ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аан

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы проем, отверстие, проход в строениях, ограждениях, предназначенное для входа, выхода, а также дверь, створ, ворота, жерди и т. п. для закрытия этого отверстия

English beginning, the foremost one

Ис хоһооно · 7
I

1 аат тыл #

Араас тутууга киирэргэ-тахсарга анаан оҥоһуллубут аһаҕас; оннук аһаҕас сабыыта

Нууччалыы Проем, отверстие, проход в строениях, ограждениях, предназначенное для входа, выхода, а также дверь, створ, ворота, жерди и т. п. для закрытия этого отверстия

  • Ааны тоҥсуй. Күрүө аанын саба сырыт. Олбуор аанын ас. Булуус аанын үчүгэйдик сап.
  • Кремль аар ньыгыл ааннара Тэлэччи аһыллан тураллар.
    С. Данилов
  • Ыт, тирии ааны муннунан силэйэ анньан, тахсан барда.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (6)
  • Ананий хаһыа да буолан быһыт аанын аһар барабаан чуолҕаныгар тэттик мастары уга-уга умса эргиттилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Кэлбит киһи Аласовка чугаһаан, сүрдьүгэс аан сиэрдийэтигэр быардыы түстэ. Софр
    Данилов
  • Араас кыыллар саһар, хорҕойор сирдэрин киирэр-тахсар хайаҕастара. Θ Входное отверстие укрытий зверей (напр., берлоги, норы). Бүүкээнниир Ыаһах буоллаҕына, дьиэтин иһигэр көтөн түһэн, биир аанын иһинэн, биир аанын таһынан гына иин хаһынна уонна онтукатыгар киирэн хаалла.
    Саха фольк
  • Мучумаан ортотугар мүччү ыһыктыбыт маһын ылан, Бурхалей аҥайа сытар арҕах ааныгар илдьэн туора тардан кэбистэ
    Эрилик Эристиин
  • Сорох маллар сабыллар-аһыллар, хаппахтанар аһаҕастара. Θ Открывающееся, закрывающееся отверстие некоторых предметов обихода (напр., железной печи, бака). Тимир оһох ааныгар Силим үллэ оргуйар.
    А. Абаҕыыныскай
  • Маайыстаан оҕунуох куппута [Баак аанын хаппахтыы турбута]
    Күннүк Уурастыырап

2 аат тыл #

Туох эмэ саҕаланыыта; туохха эмэ бачыым көтөҕүллүүтэ

Нууччалыы Начало чего-л.; почин, начинание

  • Баҕарабын саҥа кэргэттэргэ Бу дьылбыт дьол аана буолуоҕун, Оттон сааһырбыт кыргыттарга Сымнаҕас кавалер булуоҕун.
    И. Эртюков
  • Айдаан аанын төлө тарта, Аччыгыйтан орто, өлө сыста.
    С. Васильев
  • Сүһүрбүт сүдү куорат Таллан таас таһаата Түһэр өстөөҕөр буолла Өлөр өлүү аана
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
  • Аан тыа. Аан хайа. Аан үрэх. Аан ыал

3 даҕааһын #

суолт. Аан бастаан кэлэр, маҥнайгынан көрсүллэр (хол., айаннаан истэххэ)

Нууччалыы Встречающийся первым, первоначальный (на пути следования)

4 этии #

Нууччалыы Больше не заходи, больше не открывай мою дверь (говорит возмущенный чьим-л. поведением человек)

Этиилэр

Аан атайан көр атай

Аан бастаан (маҥнай) - 1) субу эрэ (урут хаһан да буола илик).

Впервые, первый раз.

