах. Т. Сметанин Вольфрам, полиметалл, айылҕа гааһа, онтон да атын туһалаах сир баайдара Үөскээн сытар улахан кэскиллээх сирдэрэ көһүннүлэр. “Ленин с. ”. Тарас ыра санаатыгар Бааллар эҥин дьикти тыллар: Сиэрэ, вольфрам, сүлүүдэ, Сир баайын араас көстүүтэ... Кини тайҕаны арҕарар Геолог буолуон баҕарар. Р. Баҕатаайыскай