Перевод с якутского
чиэс
аат тыл
Нууччалыы честь
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Киһи дьоҥҥо биһирэтэр, өрө тутуллар сиэр-майгы өттүнэн үчүгэй, үрдүк хаачыстыбалара
Нууччалыы Честь (моральные качества человека)
Көмүс манньыат эккирэтиитигэр чиэстэрин, суобастарын, киһилии сирэйдэрин сүтэрбит дьон ортотугар тыыннаах сылдьарынааҕар кини өлөрүн ордорор. Софр. Данилов. Арай мин биир суолга саарыыбын, Мин чиэһим туорхаһыйар биир суолтан: Мин эрдэ ыарыһах буоламмын Сэриигэ барбатах муҥмуттан. С. Данилов Кэргэнин чиэһин кэриэстээн Аҥаардаһынан кырдьыбыт ийэм Тапталын үрдүктүк туппутун Күндүтүк саныыбын тус бэйэм. В. Потапова Дьахтарга сыһыан – киһи чиэһин, суобаһын, бэрээдэктээҕин уонна үтүө санаалааҕын быһаарыыга саамай таба мээрэй ХС
2 аат тыл #
Ким, туох эмэ үтүө аата, үрдүк сыанабыла
Нууччалыы Хорошая, незапятнанная репутация, доброе имя, честь
Мин Ийэ дойдум чиэһин, көҥүлүн көмүскэһэ бырааттарбын кытта боруоҥҥа бардым.
Суорун ОмоллоонКэлэктиип чиэһин үрдүктүк тутуохха наада.
Н. ЛугиновСаахымакка оройуонун чиэһин көмүскүү кэлбит. С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
Хайҕалы, чиэһи үрдүктүк тутуу киһи саамай үтүө хаачыстыбаларыттан биирдэстэрэ И. Никифоров
3 аат тыл #
Киһини ытыктаан, бочуоттаан дьон иннигэр үрдүктүк тутуу, ытыктабылы, бочуоттааһыны биллэрии
Нууччалыы Почёт, уважение
Өлбүт дьоруойдары улуу Өлүөнэ үрдүнээҕи куорат киэҥ болуоссатыгар сэрииһиттии чиэһинэн көмүү буолла. Амма Аччыгыйа Дьиҥэр, куһаҕан балыксыт уолугар улуус кулубатын мааны сылгыһыт уола буолуу улахан чиэс этэ. И. Гоголев Өр сылга үчүгэй үлэһит аатыран үгүс чиэскэ, хайҕалга тиксибит сурахтааҕа М. Попов
4 аат тыл #
Кыыс эр киһини билэ илик кэмэ, кыыһынан сылдьыыта
Нууччалыы Целомудрие, непорочность девушки
Онно сиргэнним да этэ. Туохтан диэ? Бу итирик киһиэхэ чиэспин сиргэ-буорга тэбистэрбит абабыттан. И. Егоров [Кыыс оҕо] сэмэй, күүстээх санаалаах буола улаатарыгар, бэйэтин чиэһин харыстыырыгар үөрэтиллиэхтээх. ТЕН ИДь. Итиннэ мин баайым иккиһэ – Эргийэн кэлбэт кыыһым чиэһэ. А. Пушкин (тылб.)
5 этии #
Нууччалыы Отдать честь
Этиилэр
Чиэс биэр
кими эмэ эҕэрдэлээн чиккэччи тутуллубут тарбахтардаах уҥа илиигин бэргэһэҕэр тиэрдэн даҕай, даҕайан ыл Оҕонньорго чиэс биэрэн чынас гына түһэр.
Тирии комбинезоннаах ньиэмэһи үүрбүт икки саллаат кэлэн полковникка чиэс биэрдилэр. Т. Сметанин Кини бэрт дьоһуннук туттан хаамар, хаа-дьаа билэр киһитин көрүстэҕинэ, тарбахтарын бэргэһэтин куондарыгар тиэрдэн чиэс биэрэр. Е. Неймохов
Чиэскэ тигис
тугу эмэ гынар, ситиһэр тоҕоостон, оннук тоҕооско тигис.
Удостоиться чести сделать что-л.
Биһиэхэ Аҕа дойду сэриитин түмүктүүр, саамай быһаарыылаах охсуһууга кыттар улахан чиэс тиксээри турар. С. Никифоров Мин урут маннык чиэскэ тиксэ илик буолан, олус симитинним. ЖЕА ТС. Куртуйахпыт аҕыс уонча миэтэрэ бадахтаах. Тоҕо эбитэ буолла, ытар чиэс миэхэ тигистэ. АИА КБ
6 аат тыл #
Ханна эмэ саайыллан эбэтэр бэйэтинэн да туттуллар уһун сиэрдийэ мас
Нууччалыы Длинная палка, жердь, шест
Сомсоон куобахтарын ыйыыр чиэһин аннынааҕы лаабыска үрүсээгин сүөкээтэ. В. Титов Хоноһо атаҕын таҥаһын, тас сонун оһох үрдүнээҕи чиэскэ куурда ыйаталаата. ХС Тиритэллэр, өр эрдэллэр, Чиэһинэн анньыналлар. А. Твардовскай (тылб.)
7 этии #
Этиилэр
Чиэс мас
чиэс диэн курдук.
Имитэ олорор куобаҕын тириитин оһох иннинээҕи чиэс маска иилэ быраҕаат, тахсан барда. И. Гоголев Солко куһаатын тэниҥнэппэхтээн баран, чиэс маска иилэ бырахта. А. Фёдоров
Өссө холобурдар (2)
Дьоллоругар тыы үрдүгэр ууруллубут чиэс мас түспэтэх. Н. Босиков Русск. шест