Перевод с якутского
төһө
туоһулааччы, сыһыат, солбуйар аат, аат тыл
Нууччалыы сколько
English how many, how much
Ис хоһооно · 7
1 туоһулааччы #
Нууччалыы сколько
English how many, how much (what quantity)
мунньахха төһө киһи кэлбитий? сколько людей пришло на собрание?how many people came to the meeting? бу сыаната төһөнүй сколько это стоит?how much does it cost?
2 туоһулааччы #
Нууччалыы насколько
English how much, how well (to what extent)
сахалыы төһө билэҕин? how well do you know the Yakut/Yakut language?
3 аат тыл #
ыйыт. солб. аат. Ахсааны, кэми, кээмэйи, сыананы ыйытарга туттуллар тыл; хас
Нууччалыы Сколько. Окуопа хастан сытар бандьыыттар төһөлөрүн билбэккэ эрэ атаакалыыр букатын табыллыбат. Н. Якутскай. Иван Васильевич холкуос төһө ырааҕын, төһө табалаах хас киһи төһөнөн бадахтаахтык кэлиэхтээхтэрин аргыый ыйыталаһар. Амма Аччыгыйа. Ити дьарапылаан улахана төһө буолуой? Күндэ. Хата, ат буола оонньуох, мин эйигин көлүйүөм, төһө таһаҕаһы тардар эбиккин, көрүөхпүт. И. Никифоров
Этэрбэстэрин төһө бэркэ кичэммиттэрэ эбитэ буолла? Амма Аччыгыйа [Чокуурап:] Төһө улаатабын да, соччо элбэхтик тиэхиньикэни туһанар кыахтанабын. С. Ефремов Снайпер "булда" тахсар, төһө кыраҕыта биллэр мүнүүтэлэрэ кэллилэр Т. Сметанин
4 сыһыат #
Туох эмэ хайдах кээмэйдээх, кэриҥнээх буоларын, оҥоһулларын ыйытарга туттуллар тыл
Нууччалыы В какой мере, степени, насколько, как
5 сыһыат #
Туох эмэ сабыытыйаҕа сыһыаннаах кэми-кэрдиини, бириэмэни ыйытарга туттуллар тыл
Нууччалыы Сколько (употр. для уточнения времени, связанного с чем-л.). [Наһаар] төһөнөн өр олордоҕун аайы, оччонон кини ынырыктаах суолга туруммутун өйдөөн баарта
Төһө өр маннык эрэйдэниэх муҥмутуй?! М. Доҕордуурап Отонньут курдук биирдии тонуктаһан, төһө бириэмэнэн кыракый оҥоойугу толороруҥ биллибэт В. Яковлев Төһө ахсаан аат чыыһыла өйдөбүлүгэр муҥура суох элбэх, ол эрээри күннээҕи кыһалҕаҕа, үгэс курдук, сүүс, тыһыынча иһинэн суоттанар. ФГГ СТ. Төһө кыайаргынан көр кыайаргынан. Биһиги улуу омуктар үтүө үгэстэрин төһө кыайарбытынан батыһыахтаахпыт. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
Төһө кыалларынан көр кыалларынан. "Төһө кыалларынан түргэнник кэлэ сатыам этэ", - Сэмэнчик чэйин сыпсырыйбахтыыр. Н. Якутскай Төһө сатанарынан көр сатанарынан. Кини сирэйин фашист диэки биирдэ да туппатаҕа, төһө сатанарынан киниттэн тэйиччи тутта сатаабыта.
Суорун ОмоллоонСр. тув. чеже, узб. неча, кирг. нече, нечен ʻсколькоʼ
6 сыһыат #
Туох эмэ ырааҕын-чугаһын ыйытарга туттуллар тыл
Нууччалыы Сколько, насколько (употр. для выяснения, уточнения расстояния)
"Төһө ыраах тэптим буолла" диэбиттии, ата аргыый хайыһан көрдө. Амма Аччыгыйа Кинилэр барар сирдэрэ төһө ырааҕын, хайдах сирдэринэн айанныахтарын кэпсэтэллэр. Т. Сметанин Оскуолаттан дьиэҥ төһө ырааҕый? КИИ СТ-
7 сыһыат #
à Төһө ахсаан аат тыл үөр. – предмет чопчу ахсаанын эбэтэр чыыһыланы бэлиэтиир ахсаан аат (саҥа чааһа) арааһа
Нууччалыы Количественное числительное