ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

арҕас

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы затылок

English nape, (of a horse) withers

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Нууччалыы затылок

English nape, (of a horse) withers

  • арҕаһыгар баастаах ат ыҥыырын уурдарбат
    лошадь со ссадиной на холке не даёт седлатьa horse with an abrasion on the withers does not allow the saddle

2 аат тыл #

Кыыл, сүөһү сиһин илин өттө; балык көхсө

Нууччалыы Холка, хребет, передняя часть спины зверя, скотины; спинка рыбы

  • Арҕаһыгар баастаах ат ыҥыырын уурдарбат (өс хоһ.). Бурҕалдьы кэҥээтэ, оҕус арҕаһыгар мүччү ыстанан таҕыста, оҕус арҕаһын аста.
    Амма Аччыгыйа
  • Муҥха ийэтин туһунан уу дьирибинэс, балык өрөҕөтө туртас гынар, арҕастара хараарыҥнаһаллар.
    Н. Габышев
  • Тэҥн. саал

3 аат тыл #

Киһи көхсө

Нууччалыы Спина человека

  • Хачыгыр үлэтин тиэтэтээри көхсүн этитэн, үрдүк арҕаһынан өрө дьогдьойон таҕыста, ытыһыгар силлээн баран, төттөрү-таары суураламмахтаата.
    Эрилик Эристиин
  • [Саллаат] “Ынырык, бырааттар, ынырык Аат айаҕар иһээхтиигит”, - диэн ботугураата. Арҕаспар тымныы сүүрэлээтэ.
    Н. Кондаков
  • Ийэ көлөһүнэ Иэнинэн саккыраата, Аҕа көлөһүнэ Арҕаһынан саккыраата. В. Лебедев (тылб.)
Өссө холобурдар (3)
  • Ол ыраах арҕас тыа көстөр.
  • Үрэх уҥуоргу кытылын батыһа арҕас хайалар үллэрэҥнэһэн бара турбуттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Икки чаас көтөбүт, түөрт чаас көтөбүт. Бараммат муус килиэ, адаар хайа, арҕас хайа
    С. Васильев

4 аат тыл #

Хайа, сыыр субурҕатын үөһээ өттө, сиһэ

Нууччалыы Верхняя часть, хребет далеко тянущейся горы, возвышенности

  • Хайалар арҕастара мууһунан, тыбыс-тымныынан кынчарыһа тураллар.
    Н. Заболоцкай
  • Томтордор арҕастара кыһыл саһыл кылааныныы кылбачыһаллар.
    А. Федоров
  • Ааттаммат кыыл тугу да тумнубакка, туохтан да тохтообокко, мыраан арҕаһын хайа охсон, иннин диэки түһэ турбут
    Л. Попов

5 даҕааһын #

суолт. Уһун субурхай уонна үрдүк

Нууччалыы Высокий и вытянуто-длинный

6 этии #

Нууччалыы Сердиться, гневаться (о человеке)

