Перевод с якутского
кэриҥэ
сыһыат, кэнники тыл
Нууччалыы около
1 #
дьөһ
Икки биэрэстэ кэриҥэ сири барбыппыт кэннэ, өрүс куртаҕа кэллэ. Т. Сметанин Ынах күөлэ бөһүөлэктэн балтараа көс кэриҥэ. П. Аввакумов Кыылым хап-хатаннык чаҥыргыы түһээт, былас кэриҥэ нэлэмэн кынаттарынан өрө сапсыммахтаата Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (7)
Туох эмэ ахсаанын барыллаан этиигэ туттуллар. Θ Употребляется для выражения приблизительного подсчета количества чего-л. Биһиэхэ, сахаларга, А. Кулаковскай хомуйуутунан, тыһыынча кэриҥэ өс хоһооно баар.
Суорун ОмоллоонАллайыаха үрдүнэн бүтүннүүтүнэн ыт айаҕар сылга балтараа мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ ороскуоттанар. Н. Заболоцкай Икки сүүс биэс уон кэриҥэ хаһаайыстыба Украина Полтавскай уобалаһыттан Саха сиригэр көһөрүллэр буолбута Н. Якутскай Туох эмэ ыйааһынын, мээрэйин барыллаан этиигэ туттуллар. Θ Употребляется для приблизительного выражения веса, меры чего-л. [Казаков:] Сибилигин эйиэхэ халлаантан боппууда кэриҥэ кыһыл көмүс түстэҕинэ, сирээри тураҕын дуо? С. Ефремов Оттон [сэлиэһинэй] үүттүйэ буһан эрдэҕинэ, мантыҥ биир туораҕыттан ыстакаан кэриҥэ бэртээхэй үүт кэлэр, кокосовай эриэхэ үүтүттэн ыыра атына суох Г. Угаров Туох эмэ сороҕун барыллаан этиигэ туттуллар. Θ Употребляется для приблизительного выражения части чего-л. [Бандьыыт:] Арҕаа булгунньаҕы кыһыллар ыллылар. Ньуукка бааһырбыт. Дьон аҥаарын кэриҥэ өллө. С. Ефремов Баартар үөрэх, үлэ дэһэн, Ыччат дьон үксүн кэриҥэ Баал Хабырыыс
2 #
Төрүт түһүгү кытта туох эмэ кээмэйин барыллаан этиигэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется с основным падежом имени для выражения приблизительной меры чего-л. (примерно, около)
3 #
Төрүт түһүгү кытта бириэмэ сыһыанын көрдөрөн, хайааһын оҥоһуллар кэмин барыллаан этэргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется с основным падежом имени для выражения временных отношений, как приблизительный подсчет продолжительности протекания действия (около, примерно)
Чычымах Амматыттан отут көстөөх куоракка ыҥыыр атынан лобуойдатан, нэдиэлэ кэриҥэ айаннаан киирэҕин. Амма Аччыгыйа Икки чаас кэриҥэ буолан баран, Бертиннээх тиийэн кэлбиттэрэ. Н. Якутскай Орунбаевтар бу дойдуга, бу дьон ортотугар түбэспиттэрэ ый кэриҥэ буолбут Эрилик Эристиин