Перевод с якутского
ис
даҕааһын, аат тыл, туохтуур
Нууччалыы опухать
English interior, internal
Ис хоһооно · 23
1 туохтуур #
Нууччалыы опухать
2 туохтуур #
Атаххынан эбэтэр туохха эмэ олорон, тиэллэн хайа эмэ диэки сыҕарый
Нууччалыы Идти, двигаться, ехать на чем-л. (в определенном направлении)
иэ, хайа диэкиттэн иһэҕин. А. Софронов Илин арыы тыа суолунан биир ыҥыыр аттаах киһи нэлэтэн иһэр этэ. Амма Аччыгыйа Бу истэҕинэ, тротуарга биир оҕо ытыы олорор үһү.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Биир күн Амма Солобуодатыттан тахсар суолунан тэлиэгэлээх ат иһэрэ көстүбүтэ Н. Якутскай
3 туохтуур #
Чугаһаа, бэтэрээ диэки сыҕарыйан кэл (хол., ханнык эмэ тырааныспар)
Нууччалыы Приближаться (напр., какой-л. транспорт)
Суол устун иккис тааҥка иһэр, оттон арҕаа диэки эмиэ мотуор тыаһа ньирилиир Т. Сметанин Халҕаһалаан, саба халыйан кэл (айылҕа көстүүтүн туһунан: хол., ардах, туман). Θ Приближаться массой, потоком, вереницей (о движении облаков, воды, воздуха и т. п.). Оппутун бу иһэр ардах харыстыа үһү дуо?! Амма Аччыгыйа Дьон үрдүлэригэр барыйбытынан батыһан иһэр аан-туман ортотунан быһа ыстанан барарга дылы гынарын кытта, анараа баран иһэр сирдэрин диэки, атахтанан хаампакка, кынаттанан көтөргө дылы гыннылар. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (6)
Лоҥкуудаҕа уу иһэрин туһунан сурах холкуос үрдүнэн чаҕылҕанныы тарҕанна М. Доҕордуурап Айдаан өссө хойдон тахсан иһэр. Эрилик Эристиин Коля тыйыс киһи буолан биэрдэ, санныларынан өгдөх-өгдөх гына-гына, хааман-сиимэн туллаҥнатан истэ. Амма Аччыгыйа Үчүгэйдик үөрэммит эргийэр ыт эйиэхэ соччо салайтара барбат. Кыыл хайа диэки барарыттан көрөн, иннин күөйэн иһэр. Далан Олох сороҕу үрдэтэн, сороҕу туоратан, бэйэтэ дьаалытынан баран иһиэ.
Н. ЛугиновСр. тюрк. эш ‘итди за кем-л., следовать, сопровождать’
4 туохтуур #
Буолан, саҕаланан бар (күн-дьыл кэмин туһунан)
Нууччалыы Наступать, надвигаться (о времени года)
Күһүн кэлэн артыал, Күүһүн холбоон, быһыа. Үлэм миэнэ тиллэр Үтүө кэмэ иһэр. Күннүк Уурастыырап Лоҥкууда үрэх халдьаайы хайаларын сирэйдэрэ харааран, ынах омурда от тахсан, самаан сайын иһэрин санатар. М. Доҕордуурап Туллуктар, туус туллуктар, сандал саас иһэрин бары тыынар тыыннаахха тыллыы, сүргэни көтөҕө, үрдүккэ күөрэйэ, кыыдамныы көтө туруохтуннар!.. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
От-мас хараарда, хагдарыйда
5 туохтуур #
көмө туохт. суолт. -ан сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн хайааһын биир кэмник тохтообоккоэбэтэр мэлдьи буола турарын көрдөрөр
Нууччалыы В сочетании с деепричастными формами на -ан основного глагола обозначает продолжительность или постоянство действия
6 туохтуур #
Убаҕаһы омурдан ыйыһын
Нууччалыы Пить. Ыта Түргэн, уу иһээри, аллара ойон киирбитэ. Суорун Омоллоон. Тоойуом, Сибиэтээ, тахсан үүккүн ис. С. Ефремов. Кини сүөгэйдээх хойуу чэйин испэтэх, минньигэс алаадьытын сиэбэтэх аҕыйах ини. И. Гоголев. Хотуур сытыылана таарыйа сынньанан, ымдаан истилэр. М. Доҕордуурап
7 туохтуур #
Убаҕас аһы аһаа (хол., миини)
Нууччалыы Есть, принимать жидкую пищу
Ситэ иһэ илик миинин тобоҕун илдьэн Катя кутан биэрбитигэр, Фокин аралдьыйан хаалла. Амма Аччыгыйа Арыт бултаан, эһэкээни Уруйдуурум быыһыгар иһиэх этим бэс үөрэни Тоҕус үрэҕин баһыгар П. Тобуруокап Туох эмэ суураллыбыт убаҕаһын ыйыһын (хол., эми). Θ Принимать лекарство (в растворе или с водой). Эмин испэт, сирэр-талар, Кэмпириэһин уһултарар. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Баҕар, сэриигэ киирэн иһэн, Бааһыран, тото эмп иһэн, Тиийиэм мин аҥар атахтанан Чиргэл дууп мас тайахтанан Дьуон Дьаҥылы
8 туохтуур #
Арыгыта амсай; арыгылаа
Нууччалыы Употреблять спиртные напитки; пьянствовать
Эдэр эрдэхпинэ Эппэр-хааммар иҥиэр диэри испэтэҕим буоллар, бугурдук иһээччи буолар этиэм... А. Софронов Хайа, ол гынан баран, илии охсуһарбытыгар туохпутун иһэбит? Н. Неустроев Онтон Бэдэһиэйэп: "Ис!" – диэн көрдөһөн көрбүтүгэр Маппыайабыс: "Суох, мин арыгыны букатын бырахпытым, баһыыба, испэппин", – диэтэ Бэс Дьарааһын
9 туохтуур #
Убаҕаһы оборон иҥэрин (хол., маһы, таҥаһы этэргэ)
Нууччалыы Принимать в себя влагу, впитывать, всасывать (об одежде, дереве и т. п.)
Ууну испит мас ыарахана олус
10 туохтуур #
поэт. Сиэ, тыын (салгын туһунан); эккэр-хааҥҥар, сүрэххэр-быаргар иҥэрин
Нууччалыы Дышать (воздухом); впитывать в себя, всасывать
Бу кыраай үтүө салгынын Кымыс курдук мин истим. Күннүк Уурастыырап Ийэ сирбит салгынын Мүөтүн иһэ-иһэбин, Үөрэх, үлэ дабаанын Өрө ыттан иһэбин. П. Тулааһынап Уйгу көҥүл, оҕо саас минньигэс мүөтүн утаппыт сүрэххэ дуоһуйа иһиэхпин. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Кыыс уоллуун кэпсэтэ иһэллэр, Дьол сөрүүн салгынын иһэллэр ЭК
11 этии #
Нууччалыы Пропивать, проматывать
Этиилэр
Иһэн-аһаан кэбис
туохтааххын эмэлээххин арыгылаан ыһан-тоҕон, бүтэрэн, суох гынан кэбис Ити баҕайы сарсын син биир төттөрү сүүйтэриэ эбэтэр илэчиискэ дьахталлары кытта матайдаан, иһэн-аһаан кэбиһиэ...
И. Гоголев.
Уу испит сылгы курдук
уулаабыт сылгы титириирин курдук, куттанан, долгуйан, уҥуоҕа хамсыыр.
О человеке, дрожащем от холода, сильного волнения (букв. как лошадь, напившаяся холодной воды).
Маайа, уҥуоҕа уу испит сылгы курдук салыбырас буола-буола, -- Бүөтүр таһыгар кэлэн олордо. Эрилик Эристиин Уу испит сылгы курдук, дьигиһийэ, титирии турар.
Суорун Омоллоон
Уу иһэ-иһэ хайгыыр
кими, тугу эмэ наһаа хайгыыр, арбыыр.
