Перевод с якутского
сап
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы закрывать
English thread, string
Ис хоһооно · 18
1 туохтуур #
Туох эмэ аһыллыбыты, арыллыбыты төттөрү оннугар түһэр
Нууччалыы Закрывать (что-л. отворённое или раскрытое, напр., дверь или книгу)
Мааппа эмээхсин, оҕуруотун аанын сабан, сүүрэ былаастаан бэйбэрийэн кэллэ. Далан Серёжа -- кинигэтин ааҕан бүтэн, тыастаахтык сабан тап гыннарда.
Н. ЛугиновКумааҕыларын суулаан оннугар ууран кэбистэ, хоппону [холбуйаны] сабан хаппахтаан кэбистэ.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
Харахпын сабабын - Долгуну истэбин, Харахпын аһабын - Доҕорбун көрөбүн Т. Сметанин
2 туохтуур #
Тугу эмэ бүөлээн, туох эмэ сүүрэрин, тахсарын тохтот
Нууччалыы Закрывая, заслоняя чем-л., прекращать свободное течение, свободный выход чего-л.; закрывать, перекрывать
Кырааны сап. Быһыты сап. Биирдэ кыһыҥҥы түптэлэс тымныыга оһохпун олус эрдэ сабаммын угаардаан, төбөбүн былаатынан бобо тардынан, -- оҕолорбор дьыктаан суруйтара олордум Амма Аччыгыйа Мэһэй оҥорон, суолунан эбэтэр ханна эмэ көҥүл сылдьары тохтот. Θ Преграждать свободное движение или свободный доступ кого-л. куда-л. Суолу сап.
Өссө холобурдар (1)
Отучча пограничнигынан заставам учаастагын барытын сабар баҕалааҕым Н. Якутскай
3 туохтуур #
Туох эмэ прибору, аппарааты үлэлээбэт балаһыанньатыгар төннөрөн тохтот
Нууччалыы Приостанавливать работу какого-л. прибора, аппарата, переключая его на нерабочий режим; выключать
Араадьыйаны сап. Көрүдүөргэ, арыт күүлэҕэ Көрсө түһэбин ол ыалларым Лаампа аһар, сабар эйэҕэс Чаҕыл диэн уолчааннарын. М. Тимофеев Балбаара тэлэбиисэри сапта ХС
4 туохтуур #
Кими-тугу эмэ туохтан эмэ харыстаан эбэтэр атын соруктаах тугунан эмэ бүрүй, үрдүгэр тугу эмэ уур
Нууччалыы Защищая от чего-л. или в других целях покрывать, накрывать кого-что-л. чем-л
Ииннэр түгэхтэрин, эркиннэрин, үрүттэрин хап-халыҥнык көмөрүнэн, туоһунан хайыҥнаабыттар, саппыттар. Күннүк Уурастыырап Икки саллаат ыскаатар ылан остуолу сабаллар, бытыылкалаах арыгылары, үрүүмкэлэри туруортууллар. Амма Аччыгыйа Чөҥөчөк үрдүгэр миинэбин ууран баран отунан-маһынан саптым Т. Сметанин
Өссө холобурдар (2)
Буолан, түһэн саба халый, куус (хол., итии, тымныы, чуумпуруу, туох эмэ санаа, билгэ туһунан). Θ Охватить, объять, обнять кого-что-л. (напр., о тишине, о каком-л. чувстве). Ибир салгын сөрүүн тыына Ходуһаны аргыый сабар. Отуу диэки хомус тыаһа Отчут уолу ыҥырар. Л. Попов Күнүскү күүс үлэттэн Сынньана сыппыта, Минньигэс уу кыната Кинини саппыта Эллэй
5 туохтуур #
Туох эмэ сырдыгын хаххалаа, күлүктээ
Нууччалыы Заслонить собой или чем-л. свет, источник света; закрыть, скрыть (напр., солнце, небо или окно)
Дьөгүөрдээн -- халтаһалара силбэһэ иһэннэр, икки хараҕын саппыттар. Амма Аччыгыйа Арай улахан хара былыт кэлэн күнү сабан кэбиспитэ.
