ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аана

аат тыл

Нууччалыы в формах некоторых локальных падежей, выражая конкретно-пространственные отношения, имеет служебное значение

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

көмө аат. Сорох түһүктэргэ миэстэ сыһыанын көрдөрөр, көмө суолталанар (ол эрээри аат суолтатын үксүгэр толору сүтэрбэт)

Нууччалыы В формах некоторых локальных падежей, выражая конкретно-пространственные отношения, имеет служебное значение (но чаще всего не подвергается полной грамматикализации)

  • Балаакка ааныгар күөх ырбаахылаах биир дьахтар эргичиҥнии турар.
    Т. Сметанин
  • Арай отуутун ааныгар тураах олорор эбит.
    П. Ойуунускай
  • Военкомат ааныгар бүгүн манна түмсүү, Уолаттарын атаарар Амма, Таатта, Бүлүү
    П. Тулааһынап
Өссө холобурдар (3)
  • Хайааһын ханнык эмэ предмет саҕаланыытыгар, чугаһыгар буоларын көрдөрөр. Θ Употребляется при обозначении предмета, у начала или в непосредственной близости которого совершается действие (у начала, поблизости). Хаан өстөөх тойоппут, Хаан айах моҕойбут Артыалбыт ааныгар, Айаммыт суолугар Туорайдыаҥ - мэлиллиэҥ! Туормастыаҥ - мэһиллиэҥ!
    П. Ойуунускай
  • Ыксал-тиэтэл сырыылаах Ылар-биэрэр наадалаах Сүүрдэн кэлэр ааныгар Сүрүн айан суолугар Табаар-таҥас тарҕатар Лааппы дьиэтэ дьэндэйбит.
    С. Васильев
  • Дьокуускай куораттан Саха сирин илиҥҥи уһугар - Охотскай муораҕа - барар айан суолун ааныгар Амма дэриэбинэтин дьиэлэрэ хараара бачыгырыыллар. Софр
    Данилов

2 аат тыл #

ыары түһүк форматыгар хайааһын ханнык эмэ предмет иннигэр, аттыгар буоларын көрдөрөргө туттуллар

Нууччалыы В форме дательно-местного падежа употребляется при обозначении предмета, у которого или перед которым совершается действие (перед, у)

3 аат тыл #

ыарыы түһүк форматыгар хайааһын хайа эмэ предмет илин өттүгэр туһуламмытын көрдөрөр

Нууччалыы В форме дательно-направительного падежа употребляется при обозначении предмета, в сторону, в передней части которого направлено действие (соотв.: к)

  • Маайа, дьиэтин ааныгар тахсан, оҕолорун биир-биир уураталаата-сыллаталаата. Софр. Данилов. Оҕуруот ааныгар тиийэн кээлтэ - ыал бэҕэһээ эрэ көспүтүн курдук барыта сабыллан, барыта бүтүн, барыта тыытыллыбакка турар сирэ буолан биэрдэ.
    Н. Заболоцкай
  • Кини Мещеряковтар ааннарыгар кэлээт, тохтоон, чугурус гына түспүтэ
    И. Федосеев

4 аат тыл #

Таһаарыы түһүк форматыгар туох эмэ аттыттан, инники өттүттэн хайааһын тахсарын, оҥоһулларын көрдөрөр

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, от передней части которого исходит действие (с, от)

  • Бара сатаан, ааһан иһэр дьону дьиэм ааныттан хаһыытыырым.
    Н. Заболоцкай
  • Оттон биһиги оҕуруоппут ааныттан Кууһума оҕонньор ньуоската көстүбүт
    А. Софронов

«А» буукуба