Восхвалять, петь дифирамбы кому-чему-л. превозносить до небес кого-чего-л. (букв. запивая водой, хвалить).
Кэлин да Туллай сылбырҕатын, аты сатаан сүүрдэрин уу иһэ-иһэ хайгыыра үһү. ХС
Хаанын ис көр хаан
Капитал хаанымсах, кини
аад айаҕа, Хара хаан утахтаах, мин хааммын испитэ...
Хас хамначчыт, хас дьадаҥы, доҕолоҥ-тулаайах хаанын иһэн, буос бээгэй буолан олороргуттан букатын куттаммаппын, кэннибэр-иннибэр тугум да суох буолан турабын! С. Ефремов Тюрк. еш, еч, ич
12 туохтуур #
Сүһүрэн, бааһыран үллэн таҕыс (киһи-сүөһү этин этэргэ)
Нууччалыы Пухнуть, опухать
Харытыана эрэйдээх көхсө-түөһэ үллэ иһэн, икки хараҕын уута таҥнары саккыраан, тэпсиллибит быраабын-чиэһин көмүскэтэ барда.
П. ОйуунускайБу илиим иһэн хаалан – аҕыйах хонукка киһи хамнастаһа сылдьыбытым.
КүндэСытыйбыт таал курдук көҕөрө өлбүт сирэйдээх оҕонньор, иһэн хаалбыт халтаһатын атыҥнатан көрбүтэ, хайа быһыллыбыт сиикэй эт быыһынан көрбүт курдук хараҕа кыламнаан көһүннэ. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
Ыалдьар сирин туттан көөртө, кэтэҕэ, сүүһэ, мунна дыгдаччы иһэн тахсыбыттар.
Суорун ОмоллоонСр. тюрк. шиш, сис ‘пухнуть’
13 аат тыл #
Киһи, харамай, көтөр аһы буһарар уорганнара баар миэстэтэ
Нууччалыы Живот; брюхо
Хабырынар Хабырыыс искэ саайар, Сэпсики саҥата мөлтүүр, онтон умсары түһэр.
КүндэЭһэ иһин быһан халыҥ хаһаны тыырдылар, бысталаан ылан үөлүтүлээн кэбистилэр. Эрилик Эристиин Истэрэ бэрэмэдэй курдук буолуор дылы, күөх отунан үчүгэйдик аһаппыттар [көлөлөрүн]. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ыстанан кэбистэ. Сатабыла суохтук ууга иһинэн күр гына түстэ И. Данилов
Өссө холобурдар (3)
Ити кэнниттэн Илин иэйэхситтээх халлаан Ис эҥийэтиттэн Итии салгын билиннэ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСибилигин кини хайыһардарын төбөлөрүн үмүрүччү тутан, ис кырыыларынан өчөһүннэри үктэнэн, таҥнары тарыырдаан түһүөҕэ. Амма Аччыгыйа Сонун ис сиэбиттэн ыраас былааты сулбу тардан ылан, сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн сотунна П. Филиппов
14 аат тыл #
Сүөһү, кыыл иһинээҕи уорганнара
Нууччалыы Внутренности, потроха животных, зверей
Даайа, ынаҕын иһин ыраастыы олорон: – Сарсын төһө эрэ дьахтар кэлэн, сыа сиэппэтэ дии-дии, кыыһыраллар, хоргуталлар, – дии саныыр. А. Софронов Силтэһин Күөнчэттэн туораан, оҕус иһин ырыппыт сирдэрин диэки тумна хаамта. Күннүк Уурастыырап Астан идэһэ ынах иһигэр тиийэ, иһиттэн эргэ сылабаарыттан лэппиэскэ оҥорор улахан хобордооҕор тиийэ – симиллэ-симиллэ сүөкэнэ, хат угулла сатаата. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
Эһэни өлөрөөт, быарын, бүөрүн, тыҥатын, иһин сыатын, сиһин үөһүн кырбаан курум буһарыллар И. Гоголев Ойон туран, ис баатата орҕостон, сорох сиринэн салыбырыы сылдьар бытырыыстаах сонун кэттэ. Эрилик Эристиин Ол ыт эһэни кытта охсуһан, агдатын этин ис ньапчыта көстө сылдьар гына тоҕо дайбаппыт Р. Кулаковскай
15 аат тыл #
Туох эмэ таһыттан көстүбэт өттө
Нууччалыы Внутренняя часть чего-л.; изнанка
Инчэйбит үтүлүгүн иһин тиэрэн таһааран күн уотугар куурда уурда. Бу саҥа каркаснай дьиэ, тас өттө буор сыбахтаах, иһэ фанера, кырааска – куорат дьиэтиттэн атына суох. Н. Габышев Ийэм кэнники имитэн [куобах тириитин] бэйэтигэр култуук, миэхэ болтуо иһэ тикпитэ ХС
Өссө холобурдар (4)
Туох эмэ көҥдөйө. Θ Внутренность, полое пространство чего-л. Арҕах иһэ кураанах буолан биэрдэ. Кабина иһэ сып-сылаас. Дьиэ иһэ иччитэхсийэн хаалбыт, күөрэ-лаҥкы буолбут Амма Аччыгыйа Кини, түннүгүн ис сабыы хаптаһынын халбарыччы анньан, ыйдаҥа сырдыгар олорон суруйан баарта.
Суорун ОмоллоонКуукуна иһигэр ким да суох, ис хоско итирик саҥата иһиллэр Н. Павлов
16 аат тыл #
Дууһа, ис дууһа
Нууччалыы Душа; нутро
Таҥара суругар Евангелиеҕа да баар: "Тугу да биэрбитиҥ таҥараҕа тиийэр, бары сиэртибэни барытын ылар," – диэн, ону эн, быһыыта, билбэккин эбит, Көстөкүүн! – диир баачыка, иһин иһигэр кыыһыра-кыыһыра. А. Софронов Оччотооҕу биһиги сааспытыгар: "Эн кыыһы таптыы илигиҥ буолуо", – диир искэ улахан өһүргэстээх буолара. Амма Аччыгыйа Хаачыстыбалаахтык үлэлиир санааҕа чугаһаан эрдэҕэ ини, – дии санаата Ананий иһигэр. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
Соторутааҕыта диэри "мин даҕаны хаһан эрэ итинник ыал буолуом" диэн иһигэр сырдык эрэл санаа баара С. Никифоров Ол да буоллар бөлөхпүт ис мөккүөртэн, хайдыһыыттан үс төгүл алдьана-тохто сылдьыбыта.
П. ОйуунускайОнтон кэлэн Сэбиэскэй Сойуус ис олоҕуттан ыйыппыттарыгар, улаханнык бүдүрүйтэлээтэ. ФММ ДЬКС. Дьоҥҥо дойду ис уонна тас олоҕун туһунан кэрэхсэтэр курдук кэпсэниллиэхтээх этэ И. Данилов
17 даҕааһын #
Бэйэ диэки өттүнээҕи
Нууччалыы Внутренний
18 даҕааһын #
Көстүбэт өттүнээҕи
Нууччалыы Скрытый, невидимый
19 даҕааһын #
Туох эмэ кэнниттэн кэлэр
Нууччалыы Последующий за чем-л. (что-л.)
20 даҕааһын #
Судаарыстыбаҕа, ханнык эмэ тэрилтэҕэ, эйгэҕэ тус бэйэлэригэр сыһыаннаах
Нууччалыы Относящийся к внутренней жизни какой-л. организации, государства
21 аат тыл #
Суолтатын, дьиҥин биэрэр, арыйар
Нууччалыы Составляющий содержание, раскрывающий сущность чего-л
А... а... Аччык буолан сиэри, – диэн Абдуркулла куттанан тардыалатан үс тылынан дьыала ис сэкириэтин түөрэ тэбээн биэрдэ. Эрилик Эристиин Таптал ис кистэлин Бары эппэттэр. Тыл симик киистэтин Ситэн тиспэттэр Күннүк Уурастыырап
22 этии #
Нууччалыы Всегда всем недоволен, его ничем не удовлетворить
Этиилэр
Айаҕын иһигэр көр айах I
Баһын иһэ баллыгырас көр бас II
Улахана
Хадаар Уйбаан – Баһын иһэ барыта - Баллыгырас цитата.
