Перевод с якутского
чиэски
даҕааһын, сыһыат
Нууччалыы находящийся, расположенный вдали от центра или дороги, окраинный, глухой
1 даҕааһын #
Кытыы, уһук сиргэ баар, суолтан ыраах, туора турар
Нууччалыы Находящийся, расположенный вдали от центра или дороги, окраинный, глухой
Миигин булт романтиката Тиэртэ чиэски түбэҕэ. И. Гоголев Маралаах чиэски сиргэ турар дойду, эһэ-бөрө эрэ дугуйданыан сөптөөх үрэх баһа. Е. Неймохов Үрэх туорааһыннаах, суола-ииһэ эрэйдээх, чиэски сир диэбэттэр, тиэстэ тураллар. ФВС К
2 даҕааһын #
Ураты, атын, туора
Нууччалыы Другой, иной, противный
Сыллай түөкүн, киһиттэн чиэски тылламмыккын, урааҥхайтан утары майгыннаммыккын! Амма Аччыгыйа Майгы-суобас, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыан өттүнэн Көтүүк, олохтоох оҕонньотторго тэҥнээтэххэ, адьас чиэски киһи этэ. Күннүк Уурастыырап Адьас чиэски өттүттэн ыт саҥата быһытталана-быһытталана иһиллэн кэлбитэ. И. Федосеев
Өссө холобурдар (7)
Вася сэрэйиитэ букатын чиэски буолан биэрдэ Д. Таас Сүөл, сиэрэ суох, толоос. Θ Предосудительный, неприличный. Аким чиэски быһыыта барыларын кэлэттэ. Далан Кини олус тыйыс, чиэски майгыланна. А. Сыромятникова Кини төрөппүттэрин да, бэйэтин даҕаны киртитэн, аны дьоннор наар: "Чокуураптар уоллара", – диэн туох эрэ чиэски куһаҕан оҕо курдук кэпсэтэллэрэ Д. Таас Сир киэҥ иэнэ тиийбэтинэн, Киһи бииһэ чиэски элбээн Эстэр иэдээн иһэр дииллэр, Эгэлгэлээн кэпсииллэр. Күннүк Уурастыырап Чэ, манан кэбис бүтүөххэ, Чиэски үксү аҕынным -- Ааспыты ахтан бүттүм. И. Эртюков Аҥаардастыы мин дэммит, Алыс, чиэски киһиргэммит Күннүк Уурастыырап
3 сыһыат #
суолт., кэпс. Олус, аһара
Нууччалыы Очень, слишком, чересчур