Перевод с якутского
санаа
туохтуур, аат тыл, сыһыат
Нууччалыы горе; скорбь; тоска
English grief, mourning, sorrow, melancholy
Ис хоһооно · 25
1 аат тыл #
Нууччалыы горе; скорбь; тоска
English grief, mourning, sorrow, melancholy
2 аат тыл #
Нууччалыы хотя
English though
3 туохтуур #
Өйгөр тугу эмэ бэрий, өйгүн үлэлэт
Нууччалыы Думать о ком-чём-л., мыслить
Эн бу олорон тугу саныыгын? Мин уубуттан уйгууран Инникини санаатым, Ол туһунан суруйан Ааҕааччыбар анаатым. Күннүк Уурастыырап Маня, эн собус-соҕотоҕун олороҕун. Тугу эрэ саныыгын, кими эрэ күүтэҕин. С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
Көр эрэ, Никита Калинович, эн биири тобулу санаан баран, онтукаҕыттан туох да иһин мүччүрүйбэт идэлээх киһи эбиккин. В. Яковлев [Лоокуут] Ньургуһун туһунан бэрт элбэҕи санаабыта уонна Ньургуһуна суох сатаан олоруо суох курдук буолбута Дьүөгэ Ааныстыырап
4 туохтуур #
Тугу эмэ сөбүлээн эбэтэр сөбүлээбэккэ санааҕар хайдах эмэ ылын, өйдөө
Нууччалыы Быть какого-л. мнения о ком-чем-л
Үчүгэйдик санаа. Мин кинилэри бэйэбинээҕэр, тыыммынааҕар да ордоробун, олус күндүтүк саныыбын. А. Сыромятникова [Маня:] Миигин -- хайдах эрэ аһынардыы, сэнии саныыр курдуктар. С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
Дьиҥинэн, холкуоска бараргын мин да ахсара санаабатаҕым. М. Доҕордуурап Ааспыт бу уоттаах сылларбын Ахта, киэн тутта саныаҕым Т. Сметанин
5 туохтуур #
Өйгөр тугу эмэ быһаар, өйдөө
Нууччалыы Размышляя, приходить к какой-л. мысли о ком-чём-л., мысленно решать, понимать, сознавать что-л. [Кэтириис:] Ити кэннэ миигин киһи да таптаан умсугуйуо дии санаабаппын
Абааһылара диэн ити буоллаҕа диэн испэр саныы-саныы, мин таһырдьа сүүрэн таҕыстым. Н. Неустроев "Алаадьыны эрэ дэлбэрийэргин саныыгын ээ, арыыҥ суоҕун санаабаккын", - диэтэ ойоҕо.
Күндэ[Баайдар-тойоттор] хара норуоттарын хараҥа батталлаах кэпсэтиилэринэн сүүйэн, сүүрдээн байар эбит буоллахтара дии санаабыт МНН
6 туохтуур #
Тугу эмэ дьүүллээн өйдөө, дьүүлүн эт
Нууччалыы Иметь, высказывать своё мнение в решении какого-л. вопроса
Эн хайдах дии саныыгын, уолбутун кигэн ити кыыһы ойох ылларан, туспа ыал ааттатан, уһаайба сирэ ыллахха хайдах буолуой?
П. ОйуунускайИван Николаевич, эн итини туох дии саныыгын? Н. Якутскай
7 туохтуур #
Өйдүү сырыт, умнума
Нууччалыы Помнить, хранить в памяти воспоминание о ком-чём-л
Туоһахталыы, көөчүктүү Туналыйан ырааххын... Кэрэ түүлү көрбүттүү Кэлин саныы сылдьыаҕым. С. Тарасов Ньургуһун буоллаҕына куруук Лоокуут туһунан саныыра Дьүөгэ Ааныстыырап
8 туохтуур #
Туох эмэ уруккуну өйдөөн кэл
Нууччалыы Вспоминать, восстанавливать в памяти кого-что-л
Хаһан эрэ былыргы үйэҕэ хараҥа тумаҥҥа сүппүтү саныы түстэ.