  • Үөрэнээччилэрин кытары аан маҥнай көрсөрүттэн, аан бастаан кылаас аанын аһан киирэриттэн долгуйбат киһиттэн хаһан да үчүгэй учуутал тахсыан сатаммат. Софр. Данилов. Дьэбдьиэй быйыл аан бастаан Титиигин дьэ симээбэтэ, Алгыы-алгыы аал уокка Арыылаах суорат куппата.
    Күннүк Уурастыырап
  • Аан бастаан салгыҥҥа тайаарбыт Күөрэгэй оҕотун үөрүүтүн, Аан бастаан халлааҥҥа дабайбыт Хотойум оҕотун үөрүүтүн - Барытын мин онно билбитим, Барытын сүрэхпэр иҥээртим.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (8)
  • 2) Туох-ханнык иннинэ. Прежде всего, в первую очередь (сделать что-л.) Кинилэр аан бастаан куолуларынан дьиэ эргиннээҕини кэпсэппиттэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Тогойкин рюкзакка аан маҥнай көһүлүөктээх бурдугу ылан укта, эттэн аҥаарын холобурдааҕы биирдии угуталаата, онтон орпутун барытын ытыһын көхсүнэн халбарыччы тарыйан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Аан боруогун атыллыыр күннээх эбиккин - кэлэр күннээх эбиккин (олус уһуннук күүттэрбит киһини хомуруйан, мөҕөн этии). Наконец-то переступил порог (своего) дома (упрек заставившему слишком долго ждать себя и напрасно беспокоиться). Син ааныҥ боруогун атыллыыр күннээх эбиккин дии. Дьэ, хайа таҥара санаа биэрэн, дьиэҕин өҥөйдүҥ?
    Н. Неустроев
  • Аан курдук алдьаммыт (иин курдук иҥнэстибит) - улахан өлүүгэ, алдьархайга түбэспит. Ввергнуться в большую, непоправимую беду (формула фольк. происхождения). Атас-доҕор сэгэрбин, Арыйаан уолбун-биэбэйбин, Аһатар-сиэтэр илгэбин Алҕас-алҕас биэрэммин, Аан курдук алдьанным, Иин курдук иҥнэһинним... Эллэй. Ааны кэтэҕинэн астарар - эргийиэх да бокуой биэрбэт курдук уордаахтык дьиэттэн үүрэн таһаарар. Выгонять из дому, не давая опомниться (букв.: заставляет открывать дверь затылком). Мин онно кыһыйан кинини саҥарбытым, Быһата, ааны кэтэҕинэн астарбытым.
    Д. Таас
  • Аанын (ааннарын) саппат буолла - субу-субу, сотору буола-буола сылдьар буолла. Он стал очень часто посещать, ходить к кому-л. (букв.: он не закрывает дверь с каких-то пор). Очуураба хаһыакка ыстатыйа тахсыаҕыттан ыла Людмила Ивановна аанын саппат буолла ээ.
    ХС
  • Казактар, атыыһыттар, бэл чиновниктар ааммын саппат буолбуттара.
    ХС
  • Ааны хайа быраҕар - кыыһыран, өһүргэнэн, киҥэ-наара холлон дьиэттэн (хостон) тахсар. Покидать помещение в сильном гневе, возмущенный чьими-л. неправильными словами, поведением. [Семенов] кыыһыран, кыһыйан, ааны хайа быраҕан тахсар.
    С. Ефремов
  • Сахаяна ытамньыйбыта уонна ааны хайа быраҕан, таһырдьа ыстаммыта.
    ХС
  • Ааммын хайа быраҕан Алдьархай тахсан барар. Ону кытта бары куһаҕан Оҕотунуу саппай уопсар. "ХС"

5 этии #

Аан аһааччы - фольк. ааны аһан биэрэр дьиэ үлэһитэ, чаҕар Аан аһааччы Алтан Хаакыр Ааны аһан Дьиэ ааныгар Дэбдиргэ бырахта. П. Ойуунускай.