Күннүк Уурастыырап.
Дууһатын иһигэр (түгэҕэр) көр дууһа
Иин курдук хараҥа көр иин I
Сэмэн ону [ааспыт олоҕун] иин иһин курдук хараҥа дииринэн, Мөрүөн бэйэтэ да санаан көрдөҕүнэ оннук. Д. Таас
Илиитин иһигэр киирдэ, (киллэрдэ) көр илиитин иһигэр баар (илиитигэр киирдэ)
Хаһан эрэ тыа баайа, уу, сир баайа – барыта киһи илиитин иһигэр киириэҕэ. Амма Аччыгыйа Мин туох үчүгэйдээҕим, куһаҕаннааҕым барыта эн илииҥ иһигэр, истиҥ доҕоччугуом! С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Ити кини оҕо эрдэҕиттэн өстөөҕө. Онон билигин илиитин иһигэр киллэрэн баран, хайдах баҕарар гынарыгар көҥүллээх этэ. Д. Таас
Ис буолбат
туохха да санаатын таптарбат, туохха да сөп буолбат, санаата туолбат Балаайа, туохха да ис буолбакка, биир кэм ньырылыы сылдьар алта-сэттэ ыйдаах оҕотугар, сотору-сотору былаатын муннугунан муннун соттон ыла-ыла, хапсыйан хаалбыт эмиийин соппойбохтотто.
– Скворцову... Онус балаататтан... Син биир ис буолуо суох диэн ыҥыртардылар быһыылаах, сотору Скворцов акыҥнаан кэлэн илиитин-атаҕын хомуна тардан олордо. Софр. Данилов.
Ис дууһатыгар тиийэ
олус күүскэ (долгуйда, үөрдэ уо. д. а.).
До глубины души, до самого сердца (разволноваться, радоваться).
Ис дууһатыгар тиийэ долгуйда. НАГ ЯРФС I.
Ис дууһатын тоҕо тэбиир
туох баар ис санаатын барытын аһаҕастык кэпсээн биэрэр.
Изливать душу кому-л.
Саҥа олох үлэһит дьоно бэйэлэрин мунньахтарыгар өйдөрө-санаалара өһүллэн туран ис дууһаларын тоҕо тэбииллэр. У. Нуолур
Ис дууһатыттан
дьиҥ баҕаран туран, истиҥник иэйэн, бэриниилээхтик.
От всей души, искренне.
Туох ханнык иннинэ иһээччи киһи арыгылыыр сүрүн биричиинэтин, кини хараахтарын, психологиятын үчүгэйдик билиэххэ, кини эйигин кытта ис дууһатыттан кэпсэтэрин, санаатын атастаһарын ситиһиэххэ баар. ПДИ КК. Предприятиеҕа наука, тиэхиникэ сайдарын иһин дириэктэр уонна биирдии оробуочай - ис дууһатыттан ыалдьыах тустаах. Л. Брежнев Денисов хос иһигэр төттөрү-таары хаампахтыы сырытта: кини ис дууһатыттан олус долгуйдаҕына, ити курдук буолар этэ.
Л. Толстой
Өссө холобурдар (3)
Ис иһигэр киирдэххэ (иһигэр киирдэххэ, ис искэ киирдэххэ, ис искэ) – үчүгэйдик өйдөөн көрдөххө. В сущности, по существу. Олох, ис иһигэр киирдэххэ, олус уустук, мындыр, табаарыс Кокоринов. А. Федоров Холкуос олоҕо, биһиги олохпут, таһыттан эрэ көрдөххө судургу, чуҥкук. Оттон билэн-көрөн истэххэ, иһигэр киирдэххэ, араас киирсии, охсуһуу үгүс эбит. Далан Ийэм эрэйдээх, аһынабын ээ... Таах хаалларыахха дуу? Хайа, искэ киирдэххэ, кыра да суол буоллаҕа дии.
Ол кэриэтин иккиһигэр, үсүһүгэр,
диэх курдук санаталаата.
Ыраахтааҕы тус олоҕор үчүгэйдик олорор буолан баран, ис искэ киирдэххэ, иирбэ-таарба ханна барыай. М. Доҕордуурап Кинилэр ис искэ эмиэ улахан кыһалҕалаахтар, эмиэ тойонноохтор, хотуннаахтар. Эрилик Эристиин
Ис иһиттэн
1) айылҕаттан айдарыытыттан, төрүт.
По природе, по натуре.
Ис иһиттэн куһаҕан майгылаах киһи. ПЭК СЯЯ; Бэйэлэрэ да ис иһиттэн ыраас, үчүгэй оҕолор. Д. Таас Кини ис иһиттэн көрдөөх-нардаах, сүүрбэ биэстээх-алталаах эдэр киһи этэ. "ХС"; 2) курдаттыы тартаран, этэ-хаана баҕаран. От души (радоваться); до глубины души (возмущаться). Ис испиттэн кыһыйан, абаран тураммын: "Кус сүрэх, киэр буол, икки харахпар көстүмэ!" – диэн хаһыытаатым. И. Никифоров
Өссө холобурдар (4)
Чэбдик, сөрүүн салгыны дуоһуйуохха диэри эҕирийбэхтээн ыллаххына ис искиттэн үөрүөх-көтүөх санаа кэлэр. ХС Ис иччитэ кэпс. – наһаа улахан истээх оҕо, иһэ эрэ ордук бэлиэ буолан көстөр оҕо (ыалдьан, хол., рахиттаан). О ребенке с чрезмерно вздутым животом (напр., вследствие рахита). Улаатарын саҕана Уй курдук оһоҕостонно, Ис иччитэ бэйэлэннэ, эмэгэт курдук сэрбэкэчийдэ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйОҕолорум сордоохтор Эриллэ хаппыт илиилэнэн, Хатылла хаппыт атахтанан, Ис иччитэ бэйэлэнэн Бобулла буомуран хаалыах Сорукайдарын даа!
Өксөкүлээх ӨлөксөйТэҥн. уй курдук истээх.
Ис киирбэх
киһиэхэ сөбүлэтэр, таптатар.
Распологающий к себе, симпатичный, приятный.
"Тутта-хапта да сылдьара номоҕон, ис киирбэх этэ" – диэн, Оксананы иһигэр улаханнык сөпсүү санаабыта.
Суорун ОмоллоонИти атын уолаттар курдук мэнээк дьалбаа буолбатах. Кини миэхэ атыттардааҕар ордук ис киирбэх. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Кыыс хара хараҕар ис киирбэх эйэҕэс мичээр оонньуу сылдьааччы. М. Доҕордуурап
Ис киирбэхтик
киһи сөбүлүүр гына, сүрдээх үчүгэйдик.
Очень мило, душевно, очаровательно, со вкусом.
Сорох киһи кырдьан да баран тупсар курдук, итинник ис киирбэхтик мичээрдиир буолааччы. Н. Габышев Ааһан иһэр дьон диэки ис киирбэхтик көрөн ылаат, кыыс үлэлээбитин кубулуппата. Д. Таас
Өссө холобурдар (2)
Ис киирбэхтик таҥнар, дьахтардыы үчүгэй быһыылаах-таһаалаах, бэйэтин көрүнэр буолан, киһи хараҕар быраҕыллара. Г. Угаров Олус эйэҕэстик, ис киирбэхтик кэпсэтэрэ. И. Данилов
Искэр киир
наһаалаа, сиэри таһынан бар, олустаа.
Перейти границу, хватить через край, переусердствовать.
Эн, Көкөт, олус искэр киирэн кэбилэнэн эрэҕин, онтукаҕыттан үөрэҕин дуу, курутуйаҕын дуу? Эрилик Эристиин
Ис миинэ киһи
эйэҕэс, киһини умсугутар, үчүгэй киһи.