КүндэМин бүгүн Стамбулга сылдьаммын Ол дьикти киһини санаатым, Туманнаах дойдутун ахтарын, Хоһуйар туурактыы ырыатын. С. Данилов Мин олох туһунан, дьол туһунан олус уустук этиилэри иһиттэхпинэ --- Чурапчы алаастарын санаан кэлэбин
Н. Лугинов
9 туохтуур #
Туохха эмэ эбэтэр тугу эмэ гыныаххын баҕар
Нууччалыы Хотеть, желать чего-л., намереваться делать что-л
Тыаҕа үлэлии барыахпын саныыбын. Бэйэм да күндүлүөм диэн санаан олоробун. Н. Неустроев Көтүөхпүн санаатым сырдык, ыраас устун, Сиргэ хаамар аналбын умнаммын. И. Эртюков
Өссө холобурдар (3)
Кэргэммэр күндү, чараас хаатыҥканы ылыахпын саныыбын, ол суох С. Ефремов Үтүө, куһаҕан курдук тыллары кытта ситимнэстэҕинэ "атын киһи туһугар үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу баҕар" диэн суолталаах. Θ В сочетании с некоторыми именами, как, например, үтүө "добро", куһаҕан "зло", имеет значение "желать чего-л. кому-л. ". [Быыпсай:] Бу киһини сирдэххинэ, биһиги хоргутуохпут, эйиэхэ үтүөнү саныахпыт суоҕа. А. Софронов Эн миэхэ тугу да куһаҕаны санаама, сатаатар эн А. Сыромятникова
10 туохтуур #
Киһи үтүөтүн өйдөөн онно тугунан эмэ хардар
Нууччалыы Отблагодарить чем-л. за добрую услугу
Хаһан эмэ үтүөбүн санаар. Хайа уонна тугу эмэ толук саныыр киһи буолуом А. Фёдоров
11 туохтуур #
Тэҥҥэ сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн киһиэхэ туох эмэ иэйии киирэрин бэлиэтиир
Нууччалыы В сочетании с деепричастием на -а обозначает возникновение у человека какого-л. чувства
Үөрэ санаа. Кэлэйэ санаа. Сиргэнэ санаа. Толло санаа. Мин саҥата суох Анна Андреевна туттара-хаптара имигэһин, сыыдамын сөҕө саныы турдум. Софр. Данилов. Аҕалаах ийэтэ -- оҕобут эмискэччи хайдах ыарыһах буоллаҕай диэн соһуйа, куттана эрэ саныыллара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ааныс иһигэр кыйахана санаата Н. Заболоцкай
12 туохтуур #
Үлүбүөй формаҕа (саныырга, саныахха) үчүгэй, куһаҕан курдук даҕааһыннары кытта ситимнэстэҕинэ "киһи санаатыгар (үчүгэй эбэтэр куһаҕан)" диэн өйдөбүллээх
Нууччалыы Сочетаясь в формах инфинитива (саныырга, саныахха) с прилагательными, как, например, үчүгэй "хороший", куһаҕан "плохой", имеет смысл "в душе (приятно или неприятно)"
Саныырга да үчүгэй. Сырыы аайы эдэр киһи дьэ кытаат, абыраа диэн буолан иһэр. Ол эмиэ да ыарахан, эмиэ да саныахха үчүгэй
Н. Лугинов
13 этии #
Анныгынан санаа кэпс. - киһини бэйэҕэр тиэрдэ санаама, сэнии санаа Киһини хаһан даҕаны сэнээбэт, анныгынан санаабат, улахамсыйбат, -- куолу баара. И. Никифоров.
Нууччалыы Считать кого-л. недостойным себя, ценить кого-л. ниже себя
Этиилэр
Ордук санаа көр ордук
Баар-суох малбыт - бу. Баайдаах-маллаах дьахтар диэн ордук саныыллара манан бүтэр. М. Попов. Табалары сүүрдэн -- иһэр дьону ордук саныыгын, эчи кэрэтин, эчи ырааһын! А. Сыромятникова. Сатаан санаама - 1) туох эмэ, ким эмэ кыаҕар хайдах да кыаллыбат курдук өйдөө.
Не видеть никакой возможности для выполнения чего-л. кем-л.