Нууччалыы Прислужник, открывающий дверь почетным гостям

Этиилэр

Аан дьиэ көр дьиэ

  • Аҕата мөҥөр саҥата аан дьиэттэн иһиллэр.
    М. Доҕордуурап
  • Кэтит көбүөр үктэллээх аан дьиэҕэ кинини [оҕонньору] дьуһуурунай иитээччи көрүстэ.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • Аан дьиэҕэ муннукка таҥара холоругун иннигэр тохтуур.
    И. Гоголев
  • Аһынар диэни билбэт арахсыы кинилэр ааннарын модьоҕотугар кэтии турарын умнан сыттылар.
    Н. Заболоцкай

Аан орон көр орон

Таһырдьаттан кыыһырбыт киһи быһыытынан, суос бэринэн, Лэкиэс киирэн аан ороҥҥо олорор. С. Ефремов. Таня хайдах эрэ холкутуйбуттук өрө тыынан ылла уонна суунан баран, остуол аан орон диэки өттүгэр кэлэн олордо. М. Доҕордуурап. Аан тыл - суругунан айымньыга аан аһар кыра кээмэйдээх ыстатыйа.

Предисловие к сочинению.

  • Ол кинигэ аан тылыгар ааҕабыт.
    И. Федосеев
  • Бу ыстатыйа аан тыл оннугар быстах-остох, бэйэ санаатын бэлиэтээһиннэринэн эрэ муҥурданар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Аан тылга этиллэрин курдук, ааптар бу уйулҕа үөрэҕин ыйыыларын оҕону иитиигэ туһаныы боппуруостарыгар иккис кинигэтэ. "Кыым". // Туохха эмэҕэ киирии тыл (хол., быыстапка аһыллыытыгар). Вступительное слово (напр., при открытии выставки). Музейы аһыыга аан тылы култуура миниистирэ эттэ.

Аан хос көр аан дьиэ

  • Аан хостон көөҕүнэс саҥа иһилиннэ. Софр. Данилов. Эмээхсин аан хоско, миигин уһугуннарымаайабын ханнык диэн, тыаһа суох хааман дьылырдыыра иһиллэр. "Хомус" 1971. Аан хоско хаар маҥан баттахтаах кырдьаҕас эмээхсин уот иннигэр олорор.
    Н. Якутскай

Айан аана көр айан

  • Айан аанын аһан, Ахсым суолу тэлэйэн Айа чаачар курдук Ахсаабакка айанныахпыт.
    С. Зверев

Кэтэх аан көр кэтэх

Мин кэтэх аантан кыырыктыйбыт баттахтаах кырдьаҕас дьахтар тахсарын күүтэбин. Софр. Данилов. Эн, баһаалыста, олбуор иһинэн кэтэх аанынан киир. Суорун Омоллоон. Суол аана - дьиэ иһинэн аан атта, аан аттын чэрчитэ; аан модьоҕото (былыргы дьиэҕэ атах-бытах дьон турар-олорор сирдэрэ).

Место у порога в доме (где стоял, сидел в старину мелкий люд).

  • "Суол ааныгар олор, биитэр бар!" - диэн көбүөлээбит Чоочо. Манчаары кыратык ботугуруу-ботугуруу, туран суол ааныгар барбыт. МНН. Кырдьар бөҕө кыһайда, Мөлтүүр бөҕө бүрүүкээтэ, Суол аанынааҕы орон Туһааннаах улаҕатын анныгар Быраҕыллан хааллым [этэрбэс]. Саха нар. ыр. II. Киирэн, буруйдаммыт оҕо курдук, кылап-халап көрбөхтүү, суол ааныгар турда. Софр. Данилов. Тас аан - дьиэттэн, күүлэттэн тахсан барар бүтэһик аан. Подъезд (дома); выходная дверь из дома. Болот ынаҕы бүтэрэ охсоору, ырычаахтаһа олордоҕуна, тас аан халҕана бэрт оргууй, боччумнаах баҕайытык тэлэллэн кэлбитэ.
    Н. Заболоцкай

Тахсар аан көр тас аан

Уолаттар уоттарын кытыытыгар олорон баран кэлбиттэрэ, икки кыыс тахсар ааҥҥа чугуруҥнаһа тураллар эбит. Амма Аччыгыйа. Үрүҥ аан - дьиэ сүрүн тас аана.

