Перевод с якутского
кэл
туохтуур
Нууччалыы приходить, приезжать, прибывать, подходить
English to come
Ис хоһооно · 20
1 туохтуур #
Ыраахтан бэттэх диэки сыҕарый, хамсаа; сыҕарыйан ханна, туохха эмэ тиий
Нууччалыы Приходить, приезжать, прибывать, подходить
Кэлэн аһааҥ. Сөмөлүөтүнэн кэллим. Семен Иванович туран остуолга кэллэ. Т. Сметанин Биһиги тааҥкаларбыт лүһүгүрэһэн кэллилэр. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (5)
От-мас көҕөрөн, көтөр-сүүрэр кэлэн барбыта И. Данилов Өрүс икки өттүнээҕи хайалар чабырҕайдарыгар уоттар умайан кэллилэр.
Суорун ОмоллоонУолчаан уһуктан чэмэличчи көрөн кэлэр. Н. Якутскай Эмиэ куттал улаатан кэллэ. Эрилик Эристиин Бириэмэ-бириэмэнэн кыдьыгыран, уҥуоҕа кыйыттан кэлэр М. Чооруоһап
2 туохтуур #
Ханна эмэ баар буолан хаал
Нууччалыы Оказаться, очутиться где-л
Түүн үөһүн саҕана аҕалара кэллэ.
Суорун ОмоллоонКини тас Монголияҕа кэлбитэ ыраатта. Эрилик Эристиин Ол саас көтөр-сүүрэр хойуутук кэлбитэ Т. Сметанин
Өссө холобурдар (5)
Микиитэ уһуктан кэлбитэ, хараҥа буолбут. Амма Аччыгыйа Ылдьаана иэдэстэрэ итийэн кэлбиттэрин биллэ. Софр. Данилов. Чыычаах [киһи аата] өйдөнөн кэллэ, иһин түгэҕиттэн иҥсэлээхтик өрө мэҥийэн уһуутаата. И. Гоголев Ганята күлэрэ -- эбии бэргээн кэллэ. В. Яковлев Ытыы туран эмиэ күлэн кэллим. Н. Тарабукин Др. -тюрк., тюрк. кэл, гел
3 туохтуур #
Кэм, дьыл көстүүтүн туһунан: буол, саҕалан (3-с с. тут-лар)
Нууччалыы Наступить, настать (о времени, состоянии)
Саас кэлэн, хаар ууллан, чалбахтар тахсаллар. Эллэй. Хаар кэлээри гыммыт: сир никсийбит, от-мас налыйбыт, көтөр-сүүрэр чычаарбыт. Болот Боотур Бар дьон ардах кэлээрэй диэн утаппыттыы баҕараллар да, халлаан ардыах быһыыта биллибэт. М. Доҕордуурап Кинилэргэ эбиэт кэмэ кэллэ: миин истилэр, эт сиэтилэр. Софр Данилов
4 туохтуур #
Туһааннаах сиргэ тиэрдилин, баар буол
Нууччалыы Доставляться, быть доставленным куда-л
Ыраахтааҕыттан киһиэхэ эрэ мэтээл кэлбэт. Н. Неустроев Аармыйаҕа сылдьар кыра уолуттан сурук кэлэн тоһуйбут. Софр. Данилов. "Доҕоруҥ ньургуннук өллө", - диир соһумар биллэрии кэлбитэ. Эллэй. Көмө күүппэтэх сирбиттэн кэлбитэ Н. Заболоцкай
5 туохтуур #
Иннигэр көстө түс, бу баар буол (хол., тиийиэхтээх сириҥ)
Нууччалыы Появляться, показаться, возникать, являться глазам (о местности)
Ойуур бүтэн, оллурдаах-боллурдаах киэҥ сир кэллэ. Т. Сметанин Тиийиэхтээх сирэ кэлбэт, Дьиҥэ, уол суолун билбэт. Күннүк Уурастыырап Иннигэр сотору соҕус үрэх көҥүһүн муостата кэлиэхтээх М. Чооруоһап
6 туохтуур #
Тарҕанан, киһи муннугар биллэр буол, тунуй (сыт туһунан)
Нууччалыы Достигать кого-чего-л., доноситься (о запахе)
Бу күөх окко олор, сэгээр, мутукча сыта манна кэлэр. Эллэй. Буруо сыта кэлэр. И. Гоголев Дьиэ иһиттэн ас минньигэс сыта кэлэр Н. Павлов
7 туохтуур #
Иһиллэр буол, иһилин
Нууччалыы Достигать слуха, раздаваться, доноситься (о звуке)
Бэйи, бу хантан муусука тыаһа кэлэрий?