Приятный, славный, обаятельный человек.
Ылбаҕайа, киһиэхэ сыһыана үчүгэйэ
чахчы ис миинэ киһи.
Ис санааттан
истиҥник баҕаран, дьиҥ сорунан.
Совершенно искренне.
Эһиги бары, бу саҥа үлэлии кэлбит оҕолортон уратылар, үлэни-хамнаһы билбэт дьон буолбатаххыт. Билэҕит. Ол гынан баран ис санааттан, сүрэхтэн-быартан кыһаллыы тиийбэт диэххэ дуу... С. Никифоров Ваня [Маайыс илиитин ылан имэрийэр уонна сүрдээх ис санаатыттан:] Маайыс, эн миигин бырастыы гын. С. Ефремов
Ис сүрэҕин тэбиир
туох баар ис санаатын бүтүннүүтүн тоҕо кэпсээн биэрэр.
Выкладывать всю душу кому-л.
Үөрэҕэ суох саха уоһа өһүллэн кэпсээнэ киирдэр эрэ кинини туох даҕаны тохтоппот, бии мааҕын бэйэлээх сэмэй, чиҥ, сэрэхтээх, ньуолбар бэйэтэ ис сүрэҕин биирдэ тэбиир үгэстээх. Амма Аччыгыйа
Ис сүрэхтэн
ыраас санаанан, дьиҥ кырдьыгынан.
Чистосердечно, искренне, всем сердцем.
Эчикийэ даа!
аймана түһэр Марыына уонна, айыыта-харата суох тыа мааны кыылын ис сүрэҕиттэн аһынан, уулаары турар убаһа хараҕын курдугунан унаарыччы көрүтэлээн ылар.
Саха тыаны ис сүрэҕиттэн таптыыр, харыстыыр уонна кимнээҕэр да ордук иҥэн-тоҥон билэр, үөрэтэр. И. Данилов Тамара Ниловна соҕотох уолун киһи оҥорор туһугар, кырдьык ис сүрэҕиттэн баҕарара да, ону сатаабатаҕа. П. Аввакумов
Ис сүрэххэр ылын
туохха эмэ улахан суолта биэрэн, бэйэҕэр наһаа чугастык, истиҥник ылын.
Принимать близко к сердцу.
Дружина дьылҕатын ис сүрэххэр ылынарыҥ иһин
баһыыба.
Софр. Данилов.
Ис хааныттан
төрүт, төрүт айылҕатынан.
По природе, по натуре, всем нутром.
Урут даҕаны илэй-балай тыллаах-өстөөх Ылдьаананы ис хааныттан сөбүлээбэт этэ. А. Сыромятникова
Иһигэр (айаҕар) ас киирбэт көр айаҕар ас киирбэт
Ньукуус бэлэм чэйи сылытан аһаабыта да, иһигэр ас киирбэтэ, тиэтэйэ-саарайа хомуна айаныгар турунна. НС ОК. Силип, иһигэр ас кыайан киирбэт буолан, биир чааскыны эрэ испитэ уонна саҥата суох тахсан барбыта. ХС
Дьэ, бэрт да өлүү, доҕор,
дии-дии, Натаа иэмэ-дуома аһаабыта буолла, иһигэр ас да киирбэтэ быһыылаах, онтон туох да саҥата суох орон-оронноругар баран сыттылар.
Суорун Омоллоон.
Иһигэр буһарар
санаатын таһыгар таһаарбакка толкуйдуур, илдьиритэр.
Думать про себя, вынашивать, анализировать про себя, переваривать в себе.
"Мин испэр буһарарым ыал олоҕор хайдах эргийэн-туолуйан тиийиэй?" – дии саныыра. У. Нуолур Ол ааҕыыларбыт түмүгэр тугу санаабыппытын - бэйэбитигэр илдьэ, испитигэр эрэ буһара сылдьымыаҕыҥ. ХС
Иһигэр былас (икки) муостаах киирбит
туохтан эрэ улаханнык уордайбыт, кыыһырбыт.
Приходить в ярость, разгневаться, выходить из себя.
Сөбө доҕор, киһим иһигэр дьэ былас муостаах киирдэ дии, быһыыта.
Суорун Омоллоон
Бырыскаал аан хоско төттөрү
таары хааман татыаланар тыаһа иһилиннэ.
Иһигэр икки муостаах киирэн эрэр буоллаҕына, ити курдук тилэҕэ тыаһааччы. ХС
Бэйи, оргууй ыххайыый киһини,
Аргыныап кэргэнэ быһа түһэр.
– Искэр туох былас муостаах киирдэ, наллаан кэпсэтиэххин. У. Нуолур
Иһигэр киллэрбэт
оччо сөбүлээбэт.
Не нравиться, не по душе; не воспринимать кого-что-л.
Уля кыраһыабай. Ол гынан баран, майгыта куһаҕан буолан, биһиги испитигэр аанньа киллэрбэппит. Н. Якутскай Павлов ол эмиэ туох соруктаах кэлэр буоллаҕай?! Мин кинини хайдах эрэ испэр киллэрбэппин. С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Ыстапаан бу эмээхсини бастаан көрүөҕүттэн иһигэр киллэрбэтэ. ХС
Иһигэр киллэрдэ
муокастанна, сатаммата (былыргы саха өйдөбүлүнэн ким-туох эмэ иһигэр абааһы киирдэҕинэ ыалдьар, алдьанар, барыта бары сатаммат буолар).
Не стало получаться, начались неприятности (букв.
в живот свой впустил злого духа – по народному поверью – если в кого-что-л. вселился злой дух, то у него начинаются неприятности). Бэйи, тохтот.
Бу сэппит эмиэ иһигэр киллэрдэ,
диэтэ Хаампый.
Самаан сайыны аҕалаары саас барахсан, кийиит курдук көрсүөтүк, күтүөт курдук сымааннык налыйан, үс күннээх улахан ириэһин буолла. Онтон эмискэ иһигэр киллэрэн, тус арҕааттан тыалыран аныһыйан, хатаан чыҥкынатта. М. Доҕордуурап
Иһигэр кутуйах хаамар
туохтан эмэ улаханнык дьиксинэр, мунчаарар.
Тревожиться, бояться, опасаться, беспокоиться.
Бука, иэстэбиллээх суолу оҥордоҕум буолуо, сүгүн олордоллоро биллибэт диэн, Силтэһиҥҥэ иһигэр кутуйах хаамара. Күннүк Уурастыырап Бардасов бюроҕа киириитигэр тас эрэ көстүүтэ туохха да кыһамматах, кумаардаабатах курдук буолан баран, иһигэр, дьиҥинэн, кутуйах хаамара. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Иһигэр оҕустарбыт кэпс. – ыарыыта иһигэр киирбит, иһигэр биллибит. Получать осложнение (напр., после простудного заболевания букв. получил удар в живот). Василий быраата былырыын бытархан тымныыга уота, өйүөтэ суох сылдьан саахалланан хонон, чуут аҕай өлбөккө, тымныйан иһигэр оҕустарбыта. ХС
Иһигэр туох киирдэ
чуумпутук, холкутук сылдьан эмискэ тымтан, кыыһыран, илгиэлэнэн кэлэр киһини этэллэр.
Какая муха укусила (про человека, к-рый внезапно, совершенно неоправданно впадает в ярость).
Ити эмээхсин иһигэр туох киирбитэ буолуой, ээ? С. Ефремов Хайа, доҕоор, ити чиччиктэр истэригэр туох киирдэ?
Хайыыбыт, доҕоор?
Хайыаххыный?
бардахтара дии, хоҥ мэйиилэр. Р. Кулаковскай
Иһигэр туппат
1) истибитин, билбитин-көрбүтүн кистээбэт, кэпсээн биллэрэн кэбиһэр.
Ничего не держит в секрете, все выбалтывает, не умеет хранить тайну.