Передняя парадная дверь.

  • Саргылаана бэҕэһээ сэттис кылааска Некрасов "Үрүҥ аан аттыгар туран санаа" диэн хоһоонун туһунан тугу үөрэппиттэрин хатылаабыта. Софр. Данилов. Үрдүк ампаар дьиэ Үрүҥ ааныттан Хотуна Чалыыма тахсан, Чарапчыланан көрдө.
    С. Васильев
  • Сүөдэр Охонооһойобус ыалдьыттарын үрүҥ аанынан быһа көрүдүөргэ киллэртээтэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тюрк. эҥ, эн 'начало, перед'.
II

6 #

үрд. Үксүгэр "улуу, сүдү; баараҕай; муҥутуур" диэн өйдөбүллээх тыл сорох холбоһуктарыгар арахсыбат быһаарыы

Нууччалыы Постоянный эпитет в некоторых сочетаниях, обычно обозначает высшую степень качества: "великий, огромный, неимоверной силы"

7 этии #

Аан айылҕа - улуукан, модун, сүдү, кэрэ айылҕа (айылҕаҕа сүгүрүйэн этии) "ХС". Аан айылҕа аһыйбыттыы-абарбыттыы хара хапсыыр тыалынан, муус тобураҕынан силбиэтэнэ атаарбыта. Д. Апросимов.

Нууччалыы Величественная, прекрасная природа (преклонение перед величием, красотой природы). [Олох-чолох салайааччы] Дьаабал баара, аан айылҕа Киэркэйэ көҕөрбүт-наҕарбыт кэрэтин көрбөт буоллаҕа

Этиилэр

Аан акаары - көр аар акаары

Бу дьахтар, дьэ аан акаары буолбуккун дуу? Аатыран, сураҕыран иһэҥҥин. А. Сыромятникова. Аан алаһа - төрөөбүт төрүт дьиэ-уот, ньээкэ уйа.

Родимый дом, родной очаг.

  • Ыллык тэлэйэн Суол арыйан баран, Сылайан сындалыйан, Тоҥон моҕойон Аан алаһабар, Ийэ тэлгэһэбэр Им имирэ сүтүүтэ, Барык-сарык буолуута, Тиийэн кэлбитим баара.
    С. Зверев
  • Аан алаһатын аһаммын, Аттыгар киирэн тураммын, Алаҕар хараҕар көстөммүн, Айылгы тылын кэпсэттэхпинэ, Аччык өлөн иһэр киһини Билэ-билэ аһылыгыттан Матарыа суох дии санаата.
    Д. Говоров

Аан алдьархай көр аана суох алдьархай

Бу чолбон ордук улааппытыттан аан алдьархай, үгүс үлүгэр буолла. П. Ойуунускай. Нөҥүө сааһыгар биһиэхэ аан алдьархай ааҥнаата. М. Ефимов. Аан араллаан - киһи тулуйбат айдаана, ыһыы-хаһыы, сарылааһын; дьүүлэ-дьаабыта суох аймалҕан.

Невыносимый шум-гам, скандал, тарарам.

