ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэрис

Нууччалыы щербатая, сумрачно тусклая луна

Ис хоһооно · 4
I

1 #

кэрис бараан ыйдаах (ыйдаах-күннээх) фольк. - олоҥхоҕо Аллараа дойду ыйын-күнүн хоһуйарга туттуллар уларыйбат эпиитэт сорҕото, чопчу суолтата биллибэт

Нууччалыы Щербатая, сумрачно тусклая луна (часть постоянного эпитета солнца, луны эпического Нижнего мира в олонхо)

  • Кэдирги эргиирдээх кэлтэгэй кэрис бараан ыйым кэдирги кэмниэтин! (андаҕар). ПЭК ОНЛЯ II. Кэрис бараан дьүһүннээх Кэлтэгэй ыйдара-күннэрэ Тиэрбэс иитин курдук Тиэрэ эргийэн хааллылар.
    П. Ойуунускай
  • Кэрэ күммүт оннугар Кэрис бараан ый тыгар. Н. Тарабукин (тылб.)
II

2 #

кэрий диэнтэн холб. туһ. Доҕотторо тэҥҥэ кэристилэр

3 #

Тугу эмэни уочарат быһыытынан ылан, биэрэн, туһанан ис

Нууччалыы Брать, передавать, использовать что-л. в порядке очереди

  • Уоттан ордон хаалбыт биир тимир куруусканан үһүөн кэриһэн чэйдэрин иһэн, күөл бүүрүгүн үрдүгэр сукуһан олордулар.
    Амма Аччыгыйа
  • Саҥа кэлбит дьон кэриһэ иһэн баран чороону остуолга уураллар.
    Эрилик Эристиин
  • [Эһэ] ис буотараҕын иһин сыатын кытта холбуу кырбаан, буһаран саламааттыыллара уонна кэргэн барыта мас хамыйаҕынан үллэстэн кэриһэн сииллэрэ.
    ПАК ЭТ
III

4 #

көр кэрии. Кэрис тыабар кэҕэ этэн кэҕийдэ, - Тула өттүбэр Тоҕус сайын сатыылаата. Л. Попов

«К» буукуба