Перевод с якутского
кэрискэ
даҕааһын, аат тыл, сыһыат
Нууччалыы расположенный в ряд, рядами; тянущийся беспрерывной грядой
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Бэйэ-бэйэлэриттэн чугас-чугас кэккэлии эбэтэр уһун субурҕа
Нууччалыы Расположенный в ряд, рядами; тянущийся беспрерывной грядой
Киэҥ кэрискэ тиитим кэтэх өттүнэн Килбиэннээх күнүм килбэйэ киирдэ. Саха нар. ыр. Өлүөнэ эбэкэм үргүөрүн үрдүгэр, Кэрискэ бырааным кэрдиитин иһигэр -- Туругуран тураҕын, Дьокуускай куоратым! И. Чаҕылҕан Ыраах, куорат кэтэҕэр -- кэрискэ хайалар биир тэҥник көҕөрүмтүйэн көстөллөр П. Филиппов
2 аат тыл #
суолт. Сир-дойду киһи хараҕа ыларынан көстүүтэ
Нууччалыы Панорама, вид местности; горизонт
Томмот илин саҕах кэрискэтин өйдөөн көрдө Амма Аччыгыйа
3 сыһыат #
суолт., кэпс. Аҥаар уһугуттан, тиһэ үргүлдьү
Нууччалыы Подряд; без разбору. [Доропуун оҕонньор] түбэһиэх хаһыаттары ылан кэрискэ көрөттөөтө
Ср. др. -тюрк. кериш 'холка, верхушка горы'
4 этии #
Нууччалыы Порядковое числительное
Кэрискэ ахсаан аат мат. - предмет ахсаана хаһыс буоларын көрдөрөр ахсаан аат Кэрискэ тыа көр кэрии. Киэҥ Чүүйэ хотун Кэрискэ тыата, Киистэтин кэтэн Киэргэнэн кээспит. Күннүк Уурастыырап Кэрэ киэргэллэрин кэппит кэрискэ тыалар кэлин өттүгэр сыыйыллан -- истилэр. Эрилик Эристиин Кэрискэ тыаларга Киэһэрэн, им сүтэр. С. Тимофеев