Суорун ОмоллоонТэлиэгэ тыаһа улам чугаһаан, кинилэр диэки кэлэн иһэр. Эрилик Эристиин Тыас субу кэллэ Р. Кулаковскай
8 туохтуур #
Тарҕана тык, тиий (сырдык, сылаас)
Нууччалыы Греть, светить, дойти, достигнуть до кого-что-л. (о тепле, свете). Үрүҥ күн сырдыга биһиэхэ тыкпатаҕа, оттор уоппут сылааһа биһиэхэ кэлбэтэҕэ
Бу ыас хараҥаҕа аҥаардас сулустартан эрэ сырдык кэлэр дии санаама В. Яковлев
9 туохтуур #
Дьэҥкэ, ырылхай буола үөскээн таҕыс, чопчу билин (хол., санаа)
Нууччалыы Возникать, приходить, появляться (напр., желание, мысль)
Ол кэмнэр, ахтыллан, мин өйбөр кэлэннэр, Оҕо саас оһуордаах күннэрин санаатым. Күннүк Уурастыырап Сеня бүгүҥҥү күннээҕи эрэйдэммит сылаата кэлэн эмискэ саба түспүттүү, илиитэ-атаҕа сэниэтэ суох буоллулар.
Н. ЛугиновНиколай Гаврилович ону-маны сэһэргэһиэх санаата кэлбитэ П. Филиппов
10 туохтуур #
Төһө эрэ буолан таҕыс (туох эмэ түмүгэ курдук)
Нууччалыы Получаться; доставаться; добываться (о чем-л. как результате деятельности)
Бырама диэн күөлтэн бэрт элбэх собо балык кэлбитин үллэстибиттэр. Саха фольк Бу дойдуттан сааһыгар аҕыс уон бугултан ордук кэлбитин өйдөөбөппүн. Амма Аччыгыйа Сыл тахсар аһа кэлэн, Оҕонньор үөһэ тыынар Күннүк Уурастыырап
11 туохтуур #
Эбилин, баар таһымҥыттан элбээ
Нууччалыы Увеличиться в объеме; прибывать (о воде). [Өрүскэ] бөлүүн уу кэлбит
Лоҥкуудаҕа үс сыл субуруччу уу кэллэ М. Доҕордуурап
12 туохтуур #
Ханнык эмэ хайааһын, быһаарыы кэнниттэн тугу эмэ ситис
Нууччалыы Достигнуть, добиться чего-л. (в результате каких-л. действий), приходить к чему-л. (решению, выводу)
Саха норуота манныкка [албан аакка] бэйэтин героизмын уонна тулуурдаах сыратын түмүгэр эрэ кэлбитэ.
