Перевод с якутского
сырыы
аат тыл, даҕааһын, сыһыат
Нууччалыы поездка, путь, дорога
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Айан, айаннааһын, барыы-кэлии
Нууччалыы Поездка, путь, дорога
Сырыы үчүгэй. Киһи бөҕөнү көрдүм, бэйэбин да көрдөрбөхтөөтүм.
Н. ЛугиновЭһэтэ кырдьан сырыыны кыайан сылдьыбат буолан, кыыска "Сүрэх таас" аттынааҕы учаастагын арааран биэрбитэ. Н. Якутскай Оройуонтан боломуочунай сырыыта эмиэ үксээтэ. У. Нуолур
Өссө холобурдар (1)
Кини, оҕо эрдэҕиттэн атаҕынан чэпчэки буолан, кыылы эккирэтиһиигэ сырыытын кыайар С. Никифоров
2 аат тыл #
Ханнык эмэ туһаайыынан сылдьыы, барыы-кэлии
Нууччалыы Курсирование по определённому маршруту, рейс
Онон биир сырыыга уон үс кыыһы аҕалар. Эрилик Эристиин Дьокуускайтан, Иркутскайтан иккилииттэн итэҕэһэ суох сырыы кэлэр эбит. В. Протодьяконов Түөрт сүүс сүүрбэ тыһыынча туона килэмиэтирдээх сырыыны оҥороммун үс сыллааҕы былааммын сүүс аҕыс уон икки бырыһыан толордум Кыым
Өссө холобурдар (6)
Көтөр-сүүрэр кэлэр-барар, сылдьар кэмэлдьитэ, үгэһэ. Θ Путь миграции (дичи и зверей). Мантан инньэ күн-дьыл туругун араадьыйанан этэллэрин кэтээбит киһи, көтөр сырыытын эндэппэккэ билиэ эбит. Далан Булт сырыытын таба хаамтахха, булка сатабыл быраап. Л. Попов Булт майгытын, сырыытын үчүгэйдик билэр булчут эрэ ыты сонорго сатаан ыытар. Ханнык баҕарар булка киһи бастыҥ доҕоро – ыт ВМП УСС Хайа, ноко, сэрэн эрэ, таһыттан көрөн мин билэр идэлээхпин: кыыһыҥ сырыы кыыс, мүччү тутуоххун баҕарбат буоллаххына, мин этэрбин толкуйдаарыый. Далан Аньыы-саат уһуга диэн ааттаан, Аргыар аад айаҕар аан бастаан Сырыы дьон – сэлээччэх бэртэрин Симэллэр дииллэрин истэрим. Р. Гамзатов [Морозка] амарах майгыннаах сырыы уонна оҕоломмот дьахтары, ойох ылбыта. А. Фадеев (тылб.)
3 аат тыл #
Туох эмэ хамсаныытын, сыҕарыйыытын тэтимэ
Нууччалыы Скорость, темп движения, перемещения
Айанньыт сыарҕатын сырыыта түргэтиир. С. Данилов Балай эмэ буолан баран үһүс ыстаансыйа кэлбитигэр паровоз, хаһыытаан баран, арыый сырыытын мөлтөттөр-мөлтөтөн, кэлэн туран кэбиһэр. Эрилик Эристиин Үөрүйэх илиилэр имигэс-имигэстик хамсаналлар. Быһах да сырыыта бэрт. Тириитин ойоҕоһуттан араарарыгар, быһахтана барбакка, сутуругунан суптурута түһүөлээн кэбистэ В. Миронов
Өссө холобурдар (3)
Кустук [ыт аата] бу сырыыга куобах уҥуоҕа, мэйиитэ минньигэһин дьиҥнээхтик билбитэ. И. Федосеев Бастакы сырыыбар манна биир да дьиэ суох этэ. И. Данилов Ср. ДТС йорых ‘поведение, образ жизни, поступь, походка; поступок’
4 даҕааһын #
суолт., көсп. Содур, сэлээрчэх (үксүгэр дьахтар туһунан)
Нууччалыы Распутный, развратный (обычно о женщине)
5 сыһыат #
суолт. Сыһыарыы түһүк форматыгар хайааһын хаһан оҥоһуллубутун, буолбутун көрдөрөр
Нууччалыы В форме дательного падежа указывает время, момент совершения действия. [Баһылай:] Аныгы сырыыгар иһиттээх кэлээр