Перевод с якутского
кэтэх
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы задняя сторона; зад
English back side, rear
Ис хоһооно · 10
1 аат тыл #
Нууччалыы задняя сторона; зад
English back side, rear
тыа кэтэҕэ задняя сторона лесаthe rear of the forest бэргэһэ кэтэҕэ зад кепкиthe back of the cap
2 аат тыл #
Бас (төбө) кэлин өттө; бас уҥуоҕун кэлин өттө
Нууччалыы Затылок. Илин диэки эргитэ көрдөххө - киис кыыл кэтэҕин түүтүн кэдэриччи туппут курдук, кэҥкил хара тыалаах эбит. Ньургун Боотур. Арамаан ытаан кэтэҕэ титирээн ылыталыыр. Амма Аччыгыйа. Силипиэн ытын кэтэҕиттэн таптайбахтаата. Софр. Данилов
3 аат тыл #
Ким, туох эмэ кэлин өттө, туох эмэ уҥуоргу өттө
Нууччалыы Задняя сторона кого-чего-л., противоположная сторона чего-л
Онно иэҕэйбит титиик кэтэҕэр Кэҕэ кэлэн кэпсээннээн кэҕийэр. Эллэй. Күммүт былыт кэтэҕэр көрбүтүнэн тимирдэ. И. Эртюков Биһиги чаастарбыт соҕотохто өстөөх кэтэҕэр баар буола түһэллэр Т. Сметанин Атах таҥаһын кэлин өттө. Θ Задник (обуви). Киниэхэ биир муннукка кэтэхтэрэ көтүллүбүт, хобулуктара элэйбит -- саппыкылар, бачыыҥкалар, түүппүлэлэр олус бэрээдэктээхтик ууруллан тураллар ХС
4 аат тыл #
Туох эмэ улаҕа көстүбэт өттө, киһиэхэ омос биллибэт өттө
Нууччалыы Задняя, невидимая сторона чего-л. [Поляков] бырыһыаннар, сыыппаралар кэтэхтэригэр тыыннаах дьоннору кинилэр үлэлэрин, кинилэр ситиһиилэрин уонна итэҕэстэрин араҥалаан көрө сатыыр
Софр. Данилов. Ол тыллар кэтэхтэригэр туох баарын таайа сатаан, төбөҕө араас санаалар элэҥнэстилэр.
Н. ЛугиновТуман буолбут хонуктар Тумулларын кэтэҕэр кыһыл буурҕа аттаахтар Ньиргиэрдэрэ иһиллэр Эллэй
5 аат тыл #
Ким, туох эрэ күлүгэ, кэннэ (куттамсах, чиэһинэйэ суох саһар хаххата диэн өйдөнөр)
Нууччалыы Чья-л. спина (за которой прячется трус, перекладывая на кого-л. ответственность или свои обязанности)
Туора санаалаахтан торуттан, Доҕоруҥ кэтэҕэр саһыма Л. Попов
6 аат тыл #
Ким эмэ тус бэйэтин киэнэ
Нууччалыы Принадлежащий кому-л. лично, личный
Захар Титович кэтэҕэр кэтэҕэ хамныыр, уопсайга хамнаабат. А. Федоров [Солко:] Кэтэххэ оттонноххо, тутан ылбаттар этэ дуо? С. Ефремов Кини кэтэҕэр үс ынахтаах ХС
7 аат тыл #
Уоттаах сэрии барбат сирэ, тыыл
Нууччалыы Тыл (территория позади фронта)
Хабыыча Далбаайап сулууспалыыр батальона аҕыйах хонукка сынньаныыга, толорунууга кэтэххэ таһаарыллыбыта. В. Протодьяконов Өстөөх кэтэҕэр буола түстүлэр да, ньиэмэстэри кэтэхтэриттэн кэрдибитинэн бардылар Т. Сметанин
8 аат тыл #
бэй. туһ. Былыргы дьахтар бэргэһэтин кэлин өттө
Нууччалыы Задняя часть старинной якутской женской шапки
Хара саарба харгымын түүтэ Кэтэхтэнэн тигиллибит [бэргэһэ]. Саха нар. ыр. II. Кийиит дьахталлар Кэтэх гынан кэҕийэр Киистэригэр тэҥнээтэҕэ диэн, Киҥнэнэ истииһи [Кыраһыабай кыыс].
Өксөкүлээх ӨлөксөйСр. др. -тюрк. кет 'конец, зад'; др. -тюрк кед 'конец, задняя часть'; тув. кэдэ 'хадняя сторона'; эвен. кэдэкэн 'затылок'
9 этии #
Нууччалыы Всегда будет преданным другом, надежным и в критический момент (букв. если упасть навзничь, то поддержит с затылка, если упасть лицом вниз - подопрет со лба
Этиилэр
Кэтэх өйдөөх көр кэтэх санаалаах
Кэтэх өйдөөх Никитин Кэтэһэрин бырахпыт: Өһүөннэһэр киһитин Өрүү хаһар, арахпат. Р. Баҕатаайыскай. Кэтэх санаа (санаалаах) - оҕуруктаах кистэлэҥ хос санаа; киһини кытта аһаҕастык кэпсэппэт, көнөтүнэн өйдөөбөт, оҕуруктаах, ньуолбар (киһи).