Суорун ОмоллоонМаннык түмүккэ кэллэ. Н. Габышев Өр кэпсэттилэр да, ханнык да быһаарыыга кэлбэтилэр Н. Заболоцкай
13 туохтуур #
Туох эмэ иһиттэн, быыһыттан таска таҕыс
Нууччалыы Выступить, проступить, показаться (что-л. жидкое); навернуться, набежать (напр., слезы)
Бурхалей хараҕын уута халыйан кэлэр. Эрилик Эристиин Сыыҥтаан бар гыннарда. Муннуттан кэлбити кэрэхсээбиттии, ытыһын одууласта, -- түргэнник илгэн кэбистэ. Амма Аччыгыйа [Ынах эмиийиттэн] туох да кэлбэт, хааппыланан эрэ тахсар, сыстаҥнас баҕайы В. Яковлев
14 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ кэргэн, ойох буол
Нууччалыы Выходить замуж, становиться чьей-л. женой. [Күлүк:] Ол кыыһын мин билсэн, кини миэхэ кэлиэх буолан, мин кинини хайаан да ылыах буолан, тыл бэрсибиппит
Ол кыыс сөбүлээбэт буоллаҕына миэхэ кэлиэ суоҕа. Н. Неустроев Итэҕэйэбин барытын, Анфиса. Хайдах бааргынан - кэл миэхэ! Н. Габышев
15 туохтуур #
Ханыылаахтык, элбэхтик үөскээ, ууһаа
Нууччалыы Размножаться, плодиться, множиться
Аҕам аах сүөһүлэрэ кэлбэккэ дьадайан испиттэрэ.
Суорун Омоллоон"Кэлбэт ыал, - диир норуот номоҕо, - Иирсээннээх буолааччы өрүүтүн". Р. Баҕатаайыскай [Чугас урууларын] быһа холуйан, алта уонча киһи буолуо диэччи. Сахалыы быһатын эттэххэ, кэлбит ийэ ууһун киһитэ эбит ХС
16 туохтуур #
көмө туохт. суолт
17 туохтуур #
Хайааһын эмискэ, соһуччу саҕаланарын эбэтэр оҥоһуллар күүһэ эбиллэн иһэрин көрдөрөр
Нууччалыы Обозначает неожиданное возникновение или энергичное нарастание действия
18 туохтуур #
Хайааччы биир туруктан атын турукка киирэрин көрдөрөр
Нууччалыы Показывает смену состояния (названном основным гл.)
19 этии #
Нууччалыы Непоседа
Этиилэр
Иһэ кэлбит көр ис IV
[Ынах] Буугунуур, Бууннуур, иһэ кэлбэт, Иэтэн биэрбэт. С. Тимофеев. Санаата кэлбэт - кими-тугу эмэ сөбүлээбэт; гыныан баҕарбат, баҕата суох.
Нет желания делать что-л.; душа не лежит к кому-чему-л.
Собо диэн кэлээхтиэ дуо, быйыл балык мөлтөх быһыылаах. Эбэ тоҕо эрэ санаата кэлбэтэх. Н. Неустроев Дьиэтин иһигэр ону-маны үлэлиэн санаата кэлбэт, туппута барыта илиититтэн мүччү түһэр. ХС
Өссө холобурдар (4)
Мантан ыла саҥата суох сырыттылар. Бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтиһиэхтэрин да санаалара кэлбэт. ХС Санаата кэлэн - ис сүрэҕиттэн баҕаран, өрө көтөҕүллэн. Охотно, с охотой, желанием, рвением, настроением. Ыанньыксыттар санаалара кэлэн, үлэлэрэ-хамнастара күүрэн, күүркэйэн истэ. С. Никифоров Дьиҥинэн ыллахха, Сергей звеневодтуон сөп этэ, санаата кэлэн баарынан-суоҕунан үлэлиэ этэ. В. Яковлев Кини санаата кэлэн уһаммыт киһитигэр тугу барытын бэрт өр үйэлээх, модьу-таҕа, үчүгэй гына оҥороро. К. Ут кин
20 этии #
Нууччалыы Клонить ко сну
Уута кэллэ - утуктаата, утуйуон баҕарда Ыстапаан сытта да, уута букатын кэлбэтэ. А. Софронов Күөрэгэй хамсаабакка олорор буолан уута кэллэ. Т. Сметанин Ананий хас да хонукка утуйбатах буолан, уута кэлэн хараҕа силимнэһэ-силимнэһэ, утуктаан барда. М. Доҕордуурап