"Лэһээнньик Уйбаан истибитин иһигэр туппат, алдьаммыт куйуур эбээт. Билигин сиргэ-дойдуга бүтүннүүтүгэр тарҕатара буолуо", – диэтэ, Анды Дайыыла. М. Доҕордуурап Соччо түөһэйэ иликпит, истибиппитин испитигэр тутар инибит. Болот Боотур; 2) долгуйбутун, үөрбүтүн-кыыһырбытын кыайан туттуммакка биллэрэн кэбиһэр (хол., кытаран, кубарыйан). Обнаруживает свое состояние, не умеет скрывать свои чувства, выдает себя. Саабын оҕонньор санаата көтөҕүллүбүтүн кыайан иһигэр туппата. ХС
Иһин булуммут
аһыыр аһын булуммут; топпут (үксүгэр сүөһү туһунан, киһиэхэ сыһыаннаах буоллаҕына элэк дэгэттэнэр).
Нашел чем поживиться; наелся, решил проблему с питанием (обычно о скоте, по отношению к человеку имеет ирон. оттенок).
Бу сүөһү күөххэ тиийэн иһин булуммут. Хотуммут иһин булуммут. ХС
Өссө холобурдар (3)
Дьэ ол курдук кинилэр истэрин булунан, арыый чэпчээн, сыт-сымар биллибэтин диэн, хойуу чэй иһэн, наадалаах сирдэригэр хаамса турдахтара. Н. Заболоцкай Иһин көппөт кэпс. – киһи астыммат аһынан аһат, иһин толор. Лишь бы накормить (чем попало), лишь бы чуть утолить голод чем-л. Хараҕым уута куурбакка сылдьан, уон үспүттэн тимир ууһун үөрэнээччитэ буолан, куһуок килиэби булан испин көппөтүнэрим. ХС Иһин соспут кур. – улахан истээх дьахтар. Толстая, брюхатая. Иһин тоҥор кэпс. – буорат, өлөр-өһөр. Губить, сживать со свету. Оҕобут, уллуҥах да устата уларыппакка, харыс да халбарыппакка, испитин тоҥороро кэллэ дии. Иккиэммитин хайы-үйэҕэ хаһыаттаабыт дии...
Суорун Омоллоон
Иһин түгэҕиттэн
дириҥник, тыастаахтык салгыны эҕирийэн.
Глубоко, с шумом втянув в себя, вдохнув воздух.
Онуоха абааһы уола холлоҕос быһаҕаһын саҕа кутаа уотунан өрө уһууран кэбистэ да, иһин түгэҕиттэн үс төгүл мэҥийдэ, үстэ ынчыктаан ыҥыранна да, саҥа саҥара, тыл этэ турар үһү. Саха фольк Дьэ итиннээҕэр буолуоҕу харахтыыр буоллубут быһыылаах! – Тиит уус ыраахтан, иһин түгэҕиттэн эҥсэн эттэ. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Иһин түгэҕиттэн курустук үөһэ тыынан ылара, ким эрэ түбэһэ көрөн сиилиэ диэбиттии сирэйэ кытаран хаалара, мин тугу да билбэтэҕэ буоларым. И. Гоголев
Иһин түгэҕэр
иһиллэр-иһиллибэт.
Еле слышно (букв. в глубине живота).
Тылыттан матыан иннинэ эрэ иһин түгэҕэр киҥинийэн: "Бу дьиэҕэ кэлбэтэхпит буоллар... " – диэхтээбитэ. Амма Аччыгыйа Киһитэ икки хараҕын уутун сотто-сотто, аат эрэ харата, иһин түгэҕэр: "Убайым... " – диэн иһэн эмиэ харан хаалла. П. Филиппов
Иһин харанар
бэйэтэ эрэ тот буоларын көрүнэр, бэйэтигэр эрэ хайдах ас-таҥас булунарын туһунан толкуйдуур.
Заботиться лишь о себе, о собственном животе.
Кинилэр бар дьону супту уулаан муспут баайдарын көмүскүүллэр, бэйэлэрин эрэ истэрин хараналлар, иннилэрин көрүнэллэр. Амма Аччыгыйа
Иһин эриэнэ
ким эмэ кубулҕата-дьибилгэтэ, кистэлэҥ санаата.
Скрытая проявляющаяся в определенных условиях отрицательная черта характера человека.
Иһиҥ эриэнин дьэ биллэрдиҥ. Сибилигин киһини көрсөргөр үрдүбэр түһэн уураабатаҕыҥ эрэ, оттон миигин кэтэхпинэн ыыппыт тэлэгирээмэҥ ис хоһоонун өйдүүгүн дуо, билигин? В. Яковлев Бииргэ бултуу-алтыы сылдьыбыта даҕаны, кини иһин эриэнин билбэккэ өлөөхтөөтөҕө буолуо. Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
Онтон иһин эриэнин, сигилитин-майгытын билэн истэҕим аайы, улам кэлэйэн, сөпсөөбэт буолан испитим. ХС Софр. Данилов романыгар курдук, туох да кири-хоҕу сыһыарыа суох айылаах Кылбанов диэн араспаанньаны биэрэн баран, иһин эриэнин килэтэн таһаардаххына быдан хотоойу, ылыннарыылаах буолуон сөп. ФЕВ УТУ
Иһиттэн саҥата тахсыбат (саҥата иһиттэн тахсыбат)
кыайан саҥарбат, саҥата иһиллибэт (кыбыстан, куттанан эбэтэр сылайан, ыалдьан).
Не может говорит, говорить еле слышно, кое-как, через силу; лишиться дара речи (от стыда, страха, усталости и т. п.).
Марба айыытыгар-абатыгар, курутуйуутугар-хомойуутугар сүрэҕин-быарын туох эрэ ыга анньан кэбиспиккэ дылы буолла. Иһиттэн саҥата тахсыбата.
КүндэУолчаан тыын киллэрэн, мээнэнэн мэндээриччи көрдө. Саҥата иһиттэн тахсыбат. ХС
Иһэ адаарыйар
иһэ үллэр.
Пучит, раздуло живот.
Баҕайы, хайа үөдэн буолтуй, доҕоор? Дэлби ону-маны маҕыйан, иһэ адаарыйдаҕа дуу, тугуй? – дии-дии аанын сэгэтэн баран ытын атаҕынан үтүрүйэн, иһирдьэ анньан кэбистэ. ХС Маҥнай иһэ барбах аҕай адаарыйар. НПИ ССЫа.
Иһэ алдьанар (хайдар) суола
адьас сөбүлээбэт, абааһы көрөр суола.
Ненавистный; нелюбимый, его выворачивает (от чего-л.). – Оттон буоксаны...
төһө сөбүлүүгүт? – Иһим алдьанар суола. "Өй наадата суох, күүс эрэ баар буоллун", – диэбит тэҥэ. Мин хаһан да көрөөччүм суох. В. Яковлев Иһэ аһыйар кэпс. – арыгылыыр, итириктиир. Пьянствовать (букв. живот его становится кислым). Дьахтарга иирбитиҥ, иһиҥ аһыйбытын эбиитигэр биһигини кырбаталаан таһаараары гынаҕын дуо? НС ОК. Иһэ аһыйдаҕына кэргэттэрин өлөртөөрү хаайар. НС ОК.
Иһэ буһар (тымныйар, үллэр)
туохтан эмэ наһаа абарар, кыһыйар, киҥэ холлор.
Испытывать ярость, гнев, внутри у него все кипит (букв. живот его варится (холодеет, вздувается).
[Өрүүскэ:] Мин нэһилиэк бэрэссэдээтэлэ буолбуппун истэ-истэлэр кулаактар истэрэ төһө эрэ үллэр.
КүндэНикешин киниттэн атын үлэһит, инженер биитэр мэхээнньик чорбойдор эрэ, күнүүлээн иһэ тымныйар үгэстээҕэ. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Оттон кэргэннээх киһи атын дьахтары кытта эйэргэһэрин көрдөҕүнэ, адьаһын иһэ буһара. П. Аввакумов
Иһим буһара диэн баар
били бэйэтин иннигэр бэрэбинэ сытарын көрбөт диэбиккэ дылы, арыгыны уулууругар маастар, ол гынан баран атын дьону кириитикэлиирин, үөрэтэрин көрүөҥ этэ.
