Перевод с якутского
икки арда
аат тыл · этии
Нууччалыы в форме некоторых локальных падежей приобретает служебное значение, выражающее конкретно-пространственные отношения
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
(ыккарда, иккэрдэ) көмө аат
Кыракый мастары кирээдэлэр икки ардыларыгар оҥоһуллубут аналлаах сирдэргэ чөмөхтөөтүлэр. А. Федоров Ол икки ыстаап икки ардыгар уонча аттаах патруль сылдьаллар С. Ефремов
2 аат тыл #
Сорох миэстэ түһүктэрин формаларыгар көмө суолталанар, чопчу миэстэ сыһыанын көрдөрөр
Нууччалыы В форме некоторых локальных падежей приобретает служебное значение, выражающее конкретно-пространственные отношения
3 аат тыл #
ыарыы түһүк форматыгар хайааһын икки предмет икки ардыгар, быысаһар сиригэр туһуламмытын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы В форме дательно-направительного падежа употребляется при указании, что действие направлено в пространство между двумя предметами (между)
Сотору кинилэр күөл уонна сыыр арҕаһын икки ардыгар тиийдилэр. Амма Аччыгыйа Кустар кинилэр мончууктарын мүччү харбаан, икки дурда икки ардыгар түһэн ууну таһыйдылар. М. Доҕордуурап [Бэйбэрикээн эмээхсин] икки оронун икки ардыгар олоро түспүт Саха фольк
4 аат тыл #
көр ардынан. Аттаахтар ампаар икки дьиэ иккэрдинэн аастылар. Ынахтар бугуллар ыккардыларынан сырыстылар. Сити кэмҥэ тайахтар икки ардыларынан тыһаҕастара тырахыс гына ойон таҕыста. Амма Аччыгыйа. Ити икки маһы икки ардынан баартым. Күндэ