Баччалаах баҕайыны хайдах гынан дьиэбэр тиэрдиэхпин сатаан санаабаппын; 2) тугу эмэ олох түктэри, киһи өйүгэр баппат курдук санаа. Воспринимать, представлять себе что-л. невероятным, уму непостижимым. Мин сатаан санаабаппын - тириэньэрдэр хайдах маннык үөрэҕин кыайбат киһини итиччэ эппиэттээх түһүлгэҕэ илдьэ барбыттарын. ХС Уһуну-киэҥи санаа кэпс. - ыксаабычча быһыыламмакка, иннин-кэннин өйдөөн холкутуй, холку өйгүн ыһыктыма. Быть благоразумным, не терять благоразумия в критический момент. Уйбаан Дууһа киэҥ көхсө кыараата, уһуну-киэҥи саныыра уурайда. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Хото санаа - тугу эмэ оҥорору кыайыам диэн эрэнэ санаа. Быть уверенным в том, чтобы справиться с кем-чем-л. [Сергей] үлэни баҕас, бука, табан тэрийиэ эбитэ буолуо. Тоҕо эрэ хото саныыр. В. Яковлев
14 этии #
Нууччалыы Воздерживаться от какого-л. поступка, осознавая его неблаговидность
Айыыны санаа кэпс. - тугу эмэ оҥороору гынарыҥ куһаҕанын, сиэргэ-майгыга баппатын өйдөөн, айыырҕаан туттун Буруйа суох киһини тыытыма, айыыны санаа. Санаатах аайы - киһи баҕарда да, сырыы аайы (сүнньүнэн туохт. буолб. ф-тын кытта ситимнэһэн төттөрү суолталаах этиигэ тут-лар). Θ Каждый раз, как только захочешь (в основном употр. в отриц. предл. в сочет. с отриц. ф. гл.). Маннык мал санаатах аайы көстүбэт. [Ааспыты умнуон] баҕарбыта даҕаны, ол киһиэхэ санаатах аайы кыайтарбат суол эбит этэ.
Н. ЛугиновХом санаа кэпс. - киһи эн эрэйэ санаабыккын толорботоҕуттан хомой. Θ Быть неудовлетворённым чьим-л. вниманием к себе, оставаться в обиде на кого-л. за что-л. Оройуоннааҕы силиэдэбэтэл ыытар дьыалатыгар орооһорбут сатамматын туһунан эппиппэр, улаханнык хом санаабыта. М. Попов
Өссө холобурдар (2)
Эргитэ санаа - тугу эмэ иннилэри-кэннилэри тула өттүнэн эргитэн өйдөөн көр. Θ Обдумать что-л. со всех сторон. Мин эмиэ тыл этиэхпин баҕарабын да, дириҥник эргитэ санаан баран туттуннум. ПН Д Ы. Др -тюрк. сан, тюрк. сана, монг. санах, бур. һанаха
15 аат тыл #
Киһи өйүн үлэтэ, өйө
Нууччалыы Работа мысли, деятельность ума, занятость какими-л. мыслями; мышление, мысль, дума, память, ум
Таабырын сүрүн суолтата - киһи поэтическай санаата сайдарыгар гимнастиканан буолар. Саха фольк [Кэтириис:] Тоҕо кини мин санаабыттан тахсыбата буолуой? А. Софронов Мин санаабар тиллэллэр оччотооҕу герой дьоннор. С. Данилов
Өссө холобурдар (4)
[Сүөкүлэ:] Оҕом сыыскаана, санааҕар арааһынай да киирэр ээ С. Ефремов Күһүн оҕонньор санаатыттан уонча куһу кэһии ыыппыт этэ. М. Чооруоһап Соня олордо уонна -- билэр сонунун санаатыттан кэпсээбитинэн барда. М. Доҕордуурап Нина этиттэриитэ суох санаатыттан аһаабыт иһиттэрин ып-ыраас гына хомуйан кэбистэ ББ
16 аат тыл #
Киһи туох эмэ туһунан өйдөбүлэ, өйүнэн быһаарыыта
Нууччалыы Понятие, умозаключение о чём-л., возникающее в результате размышления, рассуждения; мысль, убеждение, сознание
"Бу киһи күүскэ ыалдьыбыт быһыылаах!" диэн санаа элэс гынан ааста. Күннүк Уурастыырап Кини сороҕор дьону эрэ сөхтөрөр сыалтан бэйэтэ эрэнэн-итэҕэйэн сылдьар санаатын утарыан эмиэ сөп.