Суорун ОмоллоонХаллааны хараҥа сабар, Хаары буурҕа ытыйар Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (3)
Тугу эмэ киһи хараҕыттан хаххалаа, көстөрүн бүөлээ. Θ Покрывая, заслоняя собой, делать что-л. невидимым, скрытым от взора. Түүн аайы туманнар-сииктэр Түһэннэр хонууну-толоону сабаллар. С. Васильев Олус сарбыйан [ырбаахыта] агдатын эрэ сабар. Т. Сметанин Сүүспүн сабар Сүүмэх көҕүл бараммыт Баал Хабырыыс
6 туохтуур #
Тугу эмэ үрдүттэн тугунан эмэ көмөн көстүбэт, биллибэт гын; көм
Нууччалыы Ложась на что-л. делать его неразличимым сверху, покрывать; заметать
Хаар түһэн сири-буору сапта. [Баһылай:] Хайа, оккун үчүгэйдик харбаатыҥ, сыарҕаҥ суолун хаарынан саптыҥ дуо? А. Софронов Холорук хоболоох хонуктар аастылар, Хочолор сааһынан тыыннылар. Ытык дьон ииннэрин күөх оттор саптылар, Ынчыктаах баастарбыт остулар. Эллэй. Көтөҕө саппыт ыллыгынан, Кытыан угун быыстарынан Хааман иһэр хара улар, Хонолдьуйар, тоҥхолдьуйар М. Тимофеев
Өссө холобурдар (3)
Туох эмэ тимирэн көстүбэт буолуор диэри туол, кутулун. Θ Набираясь во что-л. покрывать собой что-л. (напр., о жидкости и сыпучих телах). Отонум иһитим түгэҕин саба илик. Уу тыы түгэҕин сабан барда. Н. Заболоцкай Балыгы көстүрүүҥкэҕэ, сабар эрэ гына тымныы ууну кутан, бэйэ сөбүлүүрүнэн тууһаан баран буһарыллар. Дьиэ к
7 туохтуур #
Ханнык эмэ тэрилтэ үлэтин тохтот эбэтэр букатын уурат
Нууччалыы Прерывать или прекращать работу какого-л. учреждения, предприятия; закрывать
Маҕаһыыны сап. Кулуубу сап. Тутуу учаастагын сап. Биһиги нэһилиэкпит дьоно маҥнайгы таҥара дьиэтин сабарга уураах таһаардылар А. Бэрияк Тугу эмэ түмсэн эбэтэр бэчээтинэн кыттан дьүүллэһиини тохтот, бүппүтүн биллэр. Θ Объявлять о прекращении или завершении какого-л. мероприятия. Мунньаҕы сап. Миитини сап
Өссө холобурдар (2)
Туох эмэ ахсаан докумуона толоруллуутун түмүктээ. Θ Подытоживать или прекращать ведение какого-л. расчётного документа. Бүгүн биригээдэлэр таабылларын сабар, ыйдааҕы отчуоттарын оҥорор күннэрэ. П. Егоров "Антип, нэрээттэ сап", - дии-дии батыһа сылдьан кутугунаталлар А. Данилов
8 туохтуур #
Тугу эмэ дьоҥҥо-норуокка иһитиннэримэ, таһаарыма; кистээ
Нууччалыы Сохранять что-л. в тайне, не предавать огласке, утаивать от общества
Киһи буруйун сап. Ыраахтааҕы былааһа Шевченко айымньыларын норуоттан кистии, саба сатыыра, кини кинигэлэрин бэчээттээһини боборо. Софр. Данилов. [Үчүгээйэп] холкуос үбүн-аһын бэйэтин киэнин курдук туттар. Түөкүттэри, арастырааччыктары сабар С. Ефремов
9 туохтуур #
Туох эмэ ороскуотун, ночоотун бүөлээ, толуй
Нууччалыы Возмещать (убытки), покрывать (расходы, убытки)
Икки ынаҕы тутуннум, онтукам массыына сыанатын аҥарын эрэ сапта. Далан Ынах сүөһүгэ ночоотурууну сылгы үөскээһинэ сабыа дуо? ХС
10 туохтуур #
Тугу эмэ баһыйан баттаа, тууй, сүтэр
Нууччалыы Брать верх над чем-л., не давать проявиться чему-л. (напр., правде, справедливости)
Төһө да кинилэр дэлбэрийбиттэрин иһин, үтүөнү, кырдьыгы сабыахтара суоҕа. Н. Неустроев Аһыылаах өйүгэр туох киирбэтэй: Киирэр дьоллоох сырдык санаа, Сырдыгы сабар хараҥа, дьүлэй, Дууһаны тууйар ыар санаа. С. Данилов Хааннаах кыргыс уурайан, Кыайыы дьоло саптын Өлүү-сүтүү ынырыга Бүрүйэн ааспытын И. Чаҕылҕан
11 туохтуур #
хаарты. Хаарты оонньуутугар: хаартыны улахан харахтааҕынан оҕус
Нууччалыы Крыть, бить карту в карточных играх; покрывать
Мин уон хараҕынан сабабын Хаарты ууран сүүйэн, төһөнү эрэ охсон ыл. Θ В карточной игре на одну ставку выиграть какую-л. сумму. Хаартыһыт киһи бэйэтэ биир хаартыга мөһөөҕүнэн харчыны сабар, -- дьиэтигэр буоллаҕына оҕолоро кус сыгынньах буолаллар Эрилик Эристиин
12 туохтуур #
Тыһыгын сиэмэлээ, буоһат, бат (хол., оҕуһу, кыылы этэргэ)
Нууччалыы Оплодотворять самку; покрывать (о животных)
Атыыр [саһыл] төһө тыһыны сабара хаһаайыстыбаҕа биирдии атыырга хастыы тыһы тиксэринэн быһаарыллар. БЗИ СА
13 этии #
Нууччалыы Губить, приводить к гибели, опустошать жилище (напр., о голоде, эпидемии)
Этиилэр
Ааннарын саппат (саппат буолла) көр аан I
Урут Бодойбо көмүстээх бириискэлэригэр үлэлии сылдьыбыт дьон, -- "Холбоһук", "Экономия" лааппыларын ааннарын саппат буолбуттара. Н. Якутскай [Соловьёвтар] аһыыларын үллэстээри [дьон] күнү быһа ааннарын саппатылар. ССС. Буруотун сап - тугунан эмэ ыалы быс, ыал аатыттан аһар Бугул да оту Муостаахпар тиэйбэт, Буруобун сабар Буоллуҥ дии, нохоо! Эллэй. Сут дьыллар сорох-сороҕу буруоларын саптахтара. Айталын.
