ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

батар

Нууччалыы отдать что-л. кому-л. с целью отлучить, удалить от себя

Ис хоһооно · 5

1 #

Тугу эмэ бэйэҕиттэн арааран ханна эмэ гын

Нууччалыы Отдать что-л. кому-л. с целью отлучить, удалить от себя

  • бат I диэнтэн дьаһ. туһ. Аны ампаар муҥунан ыйанан турар күндү түүлээҕин ханна да батаран кистиэн булбат.
    Н. Якутскай
  • Бу тыалар киэҥ куйаардарыгар хас да Англияны батарыахха сөп.
    И. Данилов
  • Куонкуруска киирбит бырайыактары институт төрдүс мэндиэмэнин фойетыгар, бэрт кыараҕас да буоллар, симэ соҕус батардылар. Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
  • Чэ, үрүмүнэҕин эрэ, лотуобун аҕал. - Лотуоҕун батарбытым.
    Эрилик Эристиин
  • Бии Кэйииккэммин [ынаҕы] дьэ батардым.
    М. Доҕордуурап
  • [Миша] икки бөтүүктээҕиттэн биирдэрин батараары кэтэһэн олорор эбит
    ПНИ ОСОТ

2 #

Тугу эмэ туһаҕа таһаар, атыылаа

Нууччалыы Реализовывать, продавать, сбывать что-л

  • Былааны таһынан сүүс уон тыһыынча солкуобайдаах бородууктаны батарарга. “Кыым”. Оройуон киининээҕи остолобуой үлэһиттэрэ тутаах сыл бастакы кыбаарталын сорудаҕын таһынан аҕыс тыһыынча солкуобай суумалаах бородууксуйаны оҥорон батардылар. “
    ХС

3 #

Сүгүн сырытыннарыма, олордума (буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Не давать покоя кому-л., беспокоить кого-л. [Мырбас:] Мөхтө, батарбата диэхтэрэ

  • Дьиҥэр, анараа дьон [Макары] -- бэйэлэрэ батарбатахтара.
    Н. Лугинов
  • Бу дьахтар уот тыллаах, дьону тулуппат, Кырбыйа, кырыктаах, Кыыһы батарбат
    Баал Хабырыыс

4 #

Бэйэ баҕатыттан тутулуга суох диэлийэн, көстөн таҕыс (үчүгэйэ суох быһыыланыы туһунан - буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Непроизвольно проявляться (об отриц. качествах характера)

5 этии #

Этиилэр

Айаҕар батаран көр айах

  • Саҥаһым үөҕэр тылларын киһи сатаан айаҕар да батаран кэпсээбэт дьаабыта.
    Г. Колесов
  • “Бу айахтарыгар батаран, балыйан, баттаан эрдэхтэрин!” - диэт, икки сутуругун бобо туттубутунан ойон турбутун бэйэтэ да өйдөөмүнэ хаалла.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Айаххытыгар батаран, сүөһүнү көҕүрэтэргэ этэргитин сөҕөбүн.
    М. Доҕордуурап

Сүрэҕэ (санаата) батарбат көр сүрэх (санаа)

  • Маайа тугу да соруйалларын билбэт, үлэлээбэккэ таах олоруон сүрэҕэ эмиэ батарбат.
    Н. Якутскай
  • Сүрэҕим батарбатаҕа, көрдөһөн манна үлэлии кэлбитим. Ст. Федотов. “Хайа, оҕонньоор, ыарыйдыҥ дуу, тугуй? Дьэ, баар-суох дьоро киэһэбитигэр тылгыттан маттыҥ,” - диэн эмээхсин аһыы олорон, санаата батарбакка ыйытта. “ХС”

«Б» буукуба