Перевод с якутского
хас
туоһулааччы, туохтуур, аат тыл
Нууччалыы копать, рыть, выгребать (землю, снег, копну, яму), добывать что-л
English how many, how much
Ис хоһооно · 10
1 туохтуур #
Тугу эмэ үрдүттэн эбэтэр таһыттан оҥхоччу баһан, тарыйан эбэтэр көөрөтөн иһигэр дириҥээн киирис, түс
Нууччалыы Копать, рыть, выгребать (землю, снег, копну, яму), добывать что-л
Ыттар хаары хаһан халаачыктыы эриллэ сыталлар. Н. Габышев 1200 миэтэрэ дириҥнээх сири хаһан көрбүттэр да, кимберлит дириҥээтэҕин аайы суптуйан аллараа диэки түһэ турбут. И. Данилов Уоту былыр, оҥкучах хаһан баран, онно оттоллор эбит Багдарыын Сүлбэ
Өссө холобурдар (3)
Оннук баһан, көөрөтөн тугу эмэ оҥор эбэтэр тугу эмэ таһаар, хостоо. Θ Копать, долбить что-л. (напр., землю, дерево), сооружая что-л. Мин былыр эдэр сылдьан ийэбэр үүт умуһаҕа хаспытым, икки миэтэрэ туоралаах, икки миэтэрэ кыайбат үрдүктээх.
Суорун ОмоллоонИкки аарыма тиит икки ардыгар суон бэрэбинэлэри оҥо хаһаммын, суорбун ол иһигэр уган, араҥастаан кэбиспитим. И. Федосеев Ити кэмҥэ мин уһуктаах быһаҕынан былыр сыал ыппыт ампаардарын эркинин хаһаан-хаһан, уон сэттэ доруобунньугу булбутум М. Чооруоһап
2 туохтуур #
Ханна эмэ тугу эмэ кичэйэн көрдөө
Нууччалыы Тщательно искать, обыскивать что-л
Остуолун дьааһыгын хаспыта, Миэхэ снимогы ууммута, Бэйэтэ хостон тахсыбыта. П. Тобуруокап [Данилович] туумбаны хаһан биир халыҥ паапканы сулбу ойутан таһаарда. М. Доҕордуурап Хотоҥҥо тахсан долборугун, эркиннэрин бары быыһын барытын хастылар М. Попов
Өссө холобурдар (3)
Туох эмэ иһигэр илиигин уган тугу эмэ көрдөө. Θ Шарить, искать что-л., засунув руку внутрь чего-л. "Кинээһиҥ сурук ыытта", – диэн баран киһи торбос тириитэ ботуоҥкатын хаһан хачыгыратта уонна оһумуой кумааҕыны ылан биэрдэ. М. Доҕордуурап Атен тойон Бурхалей сиэбин хаһан көрдө, онтон сототун быатын быһыта тыытан ылла. Эрилик Эристиин Иниспиэктэр аа-дьуо суумкатын хаста уонна кумааҕы, уруучука ылан суруйардыы бэлэмнэнэн олордо. ЖЕ ТС
3 туохтуур #
Хаар анныттан оту табыйан таһаараары хаары хаһый (хол., сылгы, таба туһунан)
Нууччалыы Выкапывать, добывать (корм из-под снега копытами)
Сотору-сотору сылгы хаһан аһаабыт суола кэлитэлээтэ. Амма Аччыгыйа Саха сылгыта кыһыҥҥы халыҥ хаары хаһан аһыыр дьикти дьоҕурдаах. АНП СЭЭ. Хара, элэмэс, маҥан табалар лабыкта көрдөөн хаары хаһаллар. Тэки Одулок (тылб.)