Кустук.
Иһэ истээх
боростуой, судургу буолбатах, уустук, элбэҕи этэр ис хоһоонноох.
Многозначительный, со скрытым глубоким смыслом, не все так просто.
Аҥаа Моҥус уонна чыычаах туһунан остуоруйа эмиэ олус кэнэн, судургу курдук, ол эрээри иһэ истээх. И. Гоголев Ыстатыйа иһэ истээх ыстатыйа. Ылбычча тугу да диэхпин билбэккэ олоробун. С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Бу боппуруоһу онон-манан эргитэн быһаарсан көрбүппүт, иһэ истээх буолан таҕыста. "Кыым". Иллэрээ сыл диэки мин эмиэ бу эн курдук аан дойдуну үрүҥҥэ уонна кыһылга хайа тыыран өйдүүрүм. Онтукам, дьиҥэр, иһэ истээх эбит. ХС
Иһэ кэлбит
топпут, тото-хана аһаабыт.
Наесться до отвала (досыта).
Сир көҕөрөн, сүөһү иһэ кэлэр буолан эрэр. ГНС СТСДТ. Эмээхсин киһи эрэйдээх Этэт үүтүн истэ, Экчэгэр иһэ кэллэ, Энэлгэнэ сэллээтэ.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Иһэ сиһин үөһүгэр сыстыбыт
наһаа аччыктаабыт, иһэ кубус кураанах буолбут.
Сильно проголодаться, иметь совершенно пустой живот. (живот прилип к хребту, спине).
Ол тыас хоту кутуруктарын купчуччу туттан, [бөрөлөр] төбөлөрүн дьүккүтэн, истэрэ систэрин үөһүгэр хам сыстан унньуҥнаһан истилэр. Р. Кулаковскай Уйбаан, эн даҕаны иһиҥ сиһиҥ үөһүгэр сыһыннаҕына, өссө тугу оҥороруҥ биллибэт. ХС
Иһэ-таһа биллибэт
киһи кыайан өйдөөбөт, мунаах.
Непонятный, неясный; труднопонимаемый; скрытный, темная лошадка.
Оннооҕуну онно, маннааҕыны манна тиэрдэн бутуйар-таһыйар, сорохтон иэс ылан сиир, сороххо иэс биэрэн салгыыр, иһэ-таһа биллибэт, ойох-уруу диэн суох киһитэ. А. Софронов Кини миигин таптыыра буолуо дуо? Ити эрээри, иһэ-таһа биллибэт киһи. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Туох иирбит кыыһый? Хайдах аныаха диэр киниэнэ барыта түөрэҥнэс, түөрэҥэлэс... иһэ-таһа биллибэт... В. Гаврильева
Иһэ тоттор эрэ
тото-хана аһаатар эрэ.
Лишь бы набить живот, быть бы сытым (букв. если живот его наедается).
Ол баҕайы куораты кэрэдэктээн салгытан баран, эмиэ сонурҕатан кэллэҕэ. Иһэ тоттор эрэ, сураҕын да истиэҥ суоҕа. М. Доҕордуурап Иһэ тэстибэтэх киһи кэпс. – өлүөр, арыычча туруктаах, ыарыһах буолбатах, көннөрү доруобай киһи (тугу эмэ кыайаа, оҥороо ини). Любой нормальный, полноценный человек (не калека, не инвалид). Иһэ тэстибэтэх киһи итини кыайар ини. Туох алдьархайай, иһэ тэстибэтэх киһи маны көтөҕөр ини!
Өссө холобурдар (1)
Күҥҥэ биэс-алта көһү иһэ тэстибэтэх киһи хаамар баҕайыта ини. ХС
Иһэ уйуоҕунан (уйарынан)
кыаҕа баарынан (аһыыр).
До отвала (наедаться).
Ким кымыһы, суораты иһэ уйуоҕунан аһааччы
ол тигинэс тот сылдьыаҕа.
М. Доҕордуурап.
Иһэ үлүннэҕинэ
муҥутаатаҕына, саамай улааттаҕына..
Самое большее, не более как.
Бу ынахтан иһэ үлүннэҕинэ сэттэ бүүт тахсыаҕа. ГНС СТСД Т. Тэҥн бэрдэ буоллаҕына. үөн хаата көр үөн. Билигин биһиги бөлөнөхпүтүгэр уойан, маска эрэ ыттыбакка сылдьара буолуо... Хайа, таһа ньимийбитин иһин, иһэ үөн хаата буолуо.
П. Ойуунускай
Иһэ хайда сыста
олус кыыһырда, абарда.
Рассердиться не на шутку; возмущен до предела (букв. живот его чуть не лопнул).
[Кирилэ:] Ыа, дьэ, иллэрээ күн Уоһук кыыһа улуус быраабатыгар киирэн, дьэ дьаабыланан ахан сылдьара ээт... Ыа, көрөн баран иһим хайда сыстаҕа, доҕор.
КүндэИһэ ыалдьар кэпс. – тугу эмэ төттөрүнү, куһаҕаны, баракааһы оҥорбокко сатаан сылдьыбат киһи туһунан. О человеке, который не может обходиться без шалостей, дурачеств, проказов (букв. у него живот болит). Дьиибэлээбэтэҕинэ иһэ ыалдьар. Сымыйалаабатаҕына иһэ ыалдьар.
Өссө холобурдар (1)
Ол эрээри төттөрү эппэтэхпинэ иһим ыалдьар курдук. Хайаан да хаархайдастахпына табыллабын.
Н. Лугинов
Иһэ ылыаҕынан (ыларынан)
1) көр иһэ уйуоҕунан (уйарынан). Бэс үөрэтин иһим ыларынан, толору симиммитим. "ХС"; 2) наһаа элбэх, ыга тотуоххунан (ас туһунан).
Обильно, очень много (об еде).
[Лука – кэргэнигэр:] Эн дойдугар таҕыс. Манна [балыыһаҕа] эйигиннээҕэр ыраах ордук көрөллөр. Ас буоллаҕына иһиҥ ыларынан. М. Доҕордуурап
Иһэ эриэн үөн
наһаа куһаҕан, сидьиҥ киһи.
Отвратительный, подлый, пакостный человек; змея (о женщине).
Иһэ эриэн үөн, таһа таҥара чүмэчитэ (өс ном.).
Киһи эриэнэ иһигэр көр киһи
Киһи итэҕэйбэт суола,
диэмэхтээтэ.
– Ол эрээри итинник баар буолар. Киһи эриэнэ иһигэр. Н. Габышев Сыгынньах илиинэн тутума, Кинини, сэгэриэм, эрэнэн. Хаһан да эн умнар буолума: "Дьэ, киһи эриэнэ иһигэр". П. Тулааһынап
Көхсүн иһигэр көр көҕүс
Инньэ диэн эриэн кыылым этэн баран, көхсүн иһигэр күлэ санаата. П. Ойуунускай. Дьуһуурунай, баллаҕар уоһун сүр киэҥник ырбатан, көхсүн иһигэр күлэн күһүгүрэттэ. Болот Боотур. Сеня таптыыр кыыһын субу көрсөр буолбутуттан санаата көнөн, үөрэн, көхсүн иһигэр ыллаан киҥинэйэр. Н. Якутскай. Күөх ис үөхс. – көлөһүннээн байан, бэлэмҥэ олорооччу; атын киһини көлөһүннээн уойбут-топпут киһи.
Человек, разбогатевший эксплуатируя чужой труд (букв. синее брюхо).
Кыыс эрэйдээх онтон-мантан иҥнэн кырыытынан буола-буола, тэмтэрийэн баттаҕа өрө сэрбэс гына-гына, иһин иһигэр: "күлүгээн, кулаак... Күөх истэр... " [диэмэхтээтэ].
