Полностью согласен, с радостью поддерживаю (делать что-л.). (Букв. свои обе руки поднимаю (двумя руками согласен). Мин "Заряны" [теплоход аата] кытта барсарга икки илиибин уунабын. "Кыым".
Чэ, ол эрэн ыйытыыгар хардарыым: бастаан кэллэҕим утаа эбитэ буоллар, бука, икки илиибинэн сөбүлэһиэх, бэркэ табыллыбыт киһинэн ааҕыныах этим. ВВ ЫСЫ. Икки илиилээҕи (урааҥхайы, иннинэн сирэйдээҕи) иннигэр түһэрбэт – илии үлэтигэр барыларыттан бастыҥ. Самый лучший, не имеющий равных (о работнике). Ийэм икки илиилээҕи иннигэр түһэрбэтэх бурдук быһааччы этэ.Ф. Софронов
или добротно, или плохо, в зависимости от клиента; человек, у которого качество работы всецело зависит от клиента (букв. с двумя руками). Ньылбакы уус икки илиилээх.
Икки илиилээх, халбас харата рецензеннэр эмиэ баар буолааччылар.ХС
Как дважды два. Устудьуоннар кинини, иккигэ иккини эппит курдук, чуолкайдык билэллэр. Н. Босиков.
Икки иҥиирдээх кэпс. – күүстээх үлэҕэ олус тулуурдаах, сылайбат-сындалыйбат. Не знающий устали, выдерживающий большую физическую нагрузку (букв. с двумя сухожилиями, двужильный). – Хатыҥнаахха от тиэйиллибит сыарҕата турар.
Ону пиэрмэҕэ илдьэн биэрдэргин?
Улаатыгар оҕолор, бу икки иҥиирдээх оҕону булбут дии, – ийэм эбии күүдэпчилэнэр. Нэртэ. Икки кулгаахтаах фольк. – киһи (нор. айымнь. куруук тут-лар эпиитэт).
Человек (букв. с двумя ушами – обычный метафорический эпитет человека в якутской нар. поэз.).
икки утарыта күүстэр икки ардыларыгар, икки өттүттэн куттал суоһуур түбэлтэтигэр (түбэс); хайа да диэки буолуоххун билбэт кыбыстыылаах балаһыанньаҕа (түбэс).
Соотв. между двух огней.
Ол түүн Сиидэр адьас кыайан утуйбатаҕа, кини дьиҥ чахчы икки уот икки ардыгар кыбыллыбыта.Е. Неймохов
Мохоо төһө да икки уот икки ардыгар кыбылыннар, биир да тылы быһа ыһыктыбакка сөллөйө сытыйан олордо.ХС
Ааныс соһуйда, туох да сүрдээхтик киҥэ холунна... Икки хараҕын үүтэ көстүбэт буолла.Күндэ
Икки хараҥаҕа (икки хараҥаттан икки хараҥаҕа диэри) – сарсыарда букатын эрдэттэн, халлаан сырдыан инниттэн киэһэ хойукка, хараҥа буолуор диэри. С самого раннего утра до позднего вечера; от темна до темна. Кыайыы туһа дии-дии икки хараҥаҕа харбыалаһарбыт.С. Никифоров
"Мантан инньэ бэйэни харыстаннахха, үчүгэйдик эмтэннэххэ сатанар", – диэн санаалар өйүгэр охсуталаан аастылар да, хаһан да хара тыаны икки хараҥаттан икки хараҥаҕа диэри кэтэ сылдьан, ону тутуһуо баара дуо.ХС
Икки хараҥаны ыпсар (силлиһиннэр) көр икки хараҥаҕа (икки хараҥаттан икки хараҥаҕа диэри). Фронт туһугар күүстээх үлэ оргуйар. Оҕонньоттор, эмээхситтэр, сэриигэ барбатах ыарыһахтар икки хараҥаны ыпсараллар.П. Аввакумов
Адам сир хоруппута, үүнүү ыһан икки хараҥаны ыпсаран үлэлээбитэ. "Чолбон". Кинилэри сүһүөхтэригэр туруораары Софья эмээхсин төһөлөөх икки хараҥаны силлэһиннэрбитэ буолуой?! "Кыым".
Икки харахпар көстүмэ
киэр буол, көрүөхпүн да баҕарбаппын.
Вон, прочь отсюда; с глаз долой.
Бар, киэр бар, икки харахпар көстүмэ, хара ыт!Н. Неустроев
Чэ, итиэннэ икки харахпар көстүмэ, киэр буол.Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
Икки харахтаах фольк. – киһи (нор. айымнь. киһини ойуулаан көрдөрөр эпиитэт). Человек (букв. с двумя глазами – метафорический эпитет человека в якутской нар. поэз.). Өрүс илин өттүгэр төһө эмэ күлүмүрдэс күн түһэн олорорун курдук, икки харахтаах көрбөтөх дьиктитэ буолла.ХС
Ылалларын [уоралларын] икки харахтаахха көрдөрүөхтэрэ диэтэҕиҥ дуу?!М. Попов
Үгүстүк хатыланан туттуллар. (оччоҕо биир уустаах чилиэннэр ыккардыларыгар соппутуой турбат). Θ Может повторяться несколько раз (при этом запятая между однородными членами не ставится). Ыт эмиһэ икки Кэччэгэй баай икки син биир.Саха фольк
Маайа икки Бүөтүр икки аны кинилэр дьылҕалара атын дьон илиилэригэр түбэһэрин биллилэр уонна онтон куттаналлара улаатта.Эрилик Эристиин