ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

айылгы

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы внутренняя сущность, естественное, прирожденное свойство кого-чего-л

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Ким, туох эрэ ис дьиҥэ, айылҕаттан бэриллибит, айыллыбыт туруга, быһыыта

Нууччалыы Внутренняя сущность, естественное, прирожденное свойство кого-чего-л

  • Айылҕа сокуонун соппокко, Сир айылгытын алдьаппакка, Олор, охсус, үлэлээ, Тут, ай уонна көрүлээ.
    С. Данилов
  • Этин-хаанын айылгыта Норуот киэнэ саманнык: Таптыыр кини үрүҥ күнү, Таптаабат борук түүнү.
    И. Гоголев
  • Сэрии саҕаламмыта, атыннык эттэххэ, киһи өйүгэр-санаатыгар, киһи аймах айылгытыгар бүтүннүүтүгэр сүөргүлээх быһыы буолбута. Л. Толстой (тылб.)

2 аат тыл #

Бары өттүнэн киһини астыннарар, үөрдэр үтүө быһыы

Нууччалыы Доброе начало, доброе во всех отношениях дело

  • Ымай маҕан Ытык киэлибэр Иэйэхсит ийэм Илбиһэ иҥнин, Айыыһыт Айылгыта ахталыйдын!
    П. Ойуунускай
  • [Саҥа дьыл] Алгыс баһын салайдын, Айылгы төбөтүн арыйдын, Абырал баһын айхаллаан, Айдааран, ахтан иһиэҕиҥ. Саха нар. ыр. III. Үөлээннээҕиэм, үөрэ көрүөх Кэнчээрибит аналын: Үөрэ көрүөх Алгыс алгыы, Айылгыны айарын, Аны халлаан киэҥ куйаарын Салайталыыр саталын
    С. Данилов
  • Ол эрээри ийэлэр барахсаттар кыыһырбыт уохтара-кылыннара аастар эрэ, кинилэр саҕа айылгы дьоннор суохтар ини.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • Айылҕа, эйигин айылгы бэйэҕин Түөскүттэн кууһаммын, ууруубун-сыллыыбын. Дьуон Дьаҥылы. Манна балыктыырга даҕаны, бултуурга даҕаны айылгы дойду. С. Курилов (тылб.)

3 даҕааһын #

суолт. Бары өттүнэн үчүгэй, үтүө

Нууччалыы Хороший, добрый (во всех отношениях). [Уолаттары] Ийэлэрэ мөҕөн умайыктана көрсүбүттэрэ

4 этии #

Айылгы киһи - аламаҕай, ис киирбэх, үтүө майгылаах киһи Биһиги салайааччыбыт - айылгы киһи. Айылгыны тарт - көрү-нары, аһы-үөлү тэрий. Организовать веселье, угощение, пир. Алталаах-сэттэлээх күөх эбириэн атыыр оҕуһу өлөрөн, этин дэлби буһаран, айылгы бөҕөнү тардан куолуларынан Мас Өнүкүй ойууну кыырдарбыттар. Эрилик Эристиин

Нууччалыы Обаятельный, очень доброго и спокойного нрава человек

«А» буукуба