ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сырыырҕаа

туохтуур

Нууччалыы сновать, шнырять туда-\сюда

1 туохтуур #

Тохтоло суох бар-кэл (элбэх киһи, массыына эбэтэр көтөр, кыыл сырыытын этэргэ)

Нууччалыы Сновать, шнырять туда-\сюда (напр., о толпе, транспорте)

  • Ньырбачаан суору сөбүлээбэт этэ. Кини туох эрэ хаан тахсыах, бөлүөх уобуох буоллаҕына сырыыргыыр диир буолара ийэтэ.
    Далан
  • Били кинилэр -- солоон кэлбит суоллара кэнники кэҥээн, букатын харыыр аартык буолан, -- лесовоз бөҕө сырыырҕаата.
    Н. Заболоцкай
  • Им сүтэн боруҥуй буолуута, көтөр сырыырҕаата
    Чолбон

2 туохтуур #

Ис-искиттэн көҕүйэн ыраах сиринэн сүүрэкэлээ, көт (сүүлэ киирбит атыыр кыыл, сүөһү, көтөр-сүүрэр туһунан)

Нууччалыы Бегать на большие расстояния в поисках самки в период гона (о самцах диких и домашних животных)

  • Сып-сылаас уйаҕын туттаары, Сылгыбыт сиэлинэн туттаары, Сымыыттаан төрөөрү-ууһаары Сырыырҕаан эрэргин көрөммүн – Сүрэхпэр сырдаата үрүҥ күн.
    М. Тимофеев
  • Саас таба сырыыргыыр кэмигэр хааччах быһыттары туһаналлар. ЗПН ЧТ. Сэмэнэп [таҥара] чугаһаан, били чубуку сырыырҕаабыт эбит.
    ФВС К

«С» буукуба