ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэлин

аат тыл, кэнники тыл, даҕааһын

Нууччалыы зад, задняя часть чего-л., задняя сторона

English back, rear

Ис хоһооно · 11
I

1 аат тыл #

Киһи көҕүс өттө, оттон туох эмэ илин өттүгэр утарыта, кэтэх өттө, кыыл, сүөһү кутурук өттө

Нууччалыы Зад, задняя часть чего-л., задняя сторона

  • Борокуот диэкиттэн биир мотуор оҥочо, кэлин өттө чохчойон баран, күөх ууну көҥү ытыйан, биэрэк диэки барар.
    Эрилик Эристиин
  • "Чэ, киир, киирэ оҕус!" - диэн оҕолор Сеняны кэнниттэн иһирдьэ диэки үтүрүйдүлэр.
    Н. Лугинов
  • Икки бэкир хара саллааттар, аптамааттарын туора кыбынан, дьиэ илин, кэлин өттүгэр турунан кэбиспиттэрэ.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (5)
  • Иннин диэки, кэннин диэки Эрбии барар-кэлэр икки!
    И. Чаҕылҕан
  • Ынахтара муннунан буугунаан орулаан, хараҕа суох иччитин диэки көрөн кэбиһэн баран, кэлин туйаҕынан татыр-татыр тэбиэлэнэн, өлөн барбыта.
    Эрилик Эристиин
  • "Кэлин сиэпкин көрүн эрэ", - оҕонньор сүбэ биэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • [Ат] сүүрэн быыппаһынна, икки кэлин атаҕынан икки бороҥ куобах саҥа сири логлу тэбинэн, кутуруга сыыйыллан эрэ хаалла.
    Суорун Омоллоон
  • Чаачар оҕонньор Ү- сыарҕа хамсаабытыгар өйдөнөн, кэлин биттэхтэн тутуста. Софр
    Данилов

2 аат тыл #

Буолан ааспыт, урукку кэм

Нууччалыы Прошедшее, прошлое (время)

  • Иннигэр хараҥа буруйдаах, Кэннигэр халыҥ аньыылаах, Кырыыстаах Гитлер ыта Кыыһы муннукка ыкпыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Иннилэригэр даҕаны, кэннилэригэр даҕаны туох да кэскил бэлиэтэммэтэх хараҥа бандьыыттар буолаллар
    Күндэ
  • Киһи кэлин тылларын ыарырҕата, хайдах эрэ бөтөн хаала-хаала эттэ.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Бу дойдуга кэлин сылларга тайах биллэрдик элбээтэ ээ
    С. Никифоров

3 аат тыл #

харыс. т. (тард. ф-гар тут-лар). Киһи-сүөһү тахсан киирэр сирэ

Нууччалыы Зад, задница

  • Микиитэ кэннин көм этэ бүтэйдии ньүөлүйэн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Биһиги былыргылыы, сүөһү кэннин кэтиир дьон, аны дьон буолуохпут дуо.
    Суорун Омоллоон
  • [Ыалдьыбыт сылгы] өлөрүгэр муннуттан-айаҕыттан хааннаах күүгэн, кэнниттэн хара өҥнөөх хаан тахсаллар
    НПИ ССЫа
Өссө холобурдар (3)
  • Кэлин кэтэхтэн үөрэнэн Москватааҕы финансовай институту бүтэрбитим.
    В. Протодьяконов
  • Кыргыттар кэлин ыанньыксыт идэтин син үчүгэйдик баһылаабыттара.
    И. Данилов
  • Ср. др. -тюрк., тюрк. кэйин, кейин ‘затем, после, позже’

4 даҕааһын #

Туох эмэ көҕүс, кэтэх диэки өттүгэр баар

Нууччалыы Задний, находящийся сзади

5 аат тыл #

Тиһэх, бүтэһик

Нууччалыы Последний

6 даҕааһын #

суолт. Төһө эрэ кэм кэнниттэн, хойут

Нууччалыы Спустя некоторое время, потом, позже

7 этии #

Нууччалыы Человек, который в глаза льстит, а за глаза ругает, двуличный, двуликий (букв. заднее лицо)