  • [Сибиинньэни] дьааһыкка уган баран, өрө сүгэн тахсыбатын диэн, хаппаҕын модьу маһынан тирээбиллээн кэбиһэр буоллум. Дьэ аан араллаан диэн онно: ньарылаа да ньарылаа, дьааһыгын сүргэй да сүргэй!
    ХС
  • Аан балаһа - сүдү, модун. Мощный и величественный. Өлбөт төлөн сиэмэни Өрө түллэн ыспыта, Арай тылга илбис буоллун диэн Аан балаһа уотунан тыыммыта.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (18)
  • Аан будулҕан - оргуйар курдук күөгэлдьийэр хоп-хойуу (тымныы туманын этэргэ). Густой и волнующийся (туман в зимнюю стужу). Василийдаах Афанасий, били кыыдаан кыһыннааҕы аан будулҕан киэһэлэргэ, балааккаларын иһигэр тииҥ, андаатар сүлэ олороннор сүбэлэспиттэрин курдук, икки саҥа дьиэни туттубуттара.
    ХС
  • Аан быдаан - будулҕан туманнаах тымныы оройо, муҥутуура. Самое холодное время, сопровождаемое густым туманом; стужа. Ахсынньы ый аан быдаана буолан турар.
    Күндэ
  • Аан быдаан туманынан бүрүнэн, ахсынньы ый обургу хабыалас тымныынан хабылынна.
    М. Доҕордуурап
  • Биирдэ өйдөөбүттэрэ иннилэригэр үллэйэн көстүбүт хойуу тумаҥҥа киирэн, аан быдаан ортотугар баар буолан хааллылар.
    Болот Боотур
  • Аан далаҕа фольк. - алдьатыылаах, сууһарыылаах (силлиэ, холорук). Разрушительный, сокрушительный (вихрь, буря). Арҕаа баатта өстөөҕү ситэр буурҕа, Аан далаҕа холорук силлиэтэ, Аймах дьону алдьархайтан быыһыырга Сибиир сириттэн кини кээлтэ.
    И. Эртюков
  • Аан дархан үрд. - ыар-нүһэр, улуу, бигэ (андаҕар, тыл). Священный, великий (о клятве, словах). Ийэ дойдуларын иһин кэһиллибэт кэс тылларын этэн, аан дархан андаҕары андаҕайан, гвардейскай знамяны ууруу-ууруу ааһан испиттэрэ.
    А. Бэрияк
  • Аан дархан алгыһы Алҕанаары айгыһынным.
    А. Софронов
  • Аан күдэн (күдэрик) - хойуу туман; күүстээх тыалтан хаар, буор хойуутук көтөрө. Густой туман; густая мгла, пыль. Аан күдэн араҕыста, Тэгэл тымныы тэйдэ, Уор дьыбар уларыйда, Хатан дьыбар халтарыйда.
    Саха фольк
  • Аан күдэрик ортотугар дьоннор күлүктэрэ бэрикиччиһэллэр.
    А. Софронов
  • Аан ньамаан - амтана суох олус куһаҕаннык астаммыт (ас). Крайне дурно приготовленный (о пище, притом "в большом количестве". ПЭК СЯЯ). Аан ньамаан айах - ханньастыбыт, кэп дьүһүннээх киэҥ айах. Уродливо безобразный широкий рот. Аан ньамаан айаҕа ханньастан, Бу чиччик баара хоруоптан Этэрдии, тапталын лахсыйда.
    А. Пушкин
  • Аан талҕа (таталҕа) фольк. - халлаан хайдыбытыныы дохсун хаардаах ардах (олоҥхоҕо). Сильный дождь со снегом, ураганным ветром, как низвергнутое небо (в олонхо обычно сопровождает деяния богатырей). Халлаан хара сааппаһа Хаһыырбытынан хайыта ыстанна, Тоҕус дохсун холорук Тоҕо ытыллан түстэ, Арҕаа халлаан анныттан Аан талҕа таҥнары сатыылаата [үс биис уустара охсуһаннар].
    П. Ойуунускай
  • Сытыы чысхаан сытайан барда, Түркүн холорук түһэн барда, Аан таталҕа айманан барда. Саха нар. ыр. I. Кырдьаҕас хотой улуу аан талҕа силлиэ-холорук улуурун-часкыырын ортотугар чаҥырҕаан дьаҥсыйда.
    Д. Апросимов
  • Аан талҕа буол - күдэн-таһаан буол, өрө-таҥнары ытылын. Разрушаться, переворачиваться вверх дном. Позициябыт бүүс-бүтүннүү, аан талҕа буолан, түөрэ сүргэйиллибит. Буускабыт уҥа көлүөһэтэ мэлийбит, бэйэтэ иҥнэри түспүт.
    Н. Кондаков
  • Аан туман - олус хойуу түптэлэс тымныы тумана. Густой морозный туман. Кыһынын аан туман холорук Буурҕаҕа бигэтэн хонобун. Тоҥобун, хатабын, буһабын. Ардыгар сылайан быстабын.
    С. Данилов
  • Маннык тымныыга аан туманы ортотунан тоҥуу хаарынан ыҥыыр аттаах, саалаах киһи өрө бурҕатан истэ.
    Суорун Омоллоон
  • Аан туман быыһынан ый былтаҥныыр.
    И. Данилов
  • Аан тууспан уот - сүүнэ улахан кутаа уот. Огромный костер. Аны көтөр кэлбэт дэһэн, дурдабыт кэтэҕэр, тэйэ соҕус аан тууспан уот оттоммут, аһаан-сиэн аймалаһа олордубут.
    ЭК
  • Дьоннор Амма хара сыырын үрдүгэр аан тууспан уоту оттоллор.
    Р. Кулаковскай

