ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

айан

аат тыл

Нууччалыы дальняя поездка, путешествие, путь, дорога

English long road, long journey

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Ханна эмэ ыраах сылдьыы, ыраах барыы (үксүгэр улахан сыаллаах-соруктаах, тэриниилээх)

Нууччалыы Дальняя поездка, путешествие, путь, дорога (обычно трудная, длительная и хорошо снаряженная)

  • Айаҥҥа тэрин, айаҥҥа хомун.
  • Айан аргыстаах, суол доҕордоох (өс хоһ.). Ыраах айаҥҥа, кутталлаах суолга таптыыр кэргэнин ыытыан төһө да баҕарбатар, Ньургуһун сөбүлэһэригэр эрэ тиийэр.
    Н. Якутскай
  • Бэрт эрчимнээх куоластаах дьахтар саҥата араадьыйаланан сөмөлүөттэр айаннарын иһитиннэрэн субурутар.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Ыраах айаннартан ыран, сылайан, Төһө да сындалыйан истэрбин, Эн тускунан бу саҥа ырыаларбын Мин алмаас оҕуруолуу тиһэбин
    С. Данилов

2 аат тыл #

Ыраах барар, сылдьар суол, барыы хайысхата

Нууччалыы Направление движения, путь, дорога

  • Биһиги айаммытын эмиэ намыһах сэппэрээк талахтаах үрдүк сыыр бүөлүү түһэ сытар
    Н. Заболоцкай

3 аат тыл #

Барыы, баран иһии түргэнэ

Нууччалыы Темп, скорость пути

  • Мин урукку айаммар холоотоххо ордук күүскэ көтүөм. Ньургун Боотур. Өйдөөх сүөһүлэр [ыттар] иччилэрэ тиэтэппит саҥатын истэннэр, айаннарын эбэн биэрдилэр.
    Н. Заболоцкай
  • Түргэн электровоз барахсан Түрбүйэн-күрбүйэн түспүтэ, Аттанан “дьаамыттан” арахсан, Айана эбиллэн испитэ
    Күннүк Уурастыырап

4 аат тыл #

Инники диэки барыы, сайдыы

Нууччалыы Путь развития, продвижение по ступеням развития

  • Мин иннибэр Киэҥ суол Арыллан-күлүмүрдүү сытар. Ыҥырбытыҥ эн миигин, хомсомуол, Дьолго көтүтэр айаҥҥар.
    П. Тулааһынап
  • Күн аайы суол солуур этибит Өспөт дьол айанын аартыгар.
    С. Данилов
  • Биһиги уруккулары кытта аат былдьаспаппыт, кинилэр айаннарын салҕаан баран иһэр дьоммут
    Амма Аччыгыйа

5 аат тыл #

Көлө атахтарын олбу-солбу үктээн, сүүрүү-хаамыы икки ардынан барыыта

Нууччалыы Медленная рысь (средний аллюр)

  • Суһал айаннаах ат. СГФ СКТ. Айан сэлии икки ардынан атаралаабыт суола, кылы тарпыт курдук, көбүс-көнөтүк дыргыйа сытар
    Л. Попов

6 этии #

Аҕыс арахсыылаах айан хатын - эрэйдээх, оһоллоох-моһоллоох ыарахан уһун айан (айаны улуутутан, айан моһолуттан саллан этии) Үрүҥ Уолан убайым түгэҕэ биллибэт күрэ ииҥҥэ тимирэн хаалла, тоҕус мөҕөһүннээх суол оһолугар, аҕыс арахсыылаах айан хатын алдьархайыгар түбэспит. ОНЛЯ II. Айан аанын ас - уһун айаҥҥа турун. Начать долгий путь, далекую дорогу. Айан аанын аһан, Ахсым суолу тэлэйэн Айа чаачар курдук Ахсаабакка айанныахпыт. С. Зверев

Нууччалыы Долгая изнурительная дорога, полная тяжелых испытаний (букв.: со многими распутьями госпожа - дорога - следует ехать с большимим предосторожностями)

7 этии #

Нууччалыы Только что приехавший или собирающийся уезжать в далекую дорогу человек; путник

Этиилэр

Тибилгэн айан суола көр хоролҕон айан суола

Киэҥ алааһы ортотунан ааһар тибилгэн айан суолун кытыытыгар аарыма тиит үүнэн турарын көрбүккүт дуо? Софр. Данилов. Тэргэн айан суола - суоллартан эрэ бары өттүнэн уһулуччу чорбойор суол (киэҥинэн, сырыытынан, оҥоһуутунан дэхситинэн эҥин).

Самая оживленная большая и лучшая трактовая дорога.

  • Исай аҕатын пааматынньыга Дьокуускайтан Покровскайдыыр тэргэн айан суолугар турар.
    ХС
  • Ходьороҥ айан - түргэн, сиэлии-сүүрүү былаастаах суһал, тиэтэл сырыы, хаамыы. Быстрый, между бегом и рысью торопливый ход. Оннооҕор тротуарынан сылдьар сатыы дьон биир кэм ходьороҥ айанынан хаамсаллар.
    Н. Якутскай

Холлороон айан суола көр холлороон

Манна төттөрү-таары сыбдырыһан, холлороон айан суолун таһаарыммыттар. Амма Аччыгыйа. Хоролҕон айан суола - киэҥ-куоҥ, сылдьыһыылаах, дэхси көнө суол.

Оживленная, утоптанная широкая прямая дорога.

  • Үөһэ аҕыйахта атыллаатар эрэ хоролҕон айан суолугар киирэр.
    М. Чооруоһап
  • Айан талыы - дьахтар оҕолоноругар бастакы улахан талыыта. Первые продолжительные родовые схватки. Ийэм эрэйдээххэ, Айан талыыны Арҕаһынан киллэрэн, Абытайдатан барбыттааҕым.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (2)
  • Айан талыыта номнуо аара суолга ааһан, хороҥ --талыыта кургумун иһинэн куппутунан барбыта.
    Н. Заболоцкай
  • Ср. тюрк-монг. айан, айаҥ ‘путь’, ‘путешествие’

«А» буукуба