Задняя мысль, не прямой, не открытый, человек "себе на уме".
Кини доҕотторо көнө сүрэхтээх дьэллэм майгылаах дьон, кинилэргэ кэтэх санаа ньоҕоҕо ханан да сыстыбатах. А. Федоров [Хонойоохоп] кинини кытары аһаҕастык кэпсэппэт, сүрдээх кэтэх санаалаах ньуолбар киһи. С. Никифоров
Өссө холобурдар (3)
Кэтэх санаата суох сылдьартан ордук күн үрдүгэр үчүгэй баар үһүө. Н. Босиков Кэтэх түс - хом түс, сөбүлээбэт, астыммат буол. Быть недовольным, чувствовать обиду, неудовлетворенность. "Уой, Гриша, арыт тоҕо наһаа кэтэх түһэр идэлээххиний?" - Ларьяна күүппэтэҕин истэн, курус гынна. ХС "Үчүгэй сонуннаах кэлэн бараҥҥын, тоҕо кэтэх түһэ олороҕун?" - диэтэ Завилишин. К. Симонов (тылб.)
10 этии #
Нууччалыы Запасный вход в дом, заднее крыльцо
Кэтэх аан - тутуу кэлин өттүгэр баар саппаас аан Улаанчык олбуор кэтэх аанын мүччү көтөн тахсан, Наҕыл аартыгын диэки быыппаста турда. Амма Аччыгыйа Мин кэтэх аантан кыырыктыйбыт баттахтаах кырдьаҕас дьахтар тахсарын күүтэбин. Софр. Данилов. Кэтэх аанынан - кистии-саба табаары хоро тас, билсиилээхтэргэ атыылаа. Θ С черного хода, через заднее крыльцо (напр., продавать товары). [Баишев:] Мин көрдөхпүнэ кэтэх аанынан билсиилээхтэригэр биэрэ турар, оттон уочаракка турбут дьоҥҥо "суох" диир.
Суорун Омоллоон"Кэтэх аанынан хоро таһыллан [унтуу], борохуолка баһаарыгар буолунай үгүс үһү," - Бурдаачай Боскуо ситэрэн-хоторон эттэ. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (19)
Кэтэх аһа - киһи баһын кэлин өттүгэр үүнэр баттах (урут сахаларга уһун буолара). Θ Волосы, растущие на задней части головы (раньше не только у женщин, но и мужчин волосы были длинные). [Сэмэн:] Кэтэҕиҥ аһыттан ылан баран, ийэҥ-аҕаҥ ырыатын ыллата оонньуом ээ! А. Софронов Хобуоччу Маҥаачай-Алаасаны кэтэҕин аһыттан ылан илби таһыйан баран куотуллуо этэ. Амма Аччыгыйа Сыгынахха көхсүнэн буолан, ньохойон олорор эһэ оҕотун кэтэҕин аһыттан харбаан ылар. М. Чооруоһап Кэтэх олоҕо - кэтэх төрдө, моойдуун силбэһэр сирэ. Θ Основание затылка, место соединения затылка с шеей. Кэтэҕим олоҕуттан чыбырҕаччы кэйэн, ыарыйдаҕа тугун кытаанаҕай. Эрилик Эристиин Аты ураанньыгын үөһээ өттүнэн, туоһахтатын хаба ортотунан түһэрэн, кэтэҕин олоҕунан мүччү көтүтэн -- таһаарда. Эрилик Эристиин Кэтэх өттө - 1) туох эмэ нөҥүө өттө, төттөрү өттө. Θ Оборотная сторона чего-л. Эдэрчи дьахтар тахсан, оһох кэтэҕин диэки ааһан, сылабаарга уу кутан элэҥнээтэ. Н. Габышев; 2) кистэлэҥ, хос, тута биллибэт-көстүбэт өттө. Θ Скрытая сторона чего-л. Кэтэх Кирилэ Натальялаах Мүчүгү холбооттуур идиэйэтэ, дьиҥэр, кэтэх өттүлээҕэ. Р. Баҕатаайыскай Кэтэх сүгэтэ - кэтэх чочоҕоро. Θ Небольшая возвышенность, затылочный бугорок. Оботтоох-соллоҥноох батас Кэтэҕин сүгэтин быһа хабан, Сиһин сүлгүөҕүн дьукку салаан, Сыа тиҥилэҕин туура көтөн, Сири сэттэ бэчээтинэй Тоҕо дайбаан таһаарда. ХС Кэтэх, (кэтэхтэн кэтэҕиттэн) тардыстан - икки илиилэрин тарбахтарынан хатыйан баран, тиэрэ кэтэхтэригэр сыттаналлар (көҥүллүк, холкутук, ону-маны эргитэ саныы-саныы сынньана сытар эр дьоннор үгэстэрэ). Θ Лежать на спине, сцепив руки замком на затылке (поза безмятежно отдыхающих и размышляющих мужчин). Сылаанньыйан, ытык сэргэ төрдүгэр кэтэх тардыстан сытан эрэн, халлааны одуулуубун.