Былыргыны былыт саппыта көр былыргы
[Марк:] Былыргыны былыт саппыта. Уонна ол кыыс мин сурукпар хоруйдаан дьоллообутун өйдөөбөтүм. Пьесалар - 197 8. Сыл (сыллар, күн-дьыл көмнөҕө, хаара) сабар - (туох эмэ буолбутуттан ыла) элбэх сыл ааста, оччотооҕу умнуллан барда.
(С тех пор) много воды утекло и (многое) забыто.
Үгүс сыллар аастылар Көччөх буолан көппүттэн, Сыллар да саппатылар Ийэ дойдум күндүтүн. С. Данилов Сыл саппыт саастарын Саныаҕыҥ, атастаар, Тапталга даҕаны Туораммат көҥүс баар. Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
Др. -тюрк. йап, тюрк. йап, чып, ябу, жап
14 аат тыл #
Таҥаһы тигэргэ, баайыы баайарга уо. д. а. туттуллар, үүнээйи утаһыннарыттан, түүттэн, иҥииртэн уонна да атынтан хатыллар синньигэс ситим курдук оҥоһук
Нууччалыы Тонко скрученная пряжа для шитья, вязания и т. п.; нитка
Сатаммыт сап саҕаттан салҕанар (өс хоһ.). Хас да мотуок сабы буллулар. Амма Аччыгыйа Кубарыйбыт уҥуох сирэйдээх, харбыччы хаппыт кыракый эмээхсин сыгынньах ньилбэгэр иҥиир сап хатан будьуктаһар. Болот Боотур Таня оһуорун анньан, солко сабын субуйа олордо М. Доҕордуурап
15 аат тыл #
поэт. Күн, сырдык тыгар сардаҥата
Нууччалыы Лучи солнца, света
Онно көмүс сүүмэхтэртэн Хатар сабын күнүм ыһар. С. Данилов Саас чаҕылын саптара Ыйаммыттар диэбитим - Ооҕуй көмүс илимин Алҕаһаабыт эбиппин. П. Тобуруокап Үрүҥ көмүс сүүмэх сап Уҥа түннүгүнэн сыыйыллар Баал Хабырыыс
16 аат тыл #
поэт. Туох эмэ (хол., санаа) ситимэ, ситимнэнэн тахсан иһиитэ
Нууччалыы Логический ход, продолжение, нить (напр., мыслей)
Сэргэлээҕи туман сабар, Сири кыйа аргыый уста. Быстан хаалла санаам саба, Утуйуохха уолдьаста... Л. Попов Сиэнньэ, ытын саҥатын кэтэһэ, санаатын сабын сыыйа истэ. В. Миронов Тыйыс бу тыллар ыгыллыбыт санаа сабын ыйылыннары тардан, ордук кытаатыннаран, дьиппиэрдэн биэрэллэр С. Федотов
17 этии #
Киэҥ көхсө сүүтүктээҕэр кыарыыр, уһун санаата саптааҕар синньиир - уһун санаата кылгыыр диэн курдук (көр санаа). Ол билигин Аҥаардас харахтаах Адьарай биистэрэ атаҕастааннар, Киэҥ көхсүбүт сүүтүктээҕэр кыараан, Уһун санаабыт саптааҕар синньээн олоробут. Ньургун Боотур. Тат. жеп, бур. һаб
18 #
ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, са-, саа-, сал-, сан-, сар- диэн саҕаланар олохторго сыстар: сап-саһархай, сап-салҕалас, сап-сандаархай, сап-сардырҕас
Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на са-, саа-, сал-, сан-, сар-: сап-саһархай "жёлтый, прежёлтый", сап-салҕалас "сильно трясущийся", сап-сандаархай "очень яркий, лучезарный", сап-сардырҕас "сильно искрящийся, вспыхивающий лучами"
Аанча кыҥаан көрдө да табыа суох, сүрэҕэ биир кэм бип-битигирэс, илиитэ сап-салҕалас. Болот Боотур Кини бөрөттөн куттаммыта ааһа илигэ дуу эбэтэр олус үөрбүтүттэн эбитэ дуу, таныыта сап-сартаҥнас. Т. Сметанин Алаас аҥаар өттө олоччу - таҥара кийиитэ сибэкки, аҥаара - сап-саһархай алтан от. В. Гаврильева
Өссө холобурдар (2)
Чагда остолобуойугар тиийдэххинэ, киһи тыынын хаайар сахсырҕа, сап-сааҕынас, суп-суугунас. В. Ойуурускай Монг. цав, кирг. сап