  • Кэлин сирэй - киһиэхэ сирэйигэр үчүгэй, ньымааттаһар сыһыаннаах, оттон суоҕугар үөҕэр, кини туһунан куһаҕаны кэпсиир идэлээх киһи Кэннигэр туттума - кистээмэ, саһыарыма, көҥөнүмэ. Θ Не прятать, не скрывать, не утаивать. Тугу кыайарбын-сатыырбын кэннибэр туттуом суоҕа.
    Эрилик Эристиин
  • Кэннигэр хаалыа - өлбүтүн кэннэ хаалыа, ордуо. Θ Останется после смерти. Кэннигитигэр хаалар, хааҥҥытын сүтэрбэт, төрүөххүтүн ууһатар оҕото-уруута төрөтүҥ!
    П. Ойуунускай
  • Кэннибэр хаалар кэриэн ыччакка Кэскиллээх кэс тылы кэбиһэр Кэп суорун кэмим Кэллэҕэ даҕаны буолуо.
    С. Зверев
Өссө холобурдар (11)
  • Киһим эрэ кэннибэр хааллын, баҕар, бэйэм бүгүн да умса түһүүм - дьыалата суох.
    Суорун Омоллоон
  • Кэннинэн ааны астар - кими эмэ үүрэн, батан таһаар. Θ Выгонять, выдворять, выпроваживать кого-л. (букв. заставлять его открывать дверь задом). Оо, бука киһини кэннинэн ааны астараргыт баар ээ.
    Н. Апросимов
  • Кэннинэн кэхтибэт, иннинэн чугуйбат - туох да буолтун иһин төннүбэт, төттөрү түспэт. Θ Ни за что не отступает, не идет на попятную. Окко түспүт оҥоһуум биллин, Сиргэ түспүт сэрэбиэйим биллин, Кэннибинэн эрэ кэхтиэм суоҕа, Иннибинэн эрэ чугуйуом суоҕа.
    П. Ойуунускай
  • Кэннинэн кэхтибэт, иннинэн чугуйбат саха диэн норуот баара фашистарга биллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэнниттэн доруоптаа - буолар буолан бүппүтүн кэннэ тугу эмэ гына, оҥоро сатаа. Θ соотв. После драки кулаками махать. - Туруорсар [бу оскуолаҕа үлэлии хааларын туһунан] туруорсууҥ дьэ олоххо киирэр буолбат дуо? Баҕарар баҕаҥ туолар дии - Күлүү гыммыкка дылы, кэнниттэн кэлэн доруоптаама, доҕор.
    Р. Кулаковскай
  • Кэннэ кэтинчэ (кээнчэ) да буоллун - билиҥҥитэ эрэ үчүгэй буолан баран, кэлиҥҥитэ хайдах да буоллун. Θ После нас хоть потоп, была не была, будь что будет, а там, хоть трава не расти. [Күлүк:] Биһиги киһи кэнникитигэр кыһанааччыбыт суох. Бэйэбитигэр эрэ үчүгэй буоллун. Уонна кэннэ кэтинчэ да буоллун.
    А. Софронов
  • Петя баччааҥҥа диэри сатаан харбаабатыттан бэйэтигэр абатыйа санаата, буоллар буоллун! Кэннэ кээнчэ да буоллун! Уонна кини туох баар күүһүнэн ууга ыстанна.
    И. Данилов
  • Кэннэ уһаабыт (ырааппыт), иннэ кылгаабыт (чугаһаабыт) көр илин I. Кэннибит уһаан, иннибит кылгаан, кырдьан бардыбыт диэмиэххэ.
    Баал Хабырыыс
  • Күнүҥ-дьылыҥ ааҕыллан, кэннин уһаан, инниҥ кылгаан, хоруоптанарыҥ чугаһаабыт.
    Суорун Омоллоон
  • Ол биһиги, кэннибит ырааппыт, иннибит чугаһаабыт, сырыыны-айаны кыайбат буолбут дьон, төһө бэйэлээҕи бултуохпутун этээхтээтэххиний.
    Р. Кулаковскай
  • Илин атаххыт ибирэ суох буоллун, кэлин атаххыт кэбирэ суох буоллун көр илин I. Илин атаххыт ибирэ суох буоллун, Кэлин атаххыт кэбирэ суох буоллун! Охтоохтон охтумаҥ, саалаахтан самнымаҥ! Ньургун Боотур. Илин атаҕыҥ ибирэ суох буоллун, кэлин атаҕыҥ кэбирэ суох буоллун! Саха фольк

8 этии #

Нууччалыы Задние гласные (в якутском языке: а, о, ы, у)

  • Кэлин аһаҕас дорҕоон тыл үөр. - саҥарарга тыл өрө көтөҕүллэн уонна кэннин диэки баран үөскэтэр аһаҕас дорҕооно: а, о, ы, у Сахалыы тыл аһаҕас дорҕоонноро наар илин эбэтэр наар кэлин буолаллар. КИИ СТ-2. Ордук кичэйэн илин уонна кэлин, киэҥ уонна кыараҕас аһаҕас дорҕооннору үөрэнээччилэр билэллэрин ситиһиэххэ. ПНЕ СТ. Кэлин кэбиһэр - көхсүнэн кэккэлээн түһэр араас ойуулаах, быһыылаах үрүҥ көмүс субурҕалартан турар дьахтар киэргэлэ. Θ Серебряное наспинное украшение женщины в виде длинных ажурных цепей в несколько рядов. Хабарҕа симэҕэр Хантаччы астарбыт, Кэлин кэбиһэргэ Кэдэрчи таттарбыт.
    С. Васильев
  • Кэлин уһугар (тиһэҕэр) - бүтэһигэр, түмүккэ. Θ В конце, в конце-концов. Кэлин уһугар бырда быстар, олус диэн утатар, аччыктыыр.
    Суорун Омоллоон
  • Уохтарын-тыыннарын таһаарсан, Орун-оннугар син быһаарсан, Кэлин тиһэҕэр эдэр ыччаттар Кимнээҕэр иллээх тарҕастылар.
    С. Руфов
Өссө холобурдар (1)
  • Атыны тугу да гынар сир суох буолан, Киппирийээн кэлин уһугар отоһут эмээхсини аҕала барбыта. Д. Таас
II

9 #

дьөһ

  • Барбыппыт, дьэ, ырыа ындыыланан Иккиэн биир айаҥҥа. Дьэ, онтон кэлин, киэҥ сырыыланан, кутурукпут - куйаар, баспыт - байҕал. Эллэй. Баар резервэлэри мантан кэлин толору туһаннахха, былааннаах от сэттэ уон бырыһыанын эрэ ылар кыахтаахтар
    Кыым

10 #

Бириэмэ сыһыанын бэлиэтээн, хайааһын ханнык эмэ түгэн эбэтэр көстүү кэнниттэн буоларын көрдөрөргө туттуллар

Нууччалыы Выражая временные отношения, указывает на момент или явление, после которого совершается действие (после)

11 #

Ситим тыл суолтатыгар бириэмэ салаа этиини тутаах этиигэ холбуур

Нууччалыы В значении союза присоединяет придаточное времени к главному предложению (после того, как)

  • Били уол, эмээхсин мөҕүөҕүттэн кэлин, сылдьа илик. Кус көҥүллэниэҕиттэн кэлин, кини дьиэтигэр хоно илик

«К» буукуба