Н. ЛугиновДрузьянов Александр Сергеев кэлиэҕиттэн ыла кинилиин хас киэһэ аайы сэһэргэһэр, мунаах санааларын дьэҥкэрдэр. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (11)
Сүөһүгэ эбии аһылыгы булар туһунан санааны соҕотох эмээхсин хантан ылбытай? И. Данилов Киһи туох эмэ (хол., буруйдаах буруйун) дьүүлүн хайдах өйдүүрэ. Θ Личное понимание, суждение о том, что требует коллективной оценки, принятия какого-л. решения; мнение. [Чолооску:] Мин бу киһини биир суолга санааҕын эт диэбиппин буолуммат. Амма Аччыгыйа "Санаабытын эттэхпит дии," - Ипатий Ханчыыһык өгдөйө-өгдөйө ордоотоон эттэ. М. Доҕордуурап Биир улахан салайааччы ити боппуруоска мин санаабын ыйыппыта П. Егоров Дьон олохторун дьаһаныыларыгар туох өйдөөхтөрө, тугу сөбүлээн ылыналлара-ылымматтара. Θ Настрой общественного сознания, ум (людей, народа). Кини бачча сааһыгар диэри дьон санаатын хайдах билбэтэ эбитэй? А. Фёдоров [Үчүгээйэп:] Мин бэйэм холкуоһум холкуостаахтарын санааларын билбэт буолуом дуо? С. Ефремов Куһаҕан Ньукулай уола дьөлө ыстанан кэлэн дьон санаатын хараарчы иирдэр буолла ээ, бадаҕа М. Доҕордуурап Улуу алаас хонуута санаатынан дэхсилэнэр үһү (тааб.: күөл мууһа турара). [Албын Бааһынай:] Мин, хата, санаатынан аһы кутан биэрэр солуурчахпыттан ылан аһатыам.
Суорун ОмоллоонЛоҥкууда кытылларыгар санааларынан сүүрэр массыыналар күөх оту күөгэччи тэлгэтэллэрэ. М. Доҕордуурап Булт сезона чугаһаатар эрэ, булчут ыттар санааларынан тыаны кэрийэр идэлээхтэр диэн бу эргин кэпсииллэрэ, арааһа, кырдьык эбит Я. Семёнов көнньүнэн диэн курдук. Бэйэтэ санаатынан өлбүт сүөһү этин сиир сааттаах Амма Аччыгыйа
17 аат тыл #
Киһи дууһатыгар тугу эмэ хайдах ылынара (хол., үөрэрэ-хомойоро, куттанара-толлоро)
Нууччалыы Чувство восприятия чего-л.; чувство
Минньигэс да ырыа Үөһэттэн кутуллар, Оо, кэрэ да санаа Сүрэхпэр уһуктар. П. Тобуруокап Арыт киһиэхэ ордук истиҥ санаа, иэйии киирээччи. Н. Павлов Киһи да бөҕө сарбылла сылдьаахтыыгын диэн аһыныах санаа киирэр. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Мин эйиэхэ кыыһырар санаам суох В. Яковлев
18 аат тыл #
Киһи ис дууһата төһө көммүтэ, төһө иэйиилээҕэ эбэтэр хараастыылааҕа
Нууччалыы Душевное состояние, то или иное расположение духа, настроение
Сабардам оҕонньор бу күннэргэ, санаата түһэн, киҥэ-наара холлон, тылыттан-өһүттэн матан сылдьар. Болот Боотур Баһычча оҕото бултаһыаҕыттан -- өлгөмнүк бултуйар буолбута. Кырдьаҕас булчут санаата көтөҕүллүбүтэ С. Никифоров
19 аат тыл #
Киһи өйүнэн-дууһатынан туохха эмэ баҕата, ону тэҥэ тугу эмэ оҥорорго туох эмэ өйү булунуута
Нууччалыы Стремление человека в мыслях к осуществлению чего-л.; желание, намерение
Тиийэн көрбүтүм, көрдүгэним кытыыта куһаҕан баҕайы амах уу эбит, онтон иһиэх санаам кэлбэтэ. Н. Неустроев Сергей, тоҥмута ааһан, аны дьиибэлэниэх санаата киирдэ.
Н. ЛугиновКини көтөн сыыйыллар, Пилот буолуон баҕарар, Билиэх-көрүөх санааттан Кинигэттэн арахпат. А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (1)
Элбэх көтөрдөөх ууга үөмэн киирэн бултаһыахха диэн санаа көтөн түстэ Т. Сметанин
20 аат тыл #
Киһи бэйэтин кырдьыгын, тугу сөп диэн өйдөөбүтүн туһугар мөккүһэргэ дьулуура, быһаарыныыта
Нууччалыы Решимость в отстаивании своей правоты, своего убеждения; решимость, воля
"Кырыгы, бэйэ эрэ иннин көрүнүүнү туохтааҕар да абааһы көрөбүн!" - итинник кытаанах санаанан Ньукуу атыыһыт аанын букатыннаахтык саппыта. И. Гоголев [Катя:] Ол түүн баран ороммор дэлби ытаан баран, сарсыныгар кырдьыгы булунарга кытаанах санааны ылынным. С. Ефремов Ону барытын хоһуун үлэтинэн, мындыр өйүнэн, олоххо дьулуурунан, тыйыс санаатынан кыайан тахсыбыта И. Данилов
21 аат тыл #
Киһи кими-тугу эмэ аһыйан хараастыыта эбэтэр ыараханы, эрэйдээҕи өйдөөн мунчаарыыта
Нууччалыы Чувство скорби по кому-чему-л. или уныние; скорбь, печаль
Санаа сүрэҕи сиир, дьэбин тимири сиир (өс ном.)
