ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холлороон

аат тыл

Нууччалыы естественное или искусственное полое пространство, проход под землёй, подземелье, подземный ход

1 аат тыл #

Сорох кыыл, киһи сылдьарыгар, хорҕойоругар сөптөөх сир аннынан баар көҥдөй, хороон, хаспах

Нууччалыы Естественное или искусственное полое пространство, проход под землёй, подземелье, подземный ход

  • Перемышль куорат сири аннынан сылдьыһар элбэх холлорооннордоох этэ.
    И. Федосеев
  • Булчут суоллуур. Бааһырбыт саһыл хайа тэллэҕэр баар холлорооҥҥо киирэн хаалар.
    П. Степанов
  • Марыына эмээхсин кыыһы дэллэритэн илдьэн кэбиниэт дэнэр быыкаа холлороон курдук хоһугар киллэрдэ. Огдо. Чоҕу хостоору оҥоһуллубут сир аннынааҕы холлорооннору, уопсайынан, шахта диэн ааттанар.
    ИА КЛ

2 аат тыл #

Уһун синньигэс хаһыы, хоруу, оннук сир

Нууччалыы Длинный ров, канава

  • Бэл, халлаантан түспүт таммахтар үрүйэ буолан, сир иҥнэритин, холлороонун батыһан байҕалга тиийэ сатыыллар.
    Н. Лугинов
  • Хойуу уйалартан иҥнэри оҥоһуулаах муоста холлороонунан хотон ортотугар хаһыллыбыт умуһахха мунньуллар эбит. "Кыым". Окуопалар икки ардыларынан сылдьыһар холлорооннору хаспыттар
    ГСС

3 этии #

Нууччалыы Оживлённая, но очень узкая дорога

Этиилэр

Холлороон айан суола

сырыылаах гынан баран, олус кыараҕас суол Манна төттөрү-таары сылбырыһан, холлороон айан суолун таһаарыммыттар.

  • Ср. тат. кулара ʽлощина, углубление’

«Х» буукуба