П. ОйуунускайАбааһы аһаабыт сириттэн арахсыбат, эн даҕаны, күөх ис, Быыпсай кулуба эмсэхтээбит оҕото, киниттэн арахсыаҥ дуо? С. Ефремов
Санаатын иһинэн көр санаа
Аны биирдэ көрсөн, санаатын иһинэн тугу эмэ этэн, өйдөтөн барбыт киһи астык буолуо этэ. А. Сыромятникова
Сүрэҕин-быарын иһинэн (ортотунан) киирэр көр сүрэх-быар
Дьэ бу тыллар мин сүрэҕим-быарым иһинэн киирдилэр. ХС
Сүрэх иһиттэн көр сүрэх
Биһиги үөрүүбүт өртөн күүтүллүбүт үөрүү, кэлиэхтээх, сүрэх иһиттэн ньиргийэн тахсар долгуйуулаах үөрүү. Т. Сметанин
Уй курдук истэн
сыры-сымнаҕас култаҕар истэн (хол., рахиттаан ыалдьыбыт оҕо).
Иметь мягкий, вздутый живот (напр., дети, больные рахитом).
Уй курдук истэнэн, сирэйдэрэ дыгдаччы иһэн, үксүн сыта мээрик буолтара. Кустук.
Уй курдук истээх
сыры-сымнаҕас, култаҕар истээх (үксүгэр оҕо туһунан).
С мягким, вздутым животом (обычно о ребенке).
Уй курдук истээх сыгынньах оҕолор оһох кэнниттэн быгыаластылар. М. Доҕордуурап Тэҥн. ис иччитэ.
Уоһун иһигэр
оргууй, нэһиилэ иһиллэр гына (ботугуруур, кэпсэтэр, саҥарар).
Тихо, еле слышно, шепотом, про себя (напр., говорить, произносить, читать).
Баай байанайым Барҕа баайыттан Быраҕан биэрдэҕинэ, арыы тыам аһыырга анаатаҕына, – диэн Уоһун иһигэр Ботур-ботур ботугураата. А. Софронов Хата, көхсүм арыый кэҥээбиккэ дылы буолбут дии, үөдэн оҕолор, аны кэлэн тугу эмиэ... – оҕонньор уоһун иһигэр бэйэтин сэмэлэнэн барда. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Уоһун иһигэр киҥинэйэн ыллыыр.
Г. Колесов
Хол иһинэн көр хол
Сүөһүтүн былаана да оннук олус киэптээһиннээх буолбатах, хол иһинэн диэххэ наада. "Кыым".
Ытыһын иһигэр баар көр ытыс
Хайа, били сокуон мин ытыһым иһигэр баар диирэ кэм да хаала илик ини? Н. Неустроев Лоҥкууда инники сайдар кэскилэ биһиги ытыспыт иһигэр баар, – диэтэ Ананий. М. Доҕордуурап
23 этии #
Нууччалыы Внутренний вид, убранство помещения с обстановкой, со всеми атрибутами, принадлежностями, интерьер (преимущественно употр. в притяж. ф.)
Этиилэр
Ис дууһа көр дууһа
Ис дьаҥа
1) көр ис ыарыыта; 2) эргэр. киһи хааннааҕынан сыптарыйар сыстыганнаах ыарыыта.
Дизентерия.
Бу сыл устатыгар фроҥҥа сытан элбэх тыһыынча киһи ис дьаҥыгар быстыбыттарын этэн баран -- бэйэлэрэ сэрииттэн салпыттарын, дьиэлэрин ахтыбыттарын кэпсиир. Эрилик Эристиин Эмиэ биир-икки сыл буолаат, икки киһи иккиэн – биирдэрэ куоракка үҥсэ сылдьан ис дьаҥыгар охтон, биирдэрэ дойдутугар атаҕынан баас буолан – өлөн хаалаллар. Бэс Дьарааһын.
Ис дьиҥ
1) туох эмэ саамай сүрүн ис хоһооно, туох эмэ бэйэтигэр эрэ баар дьиҥнээх уратыта (үксүгэр тард. ф-гар. тут-лар).
Самое главное и существенное в чем-л., внутреннее содержание, суть (преимущественно употр. в притяж. ф.).
Натуралистар уопсастыба олоҕун ис дьиҥин арыйан көрдөрбөккө эрэ, бу олох биир-биир лоскуйдарын тус-туспа ойутан ылан ойуулуурунан уолдьаһаллар. Эрчимэн. Таня кинини [Бииктэри] хайаан да ис дьиҥин арыйыахтаах. Л. Попов Иитиллэр иэстээх диэн этии Ис дьиҥэ итинник эбит дии. С. Данилов; 2) филос. Туох эмэ дьайсыытын таска көстөр бэлиэтин дьиҥнээх ис төрдө. Сущность, содержание. Ис дьиҥ уонна көстүү икки ардыларыгар туораныллыбат быыс суох: көстүү диэн таска көстүбүт ис дьиҥ буолар. ДИМ.
Ис дьиҥэ (ис дьиҥэр)
кырдьыга, чахчыта.
В сущности, на самом деле, в действительности (говоря).
Суох этэ онуоха, ис дьиҥэ, Муҥнаныы, буор баттыыр куттала. Күннүк Уурастыырап Хайа уонна, ис дьиҥэ, хайа үлэ чэпчэкиний? С. Федотов
Ис дьиҥэр, АХШ
аан дойдуну бүтүннүүтүн салайарга, баһылыырга өрдөөҕүттэн дьулуһар омсолоох политикаларын салгыы ыыталларын туоһута итиниэхэ буолар.
ФММ ДьКС.
Искин дэлби (хайа) үктүөм
куттаан, ыххайан, суоһурҕанан этии (хол., буойан, тугу эмэ гыннараары, кырдьыгы этиттэрээри).
Употребляется как угроза: проучу, дам выволочку (если не сделаешь того, что говорю, если не скажешь правду и т.
п.).
Чэ эрэ, дэриэтинньик, тыына баҕалаан көр эрэ
Искин дэлби үктээн кэбиһиэм ээ. Эрилик Эристиин Кини Балатаайы саҕатыттан ылан илгиэлээн, ыган барда: – Нохоо, ороспуой. Ити уол этэрэ кырдьык дуо? Чэ, этэ оҕус! Искин дэлби үктүөм! Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
Ороспуонньугу искин хайа үктээн кэбиһиэм. Эрилик Эристиин
Ис кыах
өссө туттулла, туһанылла илик күүс.
Внутренняя возможность; запас силы, ресурсы, резерв.
Ол саҕана киһиҥ дьин ис кыаҕа кистэнэ сырыттаҕа. Ону учууталларбыт да, биһиги да, бэл, бэйэтэ да билбэт этэ.
Н. ЛугиновКүндэйэ отделениетыгар ити көстөн турар итэҕэстэри таһынан арылла илик ис кыахтар төһө элбэх буолуохтарай! "Кыым".
Ис муора көр муора
Ис номох көр ис хоһоон
Тылбаас оригинал ис номоҕун төһө табатык, уус-уран өттүн төһө күүстээхтик биэрбитинэн сыаналаныахтаах. Софр. Данилов. Үөрэхтээхтэр остуоруйалары ис номохторуттан, кинилэр туттар ньымаларыттан көрөн наардыыллар. Саха фольк Түөрт-биэс чааһы быһа суруллубут сурук ис номоҕо, чочуллан-чочуллан, маннык буолан таҕыста. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кэпсэтии бэрт уустук уонна барыларыгар да ыарахан ис номохтооҕо. Л. Попов
Ис өстөөхтөр көр өстөөх
Ис уонна тас өстөөхтөр утарсыыларын кыайбаппыт. СГПТ.
Ис санаа
тус бэйэ өйдүү-саныы, буһара сылдьар толкуйа.
Думы, скрытые, тайные мысли.
Баһылай маладьыас
кини ис санаатын хаһан да кистээбэт, үчүгэйи-куһаҕаны көрбүтүн батары этэр.
П. Ойуунускай.
Дьонно эбии көрдөһүөххэ буоллаҕа дии,
Иван Николаевич ис санаатын эппитэ.