Н. ЛугиновКини бүгүн кинигэтин туора ууран баран, сахалыы кэтэх тардыстан, хоһун үрдүн одуулуу сытта.
Н. ЛугиновОхойоо, балаакка иһигэр тиэрэ түһэн, кэтэх тардыстан сытан, бэйэтин ытын хайгыыр.
А. КривошапкинКэтэх тардыһыы - быанан сосуһан оонньуур оонньуу (быаны кэтэҕиттэн мүччү тартарбыт эбэтэр соһуллан сурааһыны нөҥүө тахсыбыт кыайтарбытынан ааҕыллар). Θ Якутская национальная игра: тянут друг друга надетым на шею ремнем, у кого ремень слетит или кто преступит черту, тот считается побежденным. Кэтэх тыа - балаҕан кэлин өттүнээҕи тыа. Θ Лес, находящийся на задней стороне юрты. Кэрэ куолас Кэҕэ көтөр Кэтэх тыаҕа Кэлэн түстэ. Күннүк Уурастыырап Кэтэх тыаҕа чоргуйар кэҕэ куолаһын кытта оһуохай дуораһыйда. А. Сыромятникова Киэҥ аларга-күөрэгэйдэр, Кэтэх тыаҕа кэҕэлэр Кукууктууллар, күөрэйэллэр. И. Эртюков Кэтэхтэн киэһээҥҥи оскуола - үлэлиир ыччат үөрэнэр оскуолата. Θ Заочная вечерняя школа. Оройуон киинигэр кэтэхтэн-киэһээҥҥи оскуола тоҕус учуутала тыа сирдэринээҕи консульпууннарга сыһыарыллан кыраапык быһыытынан тахсан көмөлөһөллөр. "Кыым". Кэтэхтэн үөрэн - сиэссийэҕэ бэйэҥ бэлэмнэнэн үөрэн. Θ Учиться заочно. Семен Романович, үлэлээбит бастакы үс сылыгар кэтэхтэн үөрэнэн, улаханнык эрэйдэнэн университетын бүтэрбитэ.
Н. ЛугиновАфанасий дойдутугар тахсан аҕыйах сыл учууталлыыр, реальнай училищены кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр. Софр. Данилов. Кэтэхтэн үөрэнии - лиэксийэлэргэ сылдьыбакка, бэйэ дьарыктанан үөрэниитэ. Θ Заочное обучение. Кэтэхтэн үөрэнээччи - кэтэхтэн үөрэнэн дьарыктанар киһи. Θ Учащийся заочной формы обучения. Ааҕар саалаҕа оскуола үөрэнээччитин, пропагандиһы, сопхуос специалиһын, үрдүк үөрэххэ кэтэхтэн үөрэнээччини, мэхэнисээтэри, булчуту уо. д. а. идэлээх киһини түбэһэ түһэн көрсүөххүн сөп. "Кыым". Кэтэхтэн үөрэхтээһин - кэтэхтэн үөрэнэр үөрэҕи тэрийии, кэтэхтэн үөрэнэр үөрэҕинэн ыччаты хабыы. Θ Организация сети заочного обучения, охват заочным обучением молодежи. Бу күннэргэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр киэһээҥҥи уонна кэтэхтэн үөрэхтээһин оскуолата тэриллибитэ түөрт уон сылын туолла. "Кыым". Кэтэх уолаҕаһа - кэтэх чочоҕорун аннынааҕы хотостугаһа. Θ Углубление в затылке. Кэтэҕин уолаҕаһыгар түмүктээх суһуохтаах. Д. Говоров Тимир Саппыкы -- сүгэ өнчөҕүнэн Бадаайкыны кэтэҕин уолаҕаһыгар сырбаппыта. Д. Таас Ыт кэтэҕэ түөлбэ. - хаамарга эрэйдээх, оҥхойдоох, оллороот-боллороот сир. Θ Труднопроходимое, ухабистое, бугристое место, бусрак. Мин лирика куруҥар биирдэ эмэ киирдэхпинэ, Лааҥкыга, ыт кэтэҕэр умса төннө түстэхпинэ, Абараммын, Алдьанаммын, Ону саҥараммын, суруйаары гыннахпына, Кэтэхпэр - мин истэбин - Кимнээх эрэ тыыналларын. С. Тарасов Тула өттө кураан сайын түргэнник куурар-хатар, ыт кэтэхтээх, дулҕалаах, кымырдаҕас уйалаах, ыарҕалаах, кураайы толооннор. Г. Нынныров Ыт кэтэхтэрэ хаар анныгар хагдарыйбыт бөлкөй-бөлкөй от быыһыгар чочоруһан олороллорун көрүөххэ сөп. "ХС"