4 туохтуур #
Тохтообокко, ааспакка-арахпакка туох эмэ бииргэ эрэ болҕомтоҕун уур, ону эрэ эккирэтис, буулаа
Нууччалыы Не замечая ничего другого, всецело сосредоточиться на чём-л. одном, копать, раскапывать что-л. (напр., какую-л. информацию)
Мунньахха тура-тура миигин сэмэлииллэр. Бука бары киксибит курдук дьэ хаһан аҕай турбаттар дуо? С. Федотов Кэпсэтии иннигэр иһэр суолларга тохтообокко, барыта ааспыты хастылар. Эрилик Эристиин [Киирии эксээмэҥҥэ] уон иккис үйэ атахтаата. Муҥар экзаменатор ити үйэни эрэ булан хаһар буоллаҕа үһү. Э. Соколов
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС хаз, тюрк. казу, газ ‘копать, рыть’
5 аат тыл #
ыйыт. солб. аат
Хас акка наадыйаҕытый? Н. Якутскай [Байбал:] Ол хас сыарҕалаах отуй, онтон ордугар тугунан биэрэҕин? А. Сыромятникова [Варя:] Табаарыс, эһиги холкуоска хас кылаастаах оскуола баарый? С. Ефремов
6 аат тыл #
Ахсааны, кэми, кээмэйи, сыананы ыйытан бэлиэтиир тыл, төһө
Нууччалыы Вопросительное местоимение – какое количество, сколько
7 аат тыл #
тыл суолталаммыт туохтуурдары кытта туттулуннаҕына "хайааһыны ааҕа, көтүппэккэ" диэн суолталанар
Нууччалыы В сочетании с глагольными именами передаёт понятие "каждый"
Кинилэр окуопаларыттан тахсан барар хас хардыылара кутталлааҕа. Н. Якутскай [Хамыыһыйа чилиэттэрэ] товаровед чинчийэн көрөр-истэр хас хамсааһынын ааҕа турдулар. М. Попов Настя уора-көстө Сэмэнчик хас хамсааһынын барытын одуулаһар ХС
8 аат тыл #
уур эбэтэр аат тыл форматын уонна аайы, ахсын дьөһүөллэри кытта туттулуннаҕына, бу дьөһүөллэр суолталарын күүһүрдэн биэрэр
Нууччалыы В сочетании с глагольной или именной формой и с послелогами аайы или ахсын усиливает значение данных послелогов
Хас көрүстэҕин ахсын арааһы кэпсээн, өйдөтө-сүбэлии сатыыра. Р. Кулаковскай Хас сырыттаҕын аайы быһаҕын көрдүүр да, Тураах Уйбаан биэрбэт. МНН. Ол хас бултаан кэллэҕим аайы ордук үөрэллэрэ [ийэм, аҕам]. Аргыс- 1
9 #
эб. Бытархай ахсаан ааттартан барыллааһын ахсаан ааттары үөскэтэр
Нууччалыы В сочетании с количественными числительными образует приблизительные
Икки хас ынах, арааһа, чугаһаабыттар быһыылаах. В. Яковлев Миигин аргыстаһарга ыҥырар сурук Таняттан өссө да иккитэ хаста кэллэ. Н. Заболоцкай Дьон бэйэлэрэ сыҥалаан, икки хас киһи тустан көрдөрдө В. Чиряев
10 этии #
Нууччалыы Все до единого
Этиилэр
Хастара хаһынан
бары биирдии бэйэлэрэ ахсыыларынан Хастара хаһынан акаарылара, тугу да билбэттэрэ сордоммут дьон.
[Баһылай:] Хастара хаһынан мин баайбар харахтарын тобулу аалларар буоллахтара, бэл төрөппүт уолум. А. Софронов [Сырбай:] Туй-сиэ! Бу дьон хастара хаһынан баайсан түһэннэр! Амма Аччыгыйа
Хас уонна
элбэхтик хатылаан (тугу эмэ гын).
Много раз, многократно (что-л. делать).
Ол курдук, хас уонна түҥнэстэ сыһа-сыһа арҕаа туораата. С. Васильев Хас уонна итэҕэйбитим буолуой, бу сааспар, хотон механизациятын дьэ баһылыыр буоллубут диэн. В. Яковлев
Хас хардыы аайы
сотору-сотору, чаастатык.
На каждом шагу. Хас хардыы аайы саалаах дьоннор. Амма Аччыгыйа. Мин дойдум. Хас хардыы аайы булабын Бэйэм суолбун. С. Данилов.
[Татыйаас:] Билигин мин дьол туһунан таҥараҕа тиксэр кэриэтэ санаан ааһабын. Оттон сору хас хардыым аайы көрсөбүн. М. Доҕордуурап
Хас хардыытын ааҕар
кими эмэ саралыы тардаары, хаһан бүдүрүйэрин, алҕаһыырын кэтэс, манас.
Следить за каждым шагом кого-л. с целью разоблачить.
Дьэрэмииһэби эккирэтэн, хас хардыытын ааҕа сылдьар үһү. Болот Боотур
Хаһан да хайыай
кыһалҕаттан оҥороругар, тулуйарыгар, уйарыгар тиийэр диэн этии.
Ничего не поделаешь, приходится терпеть, согласиться, примириться с чем-л.
"Хаһан да хайыаҥый, тулуй", – диэтэ, Аргыый аҕай, амарахтык кууһа. С. Данилов Хаһан да хайыамый, үүнэ-тэһиинэ суох киһи мин быар куустан баран, олорон кэбистим. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС хач, ханч, тув. каш ‘сколько’