ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үүй

туохтуур

Нууччалыы скреплять что-л. путем связывания, сшивания

1 туохтуур #

Тугу эмэ ыһыллыбатын курдук гына онон-манан анньан тик, сэлбээ, кэлгий

Нууччалыы Скреплять что-л. путем связывания, сшивания

  • Саа хайдыбыт маһа ньаалбаанынан үүйүллүбүт.
  • Талкы оҕонньор онтон-мантан хаптаһын хомуйан, талаҕынан үүйэн, быыкаайык хоруоп оҥордо.
    Күндэ
  • Дарбааһап таһырдьа тахсан, аны балаҕан таһыгар ат баһын быатын сэмсии, үүйэ олорор Уйбаанчыкка тиийдэ
    В. Протодьяконов

2 этии #

Нууччалыы Не давая покоя, прохода кому-л. усиленно просить что-л

Этиилэр

Үүйэ (үүйэ-хаайа) тут

1) кими эмэ бокуой биэрбэккэ ынньаҕалат, тугу эмэ ааспакка-арахпакка көрдөс Ирина Владимировна: "Аны ханна да барыма, сэрии диэн кыыс оҕо анала буолбатах", – дии-дии кыыһын биир кэм үүйэ тутта, көрдөстө-ааттаста. С. Никифоров; "Хата, кэпсээ", - диэн Сахаары тула өттүттэн үүйэ тутуу буолла. И. Сосин. Чэ, Уйбаан, кэпсээ, кэпсээ, - диэн үүйэ-хаайа туттубут. "ХС". Кинилэр ону-маны ыйытан үүйэ-хаайа туттахтарына, төһө да сылайдар, күлэн кэбиһэ-кэбиһэ лоп-бааччы быһааран биэрээччи. "Кыым". 2) көсп. Ааспакка-арахпакка киирэ тур, эрэйдээ (санаа, санаа-оноо туһунан).

Обступать, охватывать, захватывать (напр., думы, мысли).

  • Сүөдэри сэриигэ киирэ охсор санаа үүйэ тутара.
    Г. Колесов
  • "Мантан бара охсуохха, куотуохха", – диэх курдук санаа үүйэ тутар.
    Э. Соколов
Өссө холобурдар (1)
  • Киһи хайдах сураҕа суох сүтүөй? -- Тыыннаах буолуо. Кини хайаан да көстүө. Итинник санаа Мария Егоровнаны үүйэ-хаайа тутара. "Кыым". Ыар санаалар үүйэ-хаайа туталлар. НАГ ЯРФС II

«Ү» буукуба