  • Арҕаһыҥ түүтүн адаарыт (туруор) - кыыһыр, уордай (киһи туһунан) Оттон мин буоллахпына, арҕаһым түүтүн адаарыта түһээт: “Сааныма, доҕор!”- диэн дьорҕойдоҕум ити!
    Амма Аччыгыйа
  • Мин, били маҥнай арҕаһым түүтүн туруорбут киһи, кэнники харахпын өрө көрбөккө, көмүскэнэр эрэ айдааҥҥа түспүтүм.
    ХС
  • Арҕаһыттан тэһииннээх фольк. “Өлөн-охтон биэрбэт ыйаахтаах, үрдүк айыылартан өйөбүллээх” диэн Орто дойду дьонун хоһуйан этэр арахсыбат эпитет. Θ Постоянный эпитет, воспевающий людей Среднего мира со значением “предопределенный на жизнь, имеющий поддержку высших божеств”. Арҕаһыттан тэһииннээх Аһыныылаах санаалаах Айыы Дьөһөгөй аймаҕа, Орто улуу дойду Уруйдаах уорҕатыгар Олохсуйан үөскээбит. Саха нар. ыр. II. Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы хаан аймаҕын Алгыһын салайарга Анаабыттара эбитэ үһү. [Иэйэхсит хотуну].
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
  • Үрдүк арҕаһыгар үҥкүүлээ - таптаабыккынан дьаһай, тойорҕоо, муҥнаа. Θ Распоряжаться по своему усмотрению, проявлять свою власть, мучить. [Баҕа:] Бах-бах баҕа буоламмын, Күтэр эрэйдээҕи Үрдүк арҕаһыгар үҥкүүлээммин, Баран иһээхтиибин, оҕолоор!
    Суорун Омоллоон
  • Мордьо күтэр муҥнааҕы, Муннун-уоһун мускуйан, Үрдүк арҕаһыгар үҥкүүлүүрүм Үчүгэйин баҕаһын. С. Данилов

7 этии #

Нууччалыы Высокое место земного шара

  • Аан дойду арҕаһа поэт. - аан дойду үрдүк сирэ Аан дойду арҕаһыгар холуллар Адаар көмүс хайалардаах, Киэҥ ийэ дойдулаахпыт.
    С. Васильев
  • Аан дойду Арҕастарынан аатырбыт, Аарыма хайаларбыт Аттаан турар оҕо Атыллаан ааһыаҕыныы аччаатылар.
    П. Тобуруокап
  • Арҕас отуу түөлбэ - сис маһы икки өттүнэн өйөннөрүллүбүт эркиннээх отуу. Θ Двускатный шалаш. Мин, сытыйан дордойбут плащпын кумуччу тутта-туттабын, арҕас отуу түгэҕэр кирийэбин. Софр. Данилов. Арҕас түүтэ - кыыл, сүөһү сиһин илин өттүн түүтэ. Θ Шерсть передней части спины зверя, скотины. Баабыр өрүһүнэн, кыыл түөһүгэр чоройо сылдьар үҥүү угуттан ылан баран, нөҥүө илиитинэн эһэ арҕаһын түүтүттэн харбаата.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (7)
  • “Ар! Ар! Акаары үөдэн!” - диэтэ, Арҕаһын түүтүн адьырытан таһаарда.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Арҕас хайа - уһун сис хайа. Θ Горная цепь, хребет. Үрэх уҥуоргу кытылын батыһа арҕас хайалар үллэрэҥнэһэн бара турбуттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин түргэнник хааман арҕас хайа курдук үрдүк быһыт диэки баран истим.
    Суорун Омоллоон
  • Үрдүк арҕас - 1) туох эмэ оройо, чыпчаала. Θ Вершина, верхушка чего-л. Сайа тахсан кэлбит Саҥа дьылым барахсан, Эн үрдүк арҕаскар Үгүс эрэл үөскээтэ. Нор. ырыаһ. Тугун муодата буолла - аҕыс тараҕай дьааҥы үрдүк арҕаһыгар үс хонуктааҕыта саа уоһугар турбут, Быыпсай оҕонньор таҥнары көрөн олорор эбит.
    П. Ойуунускай
  • 2) ким эмэ көхсө, санна (аһынан эбэтэр сиилээн этэргэ тут-лар). Θ Спина, плечо кого-л. (употр. в выражении жалости или осуждения). Кини уу-хаар баспыт хараҕар саллар сааһын тухары, үрдүк арҕаһынан сүкпүт эрэйэ, субу элэҥнээн көстөргө дылы гынна.
    М. Доҕордуурап
  • Бу тылы истээт тойон хонос гына түһэн, үрдүк арҕаһынан дьогдьойон таҕыста.
    Эрилик Эристиин
  • Ср. тюрк. арха ‘хребет, холка’

«А» буукуба