22 сыһыат #
Тардыылаах түһүктээһин таһаарыы түһүгүн форматыгар "көрдөһүннэриитэ суох, бэйэтин баҕатынан" диэн суолталанар
Нууччалыы В форме исходного падежа притяжательного склонения употребляется в значении "по собственному побуждению"
23 сыһыат #
Тардыылаах түһүктээһин 3-с сирэйин туттуу түһүгүн форматыгар "киһитэ суох бэйэтинэн (хол., хаамар)" диэн суолталанар
Нууччалыы В форме орудного падежа 3-го лица притяжательного склонения употребляется со значением "без участия человека, самостоятельно (напр., о действии механизмов)"
24 этии #
Нууччалыы Есть хоть какая-то польза (напр., об урожае)
Этиилэр
Биир санаанан көр биир
Бары биир санаанан түмсүөхпүт. Күннүк Уурастыырап. Киһи санаата хаалыа суох курдук кэпс. - олох куһаҕан буолбатах, киһи санаата син кэлиэх, туһаланыах курдук Моонньоҕоммут быйыл ичигэстэтииһи, киһи санаата хаалыа суох курдук. (Киһи) санаатын иһинэн кэпс. - (киһи) санаатыгар сөп гына, (киһи) сөбүлүүрүн курдук.
По душе, по нраву, по вкусу кому-л.
Барыта үчүгэй, киһи санаатын иһинэн эбит. Тойоттор санааларын иһинэн буолаарай диэн үлэлээн муҥнана сатыыбын. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Киэҥ санаа кэпс. - киһи киһибин диэн сананыыта, киэн туттунуута. Чувство собственного достоинства, гордость. Киһи киэҥ санаатын хаһан да сүтэриэ суохтаах.
Кэтэх санаа көр кэтэх
Ыаҕайа Ылдьаа - ханнык да кэтэх санаата суох киһи. А. Сыромятникова. Санаа аалыыта буол кэпс. - киһи хайдах гыныан булбакка санаата эрэйдэнэр эрэйэ буол.
Быть предметом постоянного беспокойства, стать для кого-л. неразрешимой проблемой (о каком либо нерешённом вопросе).
Салгын сиилэһэ нэһилиэк салалтатыгар ааспат-арахпат санаа аалыыта буолбута. Үлэ үө.
Санаа аҕай көр санаа курдук
Манна санаа аҕай тумана сэллээтэ буолан баран, уонча миэтэрэ таһынан киһи тугу да көрбөт. В. Яковлев. Санаа баҕатыгар кэпс. - туолбатын, кыаллыбатын билэ-билэ, баҕарбычча.
Предпринимать что-л. не будучи уверенным в результате потому лишь, что так хочется.
Уу ылаары санаа баҕатыгар сири хаһа сатыыбыт. Санаабын соруктанан кэпс. - санаабын толороору, оҥорордоохпун диэбит санаабар (сылдьабын). Следуя своему желанию, ради исполнения желания. Санаабытын соруктанан бу эргин сылдьабыт. М. Доҕордуурап Санааҕар да оҕустарыма кэпс. - санаан да көрүмэ. соотв. и в мыслях не держать. Ыраахтааҕы жандармерията сурунаал -- Чурапчыга бэчээттэннэҕэ диэн санааларыгар да оҕустаран көрбөтөхтөрө. И. Федосеев
Өссө холобурдар (9)
Санааҕар тур кэпс. - оҥоруом, ситиһиэм диэбиккин, тиһэҕэр тириэрт (үксүгэр өһү-сааһы ситиһии туһунан). Настаивать на своём, добиваться своего, доводить до конца своё намерение. Ээй, хайаан даҕаны санаабыт санаабар туруом. ХС Санааҕар тут кэпс. - туохтан эмэ хомойон киһиэхэ хоргута санаа. Быть в обиде на кого-л., чувствовать себя обиженным. Кэнники, -- кыра да буоллар харчы сыыһа биэриэхпит, санааҕар туппакка бар. Билигин алтан болууската суох олоробут. А. Софронов Улахан даҕаны киһи, оҕо даҕаны эрэнэр, итэҕэйэр дьонноро албыннаатахтарына, ону хаһан да умнааччылара, бырастыы гынааччылара суох, өрүү санааларыгар тута, хомойо сылдьааччылар. ХС Санааҕын уур - 1) үчүгэйдик