Аан уххан I көр аал уххан

Аал уот иччитэ Быыра Бытык, Хатан Тэмиэрийэ, Түүнүк бөҕө, Күөнэ көҕөччөр, Аан уххан, Тойон эһэм! Саха нар. ыр. II. Аал уот иччитэ Хахай саҕынньах, Алтан баһырҕас, Аан Уххан Тойоҥҥо Айах тутта. Өксөкүлээх Өлөксөй. Аан уххан II - сүдү, улуу.

Великий, крупнейший. Анемподист Иванович сахалыы тылынан бэчээт пионера уонна аан уххан тэрийээччитэ буолар. "ХС". Аан холорук (халарык) фольк.

  • - алдьатыылаах, сир-халлаан дьүүлэ биллибэт улуу силлиэ. Разрушительный смерч, опустошительный вихрь (сопровождающий деяния богатырей).

Аан халарык көр аан холорук

Аан холоругунан эрийэ-эрийэ, Аҥаардас хаарынан сабыта сыста. Р. Баҕатаарыскай. Сэттэ ый быыһа хараҥа биирдэ түстэ, Аҕыс таталҕалаах Аан халарык ытыйда. С. Васильев. Аан ийэ дайдыга Абааһы аймаҕа Адаҕыйбыта буолуо диэн, Амырыыннаах үлүгэр Аан халарык аргыстанна. Өксөкүлээх Өлөксөй. Аан чаалай поэт. - симэммит, киэргэммит күөх суугун.

Зеленый наряд (природы).

  • Онно аан чаалай айылҕа Нүһэр тойугун истэрим, - Үрүйэ тыаһын, хайаҕа Тыал кэлэнэр кэпсэлин.
    С. Данилов
  • Аан чалбар поэт. - баай-ньүөл, дэлэгэй аһылыктаах (оттуктаах). Изобильный, богатый, щедрый. Аһаппыт, айгыһыннарбыт Аан чалбар алаастарбын Хайдахтаах минньигэстик Сахалыы манньыйа саныырым буолуой.
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
  • Аан чалбараҥ - кэми таһынан элбэх ас-үөл, уйгу; элбэх аһы тоҕо-хоро аһааһын. Чрезмерно изобильное, роскошное угощение. Халыҥ хаһанан Харчы кэбиһэр, Суон саалынан Мохсуо кэбиһэр Айгы-буйгу Аан чалбараҥ диэн Бу аата буолбат дуо?!
    Өксөкүлээх Өлөксөй

«А» буукуба