ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

арҕаа

аат тыл

Нууччалыы запад.

English west

1 аат тыл #

Илин диэкигэ утары сытар, түөрт хайысхаттан биирдэстэрэ, күн саҕахха киирэр өттө

Нууччалыы Запад. Биһиги оройуоммут сирэ мантан арҕаа үс көһүнэн бүтэр. Амма Аччыгыйа. Ыкса киэһэ ардах астан, былыт арҕааттан көтөҕүлүннэ. М. Доҕордуурап. Арҕааттан най хара этиҥ былыта халлааны хараҥарда халыйан таҕыста. Т. Сметанин

2 аат тыл #

Киһи көхсө эбэтэр сүөһү (үксүн сылгы) көхсүн илин өттө, арҕаһа

Нууччалыы Человеческая спина или передняя часть спины, загривок животного (чаще лошади). [Удаҕан уонна Кулун Куллустуур] ийэ көлөһүннэрэ иннилэринэн барда, аҕа көлөһүннэрэ арҕааларынан түстэ

  • ПЭК ОНЛЯ III. [Үрэкиин оҕонньор] онтон уҥуохтара кыйытта-кыйытта, дьагдьайталаан барда, сыҕарыҥнаан эмээхсинин сылаас түөһүгэр арҕаатынан сыһынна
    Болот Боотур

3 аат тыл #

Туох эрэ кэннэ, кэлин өттө

Нууччалыы Тыл, зад, задняя сторона чего-л

  • Аттаах киһи дьиэ арҕаатынан ааста.
  • [Манчаары] ол олордоҕуна, Хачыкаат, хаҥас оронтон оһох арҕаатынан эргийэн кэлэн, хонноҕун анныттан кууһа түспүт. МН
    Н. Ср
  • тюрк. арка ‘спина’

«А» буукуба