кыһанан, сорунан оҥор. Прилагать старания к чему-л., вкладывать душу во что-л. Санитарнай чэбдигирдэр үлэ көннөрүллэрэ - адьас кыаллар суол. Бу дьыалаҕа санэпидстанция үлэһиттэрэ, -- санааларын ууруохтарын эрэ наада. "Кыым"; 2) туохха эмэ кими-тугу эмэ сөбүлүү санаа. Иметь расположение к кому-чему-л., питать симпатии к кому-л. Бибилэтиэкэр Даша кыыска -- санаабын уурарым. Н. Габышев Эйиэхэ санаабытын ууран сылдьабыт, биэтэмэс алдьаныытыгар дьокутаат талыахпыт диибит. "ХС"; 3) киһини суох гынарга эбэтэр сэттээҕи-сэмэлээҕи оҥорорго сорун. Иметь худое намерение, против кого-что-л. Эмиэ Паайпаткаҕа санааҕытын уурдугут дуо? С. Курилов Киниэхэ [Халаҥаатта күөлү көһөрөргө] санааны уурар сэттээх-сэмэлээх буолаарай? Болот Боотур Санааҕын хамсатыма - тугу санаабыккын ыһыктыма, уларытыма. Не отступать от принятого решения, оставаться непоколебимым. Дьон кэлиэхтэригэр, ситиэхтэригэр дылы кини санаатын хамсатыа суох тустаах. А. Сыромятникова Санааҕын холбоо кэпс. - биир санаалан, туохха эмэ бииргэ кыттыс; холбос. Быть одного мнения с кем-л.; объединяться вместе с кем-л. в чём-л.. [Далбарай:] Дьэ, бэрт да киһини кытта санаатын холбуур, доҕор оҥостор эбит. Н. Неустроев Бырааттар быстыспакка, Доҕоттоор, туораспакка Санаабытын холбуоҕуҥ, Саргыта тардыһыаҕыҥ. А. Абаҕыыныскай
Санаа курдук
бэрт кыратык, киһи санаатыгар эрэ.
Совсем немного, чуть-чуть.
[Ыарыым] урукку тиргиитээн тииһиктэнэрэ эрэ арыый санаа курдук мөлтөөбүккэ дылы. ХС Санаата батарбат кэпс. - тэһийбэт-тулуйбат, тугу эмэ гынартан кыайан туттуммат. Ему не терпится, его подмывает сделать что-л. Өчөһөн туран хаалыан эмиэ да санаата батарбат, баҕар, куспут көстөөрөй диэбиттии, батыспытынан баарта. А. Неустроева
Өссө холобурдар (6)
Санаата батарбата, көрсөр эрэл сүттэр даҕаны, -- Маша олорор дьиэтигэр барда. А. Сыромятникова Санаата буолан - санаата сөбүлээн, суобаһырҕаабакка эбэтэр сиргэммэккэ (сүнньүнэн төттөрү суолталаах этиигэ тут-лар). Без зазрения совести, не испытывая угрызений совести (делать что-л. - употр. в основном в отриц. предл. и имеет смысл "совесть никак не позволяет кому-л. сделать что-л. "). Семён Васильевиһы мин туох да иһин санаам буолан албынныа суох этим.
Н. ЛугиновМин санаам буолан табаарыстарбыттан арахсыам суох ээ. С. Ефремов Оо, саат-суут! Туораттан хата киһи сирэйэ кытарар. Аата, санаалара буоларын. "Кыым". Санаата буолбат (барбат) - тугу эмэ оҥоруон суобаһыгар утары буолан туттунар, кыайан оҥорбот. Совесть не позволяет ему поступить каким-л. образом. Икки атахтааҕы уһун уҥуоҕун урусхаллаан, кыа хаанын тоҕон, -- үрдүк сурахтан диэхпин санаам барбат.
П. ОйуунускайКуруук тура-туралар Куһаҕаны оҥорорго Санаалара хайдах барар, Саатар тоҕо салгыбаттар? Күннүк Уурастыырап Ол эрээри [хараҥаччыны] өлөрүөхпүн санаам буолбата. И. Федосеев
Санаата кэлэн көр кэл
Кини бүгүн санаата кэлэн, бэркэ да ыллаата. А. Сыромятникова. Кини санаата кэлэн уһаммыт киһитигэр тугу барытын -- үчүгэй гына оҥороро. Күннүк Уурастыырап. Санаата кэннигэр кэпс. - киһи, кими-тугу эмэ бэйэтэ көрө-харайа сылдьан хаалларан баран, ону санаа оҥостор, ол хаалларбытым туох эмэ буолуо диэн куттанар.
Всё время беспокоиться о тех, кого оставил за собой, неотступно думать о них.
Куораттаатым да, тахсыахпар диэри оҕолорум хайдах олороллор диэн санаам кэннибэр. Киэһэлик биэрэккэ кэллилэр. Мэхээлэ уку-суку туттар, туох баар санаата кэннигэр: ыарыһах кэргэнэ, үс кырбас оҕолоро хайдах эрэ олороохтууллар? ХС
Санаата оонньуур көр оонньоо
Соҕотох уолуттан маппыт хара соругар Лэглээр оҕонньор санаата оонньоон кыһыны туоруур атах аҥаара этин киллэрэн бүтүннүү үлтү сабаан кэбиспит эбит. Амма Аччыгыйа. Санаата тиийдэҕинэ кэпс. - хаһан эмэ баҕа санаата киирдэҕинэ.
Когда (у него) желание появляется (он делает что-л.).
Санаата тиийдэҕинэ кэлэ сылдьааччы. Санаата тиийэр кэпс. - сөбүлүү саныыр. Симпатизировать кому-л. (букв. мысль его доходит). “Уруккуттан санаам тиийэрэ гынан баран, оҕолоро сириксэнэ бэрт дииллэриттэн чаҕыйан олорбутум”, - диэхтиир. А. Софронов Санаата тохтуур (хонор) кэпс. - туохха эмэ сөптөөҕү көрдөөн үгүһү өйүгэр сыымайдаан баран, хайаларын эрэ булар, тала саныыр. Перебрав в уме остановиться на ком-л. одном. Бу улууска соҕотох дьахтарга санаам хонор. Болот Боотур
Өссө холобурдар (11)
[Оҕонньор кырдьыбыт атын сыыһа туттан эрэйдээбэт эрэл киһиэхэ өлөртөрөөрү], бары ыалларын хос-хос бэрийэн, Наммара эҥээргэ олохтоох Чаһы Ньукууһаҕа санаата тохтообут. М. Чооруоһап Санаата тэйэр кэпс. - кимиэхэ-туохха эмэ санаатын тартарбат, үчүгэйдик санаабат буолар. Охладеть к кому-чему-л. Саатар, сир аннынан холуннаран куһаҕан тылы ыыттар, кинилэртэн дьон санаата тэйиэ этэ.
КүндэСанаата холлор - тугу эмэ сөбүлээбэккэ, куһаҕан аххан буолар, кэлэйэр, кыйаханар. Чувствовать раздражение, досаду, злобу; злиться, досадовать. [Даарыйа эмээхсин:] Мэхээлэ оҕонньор булчут дьон түүлээхтэрин биһиэхэ аҕалан биэрэллэриттэн санаата холлон этэр ээ ити.
КүндэСанаатын тут - ким эмэ санаатын бэйэҕэр тарт, сөбүлэт. Завоёвывать чьё-л. доверие, располагать кого-л. к себе. Кинилэргэ дьону бэйэлэригэр тардар, дьон санаатын тутар, дьоҥҥо таптатар туох эрэ ураты күүс баар. Амма Аччыгыйа Санаа хоту - киһи баҕатын хоту, баҕарбытын курдук. Как и хотелось кому-л.; в соответствии с чьим-л. желанием. Санаа хоту үчүгэй дьиэ диэн дьол.
Н. ЛугиновӨлүөсэ санаа хоту туруу үлэһит киһи буолан биэрдэ. Г. Нынныров Санаа эргимтэтэ оҥоһун кэпс. - арахсыбат баҕа санаа оҥоһун. Сделать кого-что-л. предметом своей мысли, мечты. Санаа эргимтэтэ оҥостон ахтан иһэр Саарбалааҕын хатыҥ чараҥа кэллэ. Н. Босиков Бөлүүнү быһа тугу санаа эргимтэтэ оҥостубутун, элэс курдук өйдөөн ылаат, барытын нус-хас түптээн анаарбытынан барда. ХС Таҥара санаа биэрэр кэпс. - ким эмэ дьолугар, киһи кимиэхэ-туохха эмэ туһа оҥорор үтүө санаата киирэр. К чьей-л. удаче, как сам бог велел, кто-л. вдруг проявляет неожиданную для него щедрость. [Боккуо:] Баҕар, өлөр күнүгэр киниэхэ таҥара санаа биэртэ буолуо, баайын-үбүн сиэтэр санаа кииртэ буолуо. А. Софронов Ханныгы эмэни таҥара санаа биэрэн сиэртибэлээтэххинэ, күн судаар эйигин, үтүөнү оҥорбуккун умнуо суоҕа. Н. Неустроев Уһун санаата татыарыйда фольк. - туохха эмэ кыаҕын ылларан, холкутун ыһыгынна, ыгылыйда, уһуну-киэҥи өйдөөбөт буолла. Оказавшись перед непреодолимой преградой, терять выдержку. [Бухатыыр] Киэҥ көхсө кыараан барда, Уһун санаата уонунан татыарыйда -- Хараҕын уута халыс гынна, Хабырынан хачыгыратта. П. Ойуунускай
25 этии #
Нууччалыы Быть уверенным в чём-л.; не знать сомнения в чём-л. (напр., в благополучном исходе чего-л.)
Этиилэр
Ис санаа көр ис IV
Чэ үчүгэй. Ити аата ис санаабытын билистибит. Н. Якутскай Ордук санаа - ордугурҕаа диэн курдук. Наҕыллык табан испиттэри Дьиҥэр ордук санаабаппын, Алҕаска аат-суол сиппиттэри "Аата дьоллорун", - диэбэппин. И. Эртюков
Санаа баҕата көр баҕа II
Уйгу-быйаҥ туһунан бар дьон үйэ-саас тухары санаа баҕата оҥостоллоро, дьиктилээхэй остуоруйалары айаллара, ырыа гынан ыллыыллара. И. Данилов. Санаата бөҕөх - туохтан эмэ куттанан, ытырыктатан санаата аймаммат, быыһанарыгар эбэтэр туһанарыгар эрэнэ саныыр Быйыл университекка ылыахтара диэн санаам бөҕөх. Бэйэтэ да атыттар курдук өрө тэбэ-тэбэ сүүрээччитэ суох, оҕобуттан санаам бөҕөх. А. Софронов. Санаа түһүүлээх - туохха эмэ инники кэскили булан көрбөт муҥутах санааҕа ылларбыт.
Пессимистичный, мрачный, вселяющий чувство безнадёжности.
Санаа түһүүлээх айымньы. Санаа түһүүтэ - санаа күүһүн ыһыктан санньыйыы, санааны санньытыы. Пессимизм, чувство безнадёжности. Көрбөккүөт чаҕылҕан үҥүүтэ Үөл маһы кумалаан түһүүтүн? Ол курдук дьон хобо-үҥүүтэ Үөскэтэр ээ санаа түһүүтүн. Р. Баҕатаайыскай Санаа ымыыта - санаа баҕата диэн курдук. Үөрэхтээҕим буоллар, --, син киһи тэҥинэн сылдьан, үтүө-мааны дьон кэккэтигэр киирсиэм этэ диэн санаа ымыыта оҥосторо. ФЕВ УТУ. Үрүҥ санаа - киһиэхэ, дьоҥҥо үчүгэйи эрэ санааһын, үчүгэйи баҕарыы; сырдык санаа. Доброжелательность. Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа күүстээх (өс хоһ.). Хара санаа - киһиэхэ, дьоҥҥо куһаҕаны санааһын, куһаҕаҥҥа баҕарыы. Злой умысел, зловредность. Кырыыс хаан кыттыста, Өс-санаа үксээтэ, Хара санаа хаҥаата.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (5)
Доҕотторуом, үлэлии, айа Сааһы моҥуу олоруоҕуҥ, Эйэлээх олоҕу тууйар Хара санааны бопсуоҕуҥ. Н. Босиков Хом санаа кэпс. - киһи кимтэн эмэ эрэйэ санаабыта туолбатаҕыттан эбэтэр бэйэтин санаатын толорботоҕуттан хомойуута. Чувство неудовлетворённости кем-л. или самим собой по поводу неоправдавшихся ожиданий, неприятный осадок в душе. Ол эрээри туох эрэ хом санаа эрийэр. Амма Аччыгыйа Эр санаа - киһи куттал, улахан кыһалҕа да кыһарыйдаҕына хорсун санаатын ыһыктыбат быһыыта. Мужество, храбрость. Чугаһаан үчүгэйдик көрүөххэ диэн иһигэр эр санааны ылынар. Н. Якутскай [Филипп:] Хата эн, Мэхээлэ оҕонньор, кырыйдаргын даҕаны эр санааҕын кэм сүтэрбэт эбиккин. С. Ефремов Тюрк., монг. санаа, бур. һанаха