Любам кэлбитин кэннэ иккиэйэҕин утарыта көрсөн олорон, тото-хана аһыы-аһыы, дьиҥ ис санаабытын ирэ-хоро сэһэргэһэн барбыппыт. Кустук.
Ис таҥас
сыгынньах эккэ кэтиллэр чараас таҥас.
Нижнее белье.
Ис таҥастарын илиилэрин таһынан илгэн кэбистилэр.
П. ОйуунускайИс таҥаһын куруһубалара барыта долгун үрүҥ күүгэнинии үрэллэҥнэһэн көһүннүлэр. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Ийэм эппэтэҕэ да буоллар, ис таҥастары өтүүктээтим. Т. Сметанин
Истээх таҥас
ичигэс, халыҥ таҥас.
Теплая одежда на подкладке.
Кыһын кинилэр илиилэрэ-атахтара, истээх таҥас кэтэннэр, бэрэбинэ саҕа сонуур.
Суорун Омоллоон
Ис тардыы көр ис түһээн
Күн ыраахтааҕы баар дии-дии дьаһаах харчыны, хараҕа суох дайыымпаны, ис тардыыны, куруусканы биэрэрбит да хагдарыйбыт бэйэбит көҕөрөр, чэлгийэр быһыыта көстүбэтэҕэ.
Суорун Омоллоон
Ис-тас үлэ
быстах, чэпчэки, оҕо-дьахтар кыайар үлэтэ
Легкая работа, которую обычно выполняют дети, женщины.
Уон үстээҕиттэн-түөртээҕиттэн дьиэ ис-тас үлэтин аҕатын кытары тэҥҥэ үлэлэспитэ. ХС Эмээхсиним дьиэ ис-тас үлэтин кыайбат буолла, урукку курдук туора киһини дьиэҕэ тутан олорор кыбыстыылаах. Болот Боотур
Ис тиибэ
киһи сүрдээх күүскэ тоҥон-тиритэн ыалдьар сыстыганнаах ис ыарыытын көрүҥэ.
Брюшной тиф.
Христофор Кривошапкины ис тиибэ булла. Ф. Софронов
Ис турук
киһи ис доруобуйата.
Внутреннее состояние (психическое и физическое здоровье) человека.
Хайа кырдьаҕаас, ис туругуҥ хайдаҕый? Арыт тулалыыр эйгэ киһи ис туругар быһаччы сабыдыаллыырга дылы.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (4)
Ис түһээн (түһүк) эргэр. – олохтоох нэһилиэнньэ бэйэтэ уураахтаан нолуок хомуйуута. Самообложение налогом. Былыр аҕыйах солкуобайы ис түһээҥҥэ уонна ыраахтааҕы суолугар биэрэрбит. Болот Боотур Ис тэһэҕэс эмп. – тараһа иҥиирэ мөлтөөн, чарааһаан, оһоҕос онон быыһылаан киһи иһин тириитин култаччы үтэн тахсыыта. Грыжа. Кини убайа ис тэһэҕэс буолбут. Саллаакка тутуу уурайарын кытта Сыллай иһин тэһэҕэһэ бүөлэнэ охсон, Ньукууһа дьарҕата ааһа охсон хаалбыттар. Амма Аччыгыйа Эн төрөөбүтүнэн оҕолор кииннэрин быһарга, оҕонньоттор ис тэһэҕэстэрин бүөлүүргэ эрэ бэркин, оттон ньиэрбэ чааһынан, бараан библияны билэрин саҕа билэриҥ буолуо!
М. Шолохов
Ис үөрэ көр үөрэ
Ис ыарыыта
киһи иһин-үөһүн, оһоҕоһун ыарыыларын уопсай аата.
Общее название болезней желудочно-кишечного тракта (расстройство желудка, дизентерия и т.
д.). Ис ыарыылаахтар барыта кинилэр буолан истилэр. Амма Аччыгыйа
Ис ырааһа
ханнык эмэ тутуу ис көҥдөйүн кээмэйэ (хол., истиэнэттэн истиэнэҕэ диэри эбэтэр муостаттан дьиэ үрдүгэр диэри).
Расстояние внутренней стороны какого-л. строения (напр., от стены до стены или от пола до потолка в юрте, доме).
Бу балаҕан уҥуоҕа ис ырааһа биэстии саһаан, үрдүгэ балаҕантан холобура суох үрдүк дииллэрэ, сиртэн өһүөтүгэр дылы балтараа саһаан. Саха фольк Иһин ким тиэрэн көрбүтэ (көөртө) баарай кэпс. – кини иһигэр тугу саныы сылдьарын ким да билбэт. Кто знает, что (делается) у него на душе. Ньургуһун туох санааны саныырын, кини иһин ким тиэрэн көөртө баарай? Дьүөгэ Аныстыырап.
Ис хоһоон
1) туох туһунан этиллэрэ (үксүгэр тард. ф-гар тут-лар).
Основная суть изложения, содержание чего-л. (преимущественно употр. в притяж. ф.).
Ыстаапка саҥа көстүбүт кумааҕы ис хоһооно нэһилиэккэ тарҕаммыта ырааппыт буолан иһэр. Амма Аччыгыйа Маны [суругу] биһиги билигин манна аргыый ааҕыаҕыҥ. Онтон эһиги кини ис хоһоонун дьоҥҥутугар баран аргыый кэпсиэхтээххит.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Олус үчүгэйи күүппүтүттэн эбитэ дуу, Сережа кинигэтин ис хоһоонун астыммата. Н. Лугинов; 2) Туох эмэ сүнньэ, кылаабынай тутула. То, что составляет сущность.
Үлэ
олох ис хоһооно, Үлэтэ суох – олох суох.
Кини поэт, буолан баран, бөлүһүөктүү дириҥ ис хоһоонноох, бөлүһүөктүү түмүллүүлээх бөдөҥ, сүүнэ хараахтардары, уобарастары айбыт поэт.
Суорун Омоллоон
Манна бэрт элбэх дьаһалымсыйыылаах
толкуйа суох быһаарыылар олохтононнор, сорох ардыгар холкуоһунай тутул ис хоһоонугар, олох дьиҥнээх усулуобуйатыгар утары турдулар.
Л. Брежнев (тылб.).
Үрүҥ ис
саха сүөһү иһин үрүҥ искэ уонна хара искэ араарар. Ынах үрүҥ иһигэр киирэллэр: бүөр сыалыын, сүрэх өргүнньэхтиин, сирин таһынааҕы сыа уонна бырта, аманах, өрөһө, үөс тардар; сылгы үрүҥ иһигэр киирэллэр: харта, бырта, бүөр сыалыын, сүрэх өргүнньэхтиин, үөс тардар, өрөһө, үөрүк.
Внутренности забитой скотины якуты делят на
үрүҥ ис (букв. белые потроха) и хара ис (букв. черные потроха). К "белым" относятся, коровьи: почка и жир вокруг нее, сердце и жир вокруг него, жир около вымени и в пахах, вырезка (плотно прилипшая к хребту часть мяса от почки до диафрагмы); конские: толстая кишка, пах, почка и жир вокруг нее, сердце и жир вокруг него, плотно прилипшая к хребту часть мяса от почки до диафрагмы, брюшной жир.
Хара ис
сүөһү иһин көйгөтүтэр өттүн саха хара ис диир. Ынах хара иһигэр киирэллэр: быар, оһоҕос, харын, быыһас, үрүҥ оһоҕос, соморсо; сылгы хара иһигэр киирэллэр: үөннээх, кутуйалаах, харын, от ис, быар, оһоҕос, синньигэс ис.
К "черным" внутренностям относятся, коровьи: печень, кишка, рубец (отдел желудка), ободочная кишка, второй желудок, книжка, тонкая кишка, белая кишка (кишка, обложенная жиром), сычуг; конские: второй желудок-рукав, тонкая кишка, рубец, печень, кишка, требуха (сычуг).
Тюрк. ич, иш, ис