Перевод с якутского
эргин
аат тыл, кэнники тыл, сыһыат, туохтуур
Нууччалыы окрестности
English environs, neighborhood, surroundings; environs, neighborhood
Ис хоһооно · 10
1 аат тыл #
Нууччалыы окрестности
English environs, neighborhood, surroundings; environs, neighborhood
хайа эргинтэн сылдьаҕын? ты из какого края?where are you from? бу эргин дьон здешние жителиthe locals of this neighborhood
2 кэнники тыл #
Нууччалыы о; вокруг; близкий
English about, around, near
дьиэ эргин вокруг домаaround the house үрэх эргин у рекиnear the river
3 туохтуур #
Тугу эмэ харчыга эбэтэр атыҥҥа, бэйэҥ наадыйаргар эргит, оннук атыылаан эргитиинэн дьарыктан
Нууччалыы Заниматься куплей, продажей, торговать
Эргинэн-эргинэн иннэҕэ тиэрпиккэ дылы (өс хоһ.). Микииппэрэп кинээс дьоно буутунан табаҕы, куһуогунан таҥаһы тиэйэ-тиэйэ, илин-арҕаа эргинэ көтүтэллэр. М. Доҕордуурап Биир улахан тэрилтэни кытта чопчу дуогабардаһан, үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйаны ырыынак сыанатыттан үрдүктүк атыылыахха, эргиниэххэ сөп ДАМ
4 туохтуур #
Барыстанаары, барыһыраары, тугу эмэ атыы-эргиэн оҥоһун
Нууччалыы Превращать кого-что-л. в предмет купли-продажи в корыстных целях, торговать кем-чем-л
“Оттон хайа уонна иллэрээ сыл кыыһын атыылаан эргинэн турар дии”, – диэн куолулуур Силлибит Уос [киһи аата].
КүндэУбайа оҕонньор Харытыананан эргинэн, сир ылаары гынарын туһунан эмиэ өйүгэр-санаатыгар тугу да иилэн ылбата.
П. ОйуунускайХас ааһан иһэр күрүөйэх түөкүттэргэ эн эккинэн-хааҥҥынан хаста эргинэн хааллылар этэ?! Амма Аччыгыйа
5 туохтуур #
Туох эмэ табаары үрдүк сыанаҕа атыылаан барыһыр, эргиэмсиктээ
Нууччалыы Быть барышником, барышничать
6 аат тыл #
Туох эмэ чугаһа, тулата, тулалыыр сир
Нууччалыы Местность, прилегающая к чему-л., окружающее пространство, окрестность
Бары эргинтэн дьон кэлэллэр. ПЭК СЯЯ. Мин булчут этим. Бу эргин арай ити Өкүлүүн аҕата Ньукууһа миигин эргиччи баһыйара. Амма Аччыгыйа Боломуочунай бу эргин төһө өргө диэри сылдьар? Р. Баҕатаайыскай
7 этии #
Нууччалыы Находящийся или живущий в окрестности, расположенный вблизи, окрестный. [Миитэрэй] чугас эргин дьону барытын үтүктэн күллэртээтэ
Этиилэр
Дьиэ эргин (эргиннээҕи) көр дьиэ I
Мин дьиэ эргин үчүгэй булчутунан ааҕылларым. Н. Якутскай
Чугас эргин (эргиннээҕи)
олус ырааҕа, тэйиччитэ суох, тулатынааҕы Амма Аччыгыйа.
Чугас эргин оройуоннарга маннык үчүгэй оҥоһуулаах остолобуой аҕыйаҕын туһунан кэпсэтии буолбута. “Кыым”
8 #
дьөһ
Ойоҕо ааттаах куолутунан куорат эргин сырыттаҕына, бу киһи тыына киэһэлик быстаахтыыр. Огдо. Ньурба эргин маҕаһыын атыыһыттара этилэр. ФГЕ ӨӨСҮҮ. 1970 сыллаахха төрөөбүт дойдубар тахсан, Чакыр, Хайахсыт, Хадаар, Хоптоҕо нэһилиэктэрин эргин кэрийэн көрүтэлээбитим КМП ДьБ
9 #
Хайааһын туох эмэ тулатыгар, чугаһыгар буоларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется при обозначении местности вблизи которой совершается действие (окрест, поблизости, около, в)
10 #
Бириэмэ, кэм суолталаах ааттары кытта хайааһын оЅоһуллар кэмин барыллаан көрдөрөр
Нууччалыы Употребляется при обозначении времени, выражая приблизительный характер момента совершения действия (к)
“Биһиги даачаҕа тахса сылдьыахпыт. Алта эргин кэлээриҥ”, – диэтэ Мааппа. Н. Босиков Саар Көстөкүүн таҥара күнүн эргин аны андыны мэнээк бултаатылар. С. Маисов Балтараа ый айаннаан, Москваҕа атырдьах ыйын ортотун эргин тиийбиппит